пятница, 15 января 2021 г.

“Дьиэ кэргэним үйэлээх үтүө үгэстэрэ” айар үлэ күрэҕин балаһыанньата

 А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын иитэр үлэтэ уонна информационнай киин-медиатеката 2021сыл Саха сиригэр Доруобуйа сыла биллэриллибитинэн, “Ааҕыы көлүөнэни ситимниир” проект чэрчитинэн, “Дьиэ кэргэним үйэлээх үтүө үгэстэрэ” айар үлэ күрэҕэр  гимназия үөрэнээччилэрин ыҥырар!

Күрэх балаһыанньата

Сыала-соруга: Үөрэнээччи айар дьоҕурун сайыннарыы, чөл, чэгиэн туруктаах буолууну, дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин, дьарыктарын үйэтитии.

Күрэх кыттыылаахтара: 1-11 кылаас үөрэнээччилэрэ

Айар үлэ темалара:

-         «Чөл туруктаах дьиэ кэргэн - олоххо бигэ тирэхтээх»

-         «Чэгиэн буолуу - дьоллоох олох мэктиэтэ»

-         «Чөл турук - чөл өй-санаа»

-         «Эбэ, эһэ үтүө сүбэтэ»

-         «Чөл олоҕу тутуһуоҥ - уһун, дьоллоох үйэлэниэҥ”

Айар үлэ күрэҕин көрүҥэ: бэриллибит темалартан биири талан, дьиэ кэргэнинэн, көҥүл көрүҥнээхтик

-         өйтөн суруйуу,

-         презентация,

-         видео-кэпсээн,

-         кыракый кинигэ

Бириэмэтэ: үлэни олунньу 10 күнүгэр диэри Информационнай киин-медитекаҕа, solannaaf@mail.ru, burokvas@mail.ru тиксэрэҕит

Айар үлэлэр түмүктэрэ олунньу 13 күнүгэр –“ Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик” күнүгэр биллиэҕэ. Бары кыттааччыларга туоһу сурук, кыайыылахтар кылаастарынан араарыллан, анал аатынан I,II,III миэстэ диэн бэлиэтэниэхтэрэ.

Көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар көрдөһөбүт.

Комментариев нет:

Отправить комментарий