пятница, 27 октября 2023 г.

Оҕо аймах тапталлаах суруйааччыта

 




Медиатека киинин тэрийиитинэн, саха народнай поэта, оҕо аймах тапталлаах суруйааччыта Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүтэ 106 сылыгар анаан орто сүһүөх кылаастар литературнай оонньуу түһүлгэтигэр күөн көрүстүлэр. Үөрэнээччилэр күрэххэ суруйааччы олоҕун, айар үлэтин төһө билэллэрин бигэргэтэн тургутукка хоруйдаатылар, Тобуруокаптыы айар үлэ умсулҕаныгар ылларан хоһоон айарга холоннулар, Тобуруокап айымньыларынан гимназия үөрэнээччилэрэ кыттыылаах тэттик киинэлэри көрдүлэр.

 Гимназиябыт дириэктэрин сүбэһитэ Александр Макаров, саха тылын уонна литературатын учуутала идэҕэ уһуйулла сылдьар устудьуон уолаттар Афанасий уонна Максим - дьүүллүүр сүбэ буолан, сыанабыл биэрдилэр, түмүгү таһаардылар. 

1 миэстэ - 7 "а"  кылаас хамаандата, 2 миэстэ - 6 "а" кылаас хамаандата, 3 миэстэ - 7 "в" кылаас хамаандата кыайыы өрөгөйүн билэн үөрдүлэр-көттүлэр. 

Бары кыттыбыт хамаандаларга, кылаас салайааччыларыгар барҕа махталбытын истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит!

понедельник, 16 октября 2023 г.

"Үрүҥ хаар алгыһа"

«Благодать большого снега» - «Үрүҥ хаар алгыһа» VII норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия фестивалын чэрчитинэн, биллэр-көстөр суоллаах-иистээх суруйааччылар Исадилов Алмат Муратович (Татарстан), Айрат Бик-Булатов (Казань), Сергей Гловюк (Москва) ыалдьыттаатылар. Көрсүһүүгэ гимназия 8-ыс кылааһын үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар. Суруйааччылар айар үлэлэриттэн дорҕоонноохтук ааҕан билиһиннэрдилэр, оҕолор ыйытыктарыгар хоруйдаатылар. Гимназия библиотекатыгар бастыҥ баҕа санааларын анаан туран, айымньыларын бэлэхтээтилэр.






Үүнэ-сайда тур, Сахам Сирэ!

 

Оҕо музейнай киинэ, салайааччы Гоголева С.А. уонна медиатека холбоһуктаах Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр аналлаах  библиотечнай урок буолан ааста. Үөрэнээччилэр "Дьүкээбил суһума" ("Под северным сиянием") быыстапкаҕа өрөспүүбүлүкэбит хотугу улуустарыттан төрүттээх СӨ норуодунай худуоһунньуга Николай Курилов, Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Елизавета Третьякова, дьүкээгир эдэр худуоһунньуга Екатерина Суржанинова, Анаабыр улууһун олохтоохторо Анисья Сивцева, Дмитрий Кылтасов, Спиридон Попов.  Сахабыт сирин уһуга көстүбэт туундаратын дьикти-кэрэ көстүүлэрин, дьүкээбил суһумун, хоту дойду хоһуун дьонун-сэргэтин дьүһүйбүт  үлэлэрин кытта билистилэр, Саха автономията, суудаарыстыбаннаһа хайдах тэриллибитин туһунан кэпсээни иһиттилэр. Төрөөбүт дойдуга уонна худуоһунньуктар үлэлэригэр аналлаах хоһооннору аахтылар.

5 "б" кылаас үөрэнээччилэрэ.Кылаас салайааччыта Илларионова В.И.
5 "б" кылаас үөрэнээччилэрэ.Кылаас салайааччыта Илларионова В.И.
Видео төрөппүт көҥүлүнэн сайтка угулунна.




четверг, 21 сентября 2023 г.

«Кыра тыгын» айымньы тула истиҥ сэһэргэһии

 




Балаҕан ыйын 19 күнүгэр Оҕо арыллар, ааҕар киинин үлэһиттэрэ А.Г., Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия 10 «а» кылааһын үөрэнээччилэригэр анаан (кыл.сал. Кириллина К.Т.) Антуан де Сент-Экзюпери «Кыра тыгын» айымньытынан интерактивнай квиз-оонньуу ыыттылар.

Аан дойдуга аатырбыт айымньы быйыл суруллубута 80 сылын бэлиэтээбитэ. Бу кинигэ ааҕааччыны сааһыттан тутулуга суох дириҥник толкуйдатар сүдү күүстээх.

Үөрэнээччилэр икки хамаандаҕа арахсан билиилэрин-көрүүлэрин тургутан көрдүлэр. Айымньы ис хоһоонун бииргэ олорон  ырытыстылар, сөптөөх хоруйдары тобуллулар. Ол кинилэр айымньыны ымпыгар-чымпыгар диэри аахпыттарын, дириҥ ис хоһоонун өйдөөбүттэрин туоһулуур.

Күрэх түмүгүнэн хамаандалар бааллара тэҥнэһэн, бары бибилэтиэкэ аатыттан кинигэ бириис ылан үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Оттон оонньууну алтынньы ый саҕаланыыта «Саха» НКИХ саҥа «Сайдыс» биэриитигэр көрүөххүтүн сөп.

Текст Telegram ситимиттэн ылылынна.

"Мин Ойуунускайым" квест-оонньууга гимназиябыт үөрэнээччилэрэ кытыннылар


 ️                 


Аныгы үйэҕэ оҕону-ыччаты аралдьытар араас дьайыы (интэриниэт, ютюб, көмпүүтэр оонньуу) элбэҕэр үөрэх методикатыгар үгэс буолбут ньымалары тэҥэ сэргэх, сонун сыһыаны олохтуур хаһааҥҥытааҕар да ордук наада буолла

Тылга-литератураҕа болҕомто тардар биир сонун ньыма квест-оонньуу буолуон сөп диэн санаанан салайтаран, балаҕан ыйын 18 күнүгэр РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын института уонна «Ааҕар Саха сирэ» түмсүү кыттыһан, П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар, ону тэҥэ институт төрүттэммит күнүгэр-дьылыгар сыһыаннаах «Мин Ойуунускайым» квест-оонньууну тэрийэн ыыттыбыт.

Тэрээһин сыала – оҕо П.А. Ойуунускай олоҕугар, айар үлэтигэр билиитин-көрүүтүн хаҥатыы; саҥарар сатабылга, уран толкуйга сыһыарыы, айымньылаах сыһыаҥҥа уһуйуу; бөлөҕүнэн үлэлиир дьоҕуру сайыннарыы.

Оонньууга А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия 9 кылааһын үөрэнээччилэрэ (салайааччы Ксенофонтова Х.М.) кэлэн кытыннылар.

Оҕолор институт тиэргэнигэр кистэммит бирэдимиэттэри көрдөөтүлэр, бирэдимиэттэр кистэлэҥнэрин таайан, П.Ойуунускайга сыһыаннаах чахчыларга болҕойдулар.

Салгыы түөрт бөлөххө арахсан,  бөлөҕүнэн үлэлээтилэр. Олус кылгас кэм иһигэр, 15 мүнүүтэҕэ, кистэлэҥнээх бирэдимиэттэргэ сигэнэн, оҕолор айар-тутар сатабылларын, кыһамньыларын ууран туран түөрт бэртээхэй бырайыагы айан-тутан таһаардылар.

Дьүүллүүр сүбэ (ГЧИ учуонайдара В.В. Бочкарев, Е.Р. Николаев), тэрийээччилэр (Ноева С.Е., Рожина И.В., Лонгинова М.Е.) уонна көрөөччүлэр оҕолор саҥарар-иҥэрэр таһымнарын, уустаан-ураннаан толкуйдуур дьоҕурдарын, туттан-хаптан турар көрүҥнэрин биһирээтибит, оҕолор бары биир курдук сахалыы таҥас таҥнан кэлбиттэриттэн үөрдүбүт.

          "Мин Ойуунускайым" квест-оонньуу түмүгэр аныгы үйэ оҕотун хараҕынан саха саарына Былатыан Ойуунускай олоҕугар, айар үлэтигэр сыанабыл бэрилиннэ.

Бырайыактарга оҕолор билиилэрэ, саҥарар, ырытар дьоҕурдара ырылыччы көстөн кэллэ. Метафоранан ыйдаҥардан толкуйдаан, дьүүллүүр сүбэ сэҥээриитин ыллылар, ону тэҥэ хамаанда чиэһин көмүскүүр ыксаллаах түгэҥҥэ булугас өйдөөхтөрүнэн кэрэхсэттилэр

“Мин Ойуунускайым” бөлөх оҕолоро П.Ойуунускай олоҕугар, үлэтигэр дириҥ билиилэрин көрдөрдүлэр, онон маҥнайгы миэстэни мөккүөрэ суох ыллыла. “Сэргэх дьон” бөлөх уолаттара Ойуунускай остуолун уобарас быһыытынан ылыммыттара олус сонун буолла (умайа турар кинигэ, алдьаммыт ачыкы личность трагедиятын бэлиэлэрэ буоллахтара).“Эрэл” бөлөх кыттааччылара куйуурдуу турар кырачаан Былатыан уобараһын оҥордулар, ону тэҥэ олоҥхо Аал Луук маһын сириэдитэн таһаардылар. “Ойуунускай сыдьааннара” уолаттар “100 сыллаах улуу былаан” куоратын оҥорон таһаарбыттара, таас уулуссаны, пааматынньыгы, сөмөлүөтү уобарас быһыытынан туһаммыттара ураты сэргэхтик көһүннэ.

 П.А. Ойуунускай сахалартан бастакы лингвистическай наука кандидата, Саха сиригэр маҥнайгы научнай институту тэрийээччи, институт бастакы дириэктэрэ, фольклору хомуйааччы, саха хоһоонугар сонун силлабическай кээмэйи аан маҥнайгынан киллэрбит талааннаах бэйиэт, автономияны олохтооччу, Саха Саарынын быһыытынан чаҕылхай мөссүөнэ ырылхайдык арылынна.

Квест-оонньууттан бары сүргэбит көтөҕүллэн, астынан-дуоһуйан тарҕастыбыт. Оҕолор барахсаттар үөрэн-көтөн, мичилийэн, харахтара уоттанан, этэ-тыына туралларыттан үөрдүбүт. Маннык хабааннаах оонньууну атын оскуола учууталлара, үөрэнээччилэр туһанныннар диэн интэриниэт ситимнэригэр оонньуу сценарийын тарҕатабыт.

 

Текст Ноева Саргылана, РНА СС ГЧИуоХААНПИ научнай үлэһитэ, фил.н.к., «Ааҕар Саха сирэ», “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү кыттааччытын WhatsApp ситимигэр суруйбутуттан ылылынна.

вторник, 23 мая 2023 г.

Пионерия күнэ - "бэҕэһээ уонна бүгүн"

 

Ыам ыйын 19 күнэ — Пионерия күнэ.
Аалай кыһыл хаалтыс баанан, пионер үрдүк аатын сүгүү урут улахан эппиэтинэс уонна үөрүү этэ.
Бу бэлиэ күҥҥэ анаан гимназиябытыгар, пионер буола сылдьан күргүөмнээх үлэни ыыппыт, бүтүн Арассыыйатааҕы Артек лааҕырга тиийэн сынньаммыт, республикабытыгар биллэр-көстөр суолталаах үлэни ыыта, тэрийэ сылдьар дьоммут Татьяна Афанасьевна Гоголева уонна Афанасий Васильевич Мигалкин үтүө-мааны ыалдьыт буолан, үөрэнээччилэри кытта көрүстүлэр.
- Пионердар диэн кимнээхтэрий?
- Хас  сыллаахха пионерга киирбиккитий?
- Дружинаҕыт ким аатын сүгэрэй, бастакы баһаатайгытын өйдүүгүт дуо?
- Пионерияҕа волонтердары дьүөрэлии көрөҕүт? 
- Бу күн туох тэрээһин буоларай? - диэн ыйытыыларга дириҥ ис хоһоонноохтук, олус интириэһинэйдик, билиҥҥи кэми кытта дьүөрэлии тутан ирэ-хоро кэпсээтилэр, үүнэр ыччакка бастыҥ баҕа санааларын анаатылар.








День музея



18 мая, отмечался Международный день музеев. По всей стране проводились Ночь музеев под девизом "История и истории". Литературный музей ИЦМ к этому событию подготовил экспозицию "Счастливая, счастливая пора детства... Детская Николеньки Иртеньева" по повести Л.Н.Толстого "Детство", посвящённую 195-летию великого русского писателя. В экспозиции представлены спальная, учебная, столовая и ванная зоны комнаты дворянского ребёнка XIX века с аутентичными предметами быта XIX века. Во второй части экскурсии педагог-библиотекарь О.В.Бурнашева проводила мастер-класс по изготовлению птицы Павлин в технике оригами, по сказке Толстого. Экскурсии проводились в течение месяца согласно заявкам: 4б, 5а, 6б, 7б, 8б классы и группы. В отзывах дети пишут: "Мне очень понравился мини-музей", "Хотелось бы ещё побывать в подобных музеях". В прошлом году экспозиция литературного музея посвящалась 200-летию Ф.М.Достоевского и представляла собой макет его квартиры в Санкт-Петербурге.