Саха
литературатын төрүттэспит үс реалист суруйааччылартан биирдэстэрэ, сахалартан
бастакы комедиограф, драматург, тылбаасчыт Николай Денисович 1895 с. ахсынньы
15 күнүгэр Байаҕантай улууһун 1V-с Байаҕантай нэһилиэгэр, орто бааһынай дьиэ
кэргэнигэр төрөөбүтэ.
Николай Денисович уус-уран суруйуунан 1912 сылтан дьарыгырбыта. Бастакы айымньыта 1915с.
Дьокуускайга кылгас кэмҥэ тахса сылдьыбыт «Ленские волны» диэн демократическай
сурунаалга бэчээттэммитэ. Онно кини Н.Бельскэй диэн илии баттаан нууччалыы
«Улусные картинки» диэн очерканы таһаартарбыта. Бастыҥ комедията "Кукаакы
Кулуба" 1920 с. суруллубута. Саха драмтеатра кини суруйбут "Kyhaҕaн
тыын" драматынан үлэтин саҕалаабыта (1925 с.) "Балыксыт"
кэпсээнэ саха классикaтыгаp киирэр. Неустроев үөрэммит оскуолата — нуучча
литературата. Нууччалыы тылынан суруллубут аан бастакы кэпсээнэ "Дикая
жизнь" 1917 с. бэчээттэммитэ, комедия жанрын төрүттээбитэ. Нууччалыы
кэпсээннэри суруйбутун тэҥэ, өссө революция иннинэ Платон Ойуунускайдыын
Н.В.Гоголь "Ревизорун" сахалыы саҥардыспыта.
Николай
Денисович Неустроев төрөөбүт норуотугар, дойдутугар үйэ саас тухары өлбөт-сүппэт
үтүөнү, килбиэни сүтэрбэт кэрэни хаалларбыта – ол кини аптаах тыллаах сүрэхтэн
сүппэт суруйуулара буолаллар. Суруйааччы өйө-санаата, кини төрөөбүт дойдутугар,
норуотугар сыһыана -айымньыларыгар көстөр.
- Неустроев Н.Д. Кукаакы кулуба; комедия
- Неустроев Николай Денисович. Тимир дьон оҕолоро: Пьеса
- Неустроев Николай Денисович. Пьесалар, кэпсээннэр
Комментариев нет:
Отправить комментарий