Балаҕан ыйын 19 күнүгэр Оҕо арыллар, ааҕар киинин үлэһиттэрэ А.Г., Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия 10 «а» кылааһын үөрэнээччилэригэр анаан (кыл.сал. Кириллина К.Т.) Антуан де Сент-Экзюпери «Кыра тыгын» айымньытынан интерактивнай квиз-оонньуу ыыттылар.
Аан дойдуга аатырбыт айымньы быйыл суруллубута 80 сылын бэлиэтээбитэ. Бу кинигэ ааҕааччыны сааһыттан тутулуга суох дириҥник толкуйдатар сүдү күүстээх.
Үөрэнээччилэр икки хамаандаҕа арахсан билиилэрин-көрүүлэрин тургутан көрдүлэр. Айымньы ис хоһоонун бииргэ олорон ырытыстылар, сөптөөх хоруйдары тобуллулар. Ол кинилэр айымньыны ымпыгар-чымпыгар диэри аахпыттарын, дириҥ ис хоһоонун өйдөөбүттэрин туоһулуур.
Күрэх түмүгүнэн хамаандалар бааллара тэҥнэһэн, бары бибилэтиэкэ аатыттан кинигэ бириис ылан үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Оттон оонньууну алтынньы ый саҕаланыыта «Саха» НКИХ саҥа «Сайдыс» биэриитигэр көрүөххүтүн сөп.
Текст Telegram ситимиттэн ылылынна.
Комментариев нет:
Отправить комментарий