пятница, 27 октября 2023 г.

Оҕо аймах тапталлаах суруйааччыта

 




Медиатека киинин тэрийиитинэн, саха народнай поэта, оҕо аймах тапталлаах суруйааччыта Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүтэ 106 сылыгар анаан орто сүһүөх кылаастар литературнай оонньуу түһүлгэтигэр күөн көрүстүлэр. Үөрэнээччилэр күрэххэ суруйааччы олоҕун, айар үлэтин төһө билэллэрин бигэргэтэн тургутукка хоруйдаатылар, Тобуруокаптыы айар үлэ умсулҕаныгар ылларан хоһоон айарга холоннулар, Тобуруокап айымньыларынан гимназия үөрэнээччилэрэ кыттыылаах тэттик киинэлэри көрдүлэр.

 Гимназиябыт дириэктэрин сүбэһитэ Александр Макаров, саха тылын уонна литературатын учуутала идэҕэ уһуйулла сылдьар устудьуон уолаттар Афанасий уонна Максим - дьүүллүүр сүбэ буолан, сыанабыл биэрдилэр, түмүгү таһаардылар. 

1 миэстэ - 7 "а"  кылаас хамаандата, 2 миэстэ - 6 "а" кылаас хамаандата, 3 миэстэ - 7 "в" кылаас хамаандата кыайыы өрөгөйүн билэн үөрдүлэр-көттүлэр. 

Бары кыттыбыт хамаандаларга, кылаас салайааччыларыгар барҕа махталбытын истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит!

Комментариев нет:

Отправить комментарий