пятница, 19 марта 2021 г.

БиблиоКүн - 2021

           

Ежегодно 2 апреля весь мир отмечает Международный день детской книги. Дата празднования выбрана не случайно – в этот день родился великий датский сказочник Ганс Христиан Андерсен.

Праздник впервые отмечали в 1967 г. Инициатором его создания стала организация под названием «Международный совет по детской книге», а точнее, ее основатель  – немецкая писательница, журналист и переводчик Йелла Лепман, которая практически всю свою удивительную жизнь посвятила детям и детской литературе.


  Она переводила и редактировала множество детской и юношеской литературы, сама написала несколько книг для детей, а также основала Международную юношескую библиотеку, представляющую собой профессионально составленный сборник лучших детских книг писателей мира. И верила, что через хорошую книгу ребенок может соприкоснуться с другими культурами, с людьми других национальностей и, открывая своеобразие и особенности чужого опыта, обнаружить, как много общего в мыслях и чувствах людей, на первый взгляд, на тебя непохожих.

                                                                        

                          А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан
Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын
 иитэр үлэтэ уонна информационнай киин-медиатеката
 
БиблиоКүн - 2021 айар үлэ күрэҕэр гимназия үөрэнээччилэрин ыҥырар!
Сыала-соруга:
- оҕо тылын-өһүн, уус-ураннык ааҕар, айар дьоҕурун, тутта-хапта сылдьарын сайыннарыы;
- оҕону кэрэ алыптаах эйгэтигэр уһуйуу;
- айымньы нөҥүө үөрэнээччигэ үтүө- кэрэ санаа түстэниитин иҥэрии.
Күрэх кыттыылаахтара: 1-11 кылаас үөрэнээччилэрэ

Ыытыллар тэрээһиннэр

Кыттар кылаас

Ис хоһооно

Буолар сирэ

1

«21 сирэй» ааҕыы күрэҕэ

кылаастан биирдии оҕо

Үөрэнээччилэр полкаттан ыйыллыбыт суруйааччылар айымньыларын булан дорҕоонноохтук, уустаан-ураннаан үс тылынан ааҕан иһитиннэрэллэр.

Ааҕар саала


2

Тэттик бэйэ кинигэтин оҥоруу

1 - 4,

5-8 кыл

Россияҕа “Наука” сылыгар аналлаах үөрэнээччи төрөппүтүн кытта айбыт, эксперименнээбит, кэтээн көрбүт опыттарын, хайдах толкуйдаабыттарынан сиэдэрэйдик киэргэтэн суруйаллар, оҥороллор. (кинигэ матырыйаала көҥүл)

Дьиэҕэ сорудах

3

«Чөл турук - чөл өй-санаа» хоһоон күрэҕэ

1-4 кыл

Доруобуйа сылыгар анаан кэтэхтэн хоһоон күрэҕэ (видеоҕа устан ыыталлар)

кэтэхтэн

4

“Ааҕааччыга сүрэхтэнии”

1 кыл

Библиотечнай уруоктар

Ааҕар саала

5

“Биһиги таптыыр геройдарбыт” виртуальнай фотовыставка

1-11 кыл

Сөбүлүүр айымньыларын геройдарын уобараһын биирдиилээн эбэтэр дьиэ кэргэнинэн хаартыскаҕа түһэн көрдөрөллөр

 

 

6

Презентация книг

8-11 кл

Презентация книг автора Тотального диктанта – 2021 в г. Якутске Д. Глуховского

Илларио нова В.И.

 
Бириэмэтэ: үлэни кулун тутар 30 күнүгэр диэри Информационнай киин-медитекаҕа, solannaaf@mail.ru эбэтэр burokvas@mail.ru тиксэрэҕит.
Айар үлэ түмүктэрэ муус устар 2 күнүгэр биллиэҕэ. Бары кыттааччыларга туоһу сурук, кыайыылахтар I,II,III миэстэ хайҕал суругунан бэлиэтэниэхтэрэ.

Көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар көрдөһөбүт.


понедельник, 15 февраля 2021 г.

«Дьиэ кэргэним үйэлээх үтүө үгэстэрэ» айар үлэ күрэҕин түмүгэ

 «Дьиэ кэргэним үйэлээх үтүө үгэстэрэ» айар үлэ күрэҕин түмүгэ

Биһиги гимназиябытыгар “Ааҕыы көлүөнэни ситимниир” проект чэрчитинэн, Саха сиригэр Доруобуйа сылынан, Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө, «Дьиэ кэргэним үйэлээх үтүө үгэстэрэ» айар үлэ күрэҕэ: «Чөл туруктаах дьиэ кэргэн - олоххо бигэ тирэхтээх», «Чэгиэн буолуу - дьоллоох олох мэктиэтэ», «Чөл турук - чөл өй-санаа», «Эбэ, эһэ үтүө сүбэтэ», "Чөл олоҕу тутуһуоҥ - уһун, дьоллоох үйэлэниэҥ" түһүмэхтэринэн кэтэхтэн күрэх ыытылынна.

Хас биирдии дьиэ кэргэн күрэххэ бэриллибит түһүмэхтэртэн биири талан, көҥүл көрүҥнээх (өйтөн суруйуу, презентация, видео-кэпсээн, кыракый кинигэ) олус интэриэһинэйдик, сатабыллаахтык, кыһаллан оҥорон кытынна. Чөл, бигэ туруктаах буолуу үтүө үгэстэрин үйэтитэн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбитин олус сонуннук көрдөрдүлэр, кэпсээтилэр.

Дьүүллүүр сүбэ бары үлэлэри сыаналаан, кыайыылаахтары быһаарда.

«Дьиэ кэргэним үйэлээх үтүө үгэстэрэ» кэтэхтэн айар үлэ күрэҕин түмүгэ:

«Чөл туруктаах дьиэ кэргэн - олоххо бигэ тирэхтээх»: С., С. Докторовтар (4 “А”, 6 “Б”) – Кылаан кыайыылаах, Захарова В., 5 б – 1 миэстэ, Васильева С., 3 а – 2 миэстэ

«Чэгиэн буолуу - дьоллоох олох мэктиэтэ»: И., Л. Куприяновтар (2 “А”, 4 “В”) – Кылаан кыайыылаах, Корякина К., 1 б – 1 миэстэ, Васильева С., 1 а – 2 миэстэ;

«Чөл турук - чөл өй-санаа»: Васильева С., 4 в – Кылаан кыайыылаах, Федоров Я., 3 в – 1 миэстэ;

«Эбэ, эһэ үтүө сүбэтэ»: Игнатьева А., 2 б – Кылаан кыайыылаах, Федорова С., 2 а – 1 миэстэ, Гаврильев Т., 2 б (кинигэ) – 1 миэстэ, Капрынов А., 2 б – 2 миэстэ, Билюкин И., 3 б – 3 миэстэ;

"Чөл олоҕу тутуһуоҥ - уһун, дьоллоох үйэлэниэҥ": Филиппов А., 4 в – 1 миэстэ;

Орто сүһүөхтэргэ

«Эбэ, эһэ үтүө сүбэтэ»: Матвеева С., 6г – Кылаан кыайыылаах, Ануфрьев Р., 6 г – 1 миэстэ, Протодьяконов С., 6 г – 2 миэстэ;

«Чэгиэн буолуу - дьоллоох олох мэктиэтэ»: Иванова С., 6 г (өйтөн суруйуу) – 1 миэстэ, Алексеева В., 7 б – 1 миэстэ

«Чөл турук - чөл өй-санаа»: Анисимова А., 7 б (өйтөн суруйуу) – 1 миэстэ

Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит! Инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.    

Бары киирбит үлэлэринэн төрөппүттэргэ ыытыллар педвсеобучка бэйэлэрин холобурдарын кэпсиэхтэрэ, уопуттарын атастаһыахтара.

Докторовтар, Куприяновтар дьиэ кэргэн, Игнатьева А., Матвеева С., Васильева С., Алексеева В., Билюкин И., Федоров Я., Ануфрьев Р. «Чирээйэптии ааҕыы» конференцияҕа көхтөөх кыттыыны ылыахтара.

среда, 27 января 2021 г.

День полного освобождения Ленинграда от фашистской блокады


 Ежегодно 27 января в нашей стране отмечается День полного освобождения Ленинграда от фашистской блокады (1944 год). Это День воинской славы России, который был установлен в соответствии с Федеральным законом «О днях воинской славы (победных днях) России» от 13 марта 1995 года. 27 января 1944 года закончилась героическая оборона города на Неве, продолжавшаяся на протяжении 872 дней. Немецким войскам так и не удалось вступить в город, сломить сопротивление и дух его защитников.

Битва за Ленинград стала одним из важнейших сражений Второй мировой войны и самым продолжительным в годы Великой Отечественной войны. Она стала символом мужества и самоотверженности защитников города. Ни страшный голод, ни холод, ни постоянные артиллерийские обстрелы и бомбардировки не смогли сломить волю защитников и жителей блокадного города. Несмотря на ужасные лишения и испытания, которые выпали на долю этих людей, ленинградцы выстояли, спасли свой город от захватчиков. Беспримерный подвиг жителей и защитников города навсегда остался в российской истории символом отваги, стойкости, величия духа и любви к нашей Родине.

Упорная оборона защитников Ленинграда сковала крупные силы германской армии, а также практически все силы финской армии. Это, несомненно, способствовало победам Красной Армии на других участках советско-германского фронта. При этом, даже находясь в блокаде, предприятия Ленинграда не прекращали выпуск продукции военного назначения, которая использовалась не только при обороне самого города, но и вывозилась на «большую землю», где также использовалась против захватчиков.





пятница, 15 января 2021 г.

“Дьиэ кэргэним үйэлээх үтүө үгэстэрэ” айар үлэ күрэҕин балаһыанньата

 А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын иитэр үлэтэ уонна информационнай киин-медиатеката 2021сыл Саха сиригэр Доруобуйа сыла биллэриллибитинэн, “Ааҕыы көлүөнэни ситимниир” проект чэрчитинэн, “Дьиэ кэргэним үйэлээх үтүө үгэстэрэ” айар үлэ күрэҕэр  гимназия үөрэнээччилэрин ыҥырар!

Күрэх балаһыанньата

Сыала-соруга: Үөрэнээччи айар дьоҕурун сайыннарыы, чөл, чэгиэн туруктаах буолууну, дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин, дьарыктарын үйэтитии.

Күрэх кыттыылаахтара: 1-11 кылаас үөрэнээччилэрэ

Айар үлэ темалара:

-         «Чөл туруктаах дьиэ кэргэн - олоххо бигэ тирэхтээх»

-         «Чэгиэн буолуу - дьоллоох олох мэктиэтэ»

-         «Чөл турук - чөл өй-санаа»

-         «Эбэ, эһэ үтүө сүбэтэ»

-         «Чөл олоҕу тутуһуоҥ - уһун, дьоллоох үйэлэниэҥ”

Айар үлэ күрэҕин көрүҥэ: бэриллибит темалартан биири талан, дьиэ кэргэнинэн, көҥүл көрүҥнээхтик

-         өйтөн суруйуу,

-         презентация,

-         видео-кэпсээн,

-         кыракый кинигэ

Бириэмэтэ: үлэни олунньу 10 күнүгэр диэри Информационнай киин-медитекаҕа, solannaaf@mail.ru, burokvas@mail.ru тиксэрэҕит

Айар үлэлэр түмүктэрэ олунньу 13 күнүгэр –“ Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик” күнүгэр биллиэҕэ. Бары кыттааччыларга туоһу сурук, кыайыылахтар кылаастарынан араарыллан, анал аатынан I,II,III миэстэ диэн бэлиэтэниэхтэрэ.

Көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар көрдөһөбүт.

вторник, 15 декабря 2020 г.

Николай Денисович Неустроев төрөөбүтэ 125 сыла

Саха литературатын төрүттэспит үс реалист суруйааччылартан биирдэстэрэ, сахалартан бастакы комедиограф, драматург, тылбаасчыт Николай Денисович 1895 с. ахсынньы 15 күнүгэр Байаҕантай улууһун 1V-с Байаҕантай нэһилиэгэр, орто бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.

Николай Денисович уус-уран суруйуунан 1912 сылтан дьарыгырбыта. Бастакы айымньыта 1915с. Дьокуускайга кылгас кэмҥэ тахса сылдьыбыт «Ленские волны» диэн демократическай сурунаалга бэчээттэммитэ. Онно кини Н.Бельскэй диэн илии баттаан нууччалыы «Улусные картинки» диэн очерканы таһаартарбыта. Бастыҥ комедията "Кукаакы Кулуба" 1920 с. суруллубута. Саха драмтеатра кини суруйбут "Kyhaҕaн тыын" драматынан үлэтин саҕалаабыта (1925 с.) "Балыксыт" кэпсээнэ саха классикaтыгаp киирэр. Неустроев үөрэммит оскуолата — нуучча литературата. Нууччалыы тылынан суруллубут аан бастакы кэпсээнэ "Дикая жизнь" 1917 с. бэчээттэммитэ, комедия жанрын төрүттээбитэ. Нууччалыы кэпсээннэри суруйбутун тэҥэ, өссө революция иннинэ Платон Ойуунускайдыын Н.В.Гоголь "Ревизорун" сахалыы саҥардыспыта.

Николай Денисович Неустроев төрөөбүт норуотугар, дойдутугар үйэ саас тухары өлбөт-сүппэт үтүөнү, килбиэни сүтэрбэт кэрэни хаалларбыта – ол кини аптаах тыллаах сүрэхтэн сүппэт суруйуулара буолаллар. Суруйааччы өйө-санаата, кини төрөөбүт дойдутугар, норуотугар сыһыана -айымньыларыгар көстөр.



вторник, 1 декабря 2020 г.

«Читающая мама – читающая нация»

 Бүтүн Россиятааҕы “Читающая мама – читающая школа – читающая страна” проект чэрчитинэн, Россия ийэлэрин күнүгэр сөп түбэһиннэрэн Бүтүн Россиятааҕы “Матери России” хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын, С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт көҕүлээһиннэринэн республиканскай «Читающая мама — читающая нация» онлайн – күрэх буолан ааста.
    Бу күрэх республикабытыгар иккис төгүл ыытылынна. Бастакы күрэх 2016 сыллаахха «Созвездие» библиотекаҕа үрдүк таһымнаахтык буолан ааспыта. Онно биһиги гимназиябытыттан Анна-Мария Кривогорницына (4 "б" кылаас) ийэтинээн Екатерина Анатольевналыын кыттан, кыайыылаах үрдүк аатын ылан, Бүтүн Россиятааҕы Океан лааҕырга путевка тутан, астына-дуоһуйа үөрэнэн, сынньанан кэлбитэ.
   Быйылгы «Читающая мама — читающая нация» күрэх арыый ураты форматтаах буолла. Республикабыт 17 улууһуттан уопсайа 58 дьиэ кэргэн, ол иһигэр биһиги гимназиябытыттан 6 дьиэ кэргэн олус эппиэтинэстээхтик бэлэмнэнэн кытыннылар. Еттянов Коля (5в” кылаас) ийэтинээн Анегина Егоровналыын, Докторова Сардаана (6б” кылаасийэтинээн Анна Николаевналыын уонна быраата Сандал (4а” кылаасаҕалара Дмитрий Святославовичтыын олус сэргэхтик кытыннылар. Докторовтар дьиэ кэргэн куорат, республика таһымнаах араас күрэхтэргэ биһиги гимназиябыт чиэһин үгүстүк ситиһиилээхтик көмүскээбиттэрэ.   
 Дьүүллүүр сүбэ үрдүк биһирэбилин ылбыт 6 г кылаас коллективын (кылаас салайааччыта Ксенофонтова Христина Михайловна) дьиэ-кэргэттэрэ: Афанасьева София Валентиновна уолунаан Сандаллыын, Дмитриева Евдокия Марковна уолунаан Алексейдыын, Ануфриева Анна Афанасьевна уолунаан Рустамныын, Иванова Варвара Николаевна уолунаан Станиславтыын, күргүөмүнэн олус уратытык кыттаннар “Лучший педагог семейного чтения” диэн анал аатынан бэлиэтэннилэр.