«Дьиэ кэргэним үйэлээх үтүө үгэстэрэ» айар үлэ күрэҕин түмүгэ
Биһиги гимназиябытыгар “Ааҕыы көлүөнэни ситимниир” проект чэрчитинэн, Саха сиригэр Доруобуйа сылынан, Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө, «Дьиэ кэргэним үйэлээх үтүө үгэстэрэ» айар үлэ күрэҕэ: «Чөл туруктаах дьиэ кэргэн - олоххо бигэ тирэхтээх», «Чэгиэн буолуу - дьоллоох олох мэктиэтэ», «Чөл турук - чөл өй-санаа», «Эбэ, эһэ үтүө сүбэтэ», "Чөл олоҕу тутуһуоҥ - уһун, дьоллоох үйэлэниэҥ" түһүмэхтэринэн кэтэхтэн күрэх ыытылынна.
Хас биирдии дьиэ кэргэн күрэххэ бэриллибит түһүмэхтэртэн биири талан, көҥүл көрүҥнээх (өйтөн суруйуу, презентация, видео-кэпсээн, кыракый кинигэ) олус интэриэһинэйдик, сатабыллаахтык, кыһаллан оҥорон кытынна. Чөл, бигэ туруктаах буолуу үтүө үгэстэрин үйэтитэн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбитин олус сонуннук көрдөрдүлэр, кэпсээтилэр.
Дьүүллүүр сүбэ бары үлэлэри сыаналаан, кыайыылаахтары
быһаарда.
«Дьиэ кэргэним үйэлээх үтүө үгэстэрэ» кэтэхтэн айар
үлэ күрэҕин түмүгэ:
«Чөл туруктаах
дьиэ кэргэн - олоххо бигэ тирэхтээх»: С., С. Докторовтар (4
“А”, 6 “Б”) – Кылаан кыайыылаах, Захарова В., 5 б – 1 миэстэ, Васильева С., 3 а
– 2 миэстэ
«Чэгиэн буолуу
- дьоллоох олох мэктиэтэ»: И., Л. Куприяновтар (2 “А”, 4 “В”) – Кылаан
кыайыылаах, Корякина К., 1 б – 1 миэстэ, Васильева С., 1 а – 2 миэстэ;
«Чөл турук - чөл өй-санаа»: Васильева С., 4 в – Кылаан кыайыылаах, Федоров Я.,
3 в – 1 миэстэ;
«Эбэ, эһэ үтүө сүбэтэ»: Игнатьева А., 2 б – Кылаан кыайыылаах, Федорова
С., 2 а – 1 миэстэ, Гаврильев Т., 2 б (кинигэ) – 1 миэстэ, Капрынов А., 2 б – 2
миэстэ, Билюкин И., 3 б – 3 миэстэ;
"Чөл олоҕу тутуһуоҥ - уһун, дьоллоох
үйэлэниэҥ": Филиппов А., 4 в
– 1 миэстэ;
Орто сүһүөхтэргэ
«Эбэ, эһэ үтүө сүбэтэ»: Матвеева С., 6г – Кылаан кыайыылаах, Ануфрьев Р., 6
г – 1 миэстэ, Протодьяконов С., 6 г – 2 миэстэ;
«Чэгиэн буолуу - дьоллоох олох мэктиэтэ»: Иванова С., 6 г (өйтөн суруйуу) – 1 миэстэ, Алексеева
В., 7 б – 1 миэстэ
«Чөл турук - чөл өй-санаа»: Анисимова А., 7 б (өйтөн суруйуу) – 1 миэстэ
Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит! Инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Бары киирбит үлэлэринэн төрөппүттэргэ ыытыллар педвсеобучка бэйэлэрин холобурдарын кэпсиэхтэрэ, уопуттарын атастаһыахтара.
Докторовтар, Куприяновтар дьиэ кэргэн, Игнатьева А., Матвеева С., Васильева С., Алексеева В., Билюкин И., Федоров Я., Ануфрьев Р. «Чирээйэптии ааҕыы» конференцияҕа көхтөөх кыттыыны ылыахтара.
Комментариев нет:
Отправить комментарий