Аныгы үйэҕэ оҕону-ыччаты аралдьытар араас дьайыы (интэриниэт, ютюб, көмпүүтэр оонньуу) элбэҕэр үөрэх методикатыгар үгэс буолбут ньымалары тэҥэ сэргэх, сонун сыһыаны олохтуур хаһааҥҥытааҕар да ордук наада буолла
Тылга-литератураҕа болҕомто тардар биир сонун ньыма квест-оонньуу буолуон сөп диэн санаанан салайтаран, балаҕан ыйын 18 күнүгэр РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын института уонна «Ааҕар Саха сирэ» түмсүү кыттыһан, П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар, ону тэҥэ институт төрүттэммит күнүгэр-дьылыгар сыһыаннаах «Мин Ойуунускайым» квест-оонньууну тэрийэн ыыттыбыт.
Тэрээһин сыала – оҕо П.А. Ойуунускай олоҕугар, айар үлэтигэр билиитин-көрүүтүн хаҥатыы; саҥарар сатабылга, уран толкуйга сыһыарыы, айымньылаах сыһыаҥҥа уһуйуу; бөлөҕүнэн үлэлиир дьоҕуру сайыннарыы.
Оонньууга А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия 9 кылааһын үөрэнээччилэрэ (салайааччы Ксенофонтова Х.М.) кэлэн кытыннылар.
Оҕолор институт тиэргэнигэр кистэммит бирэдимиэттэри көрдөөтүлэр, бирэдимиэттэр кистэлэҥнэрин таайан, П.Ойуунускайга сыһыаннаах чахчыларга болҕойдулар.
Салгыы түөрт бөлөххө арахсан, бөлөҕүнэн үлэлээтилэр. Олус кылгас кэм иһигэр, 15 мүнүүтэҕэ, кистэлэҥнээх бирэдимиэттэргэ сигэнэн, оҕолор айар-тутар сатабылларын, кыһамньыларын ууран туран түөрт бэртээхэй бырайыагы айан-тутан таһаардылар.
Дьүүллүүр сүбэ (ГЧИ учуонайдара В.В. Бочкарев, Е.Р. Николаев), тэрийээччилэр (Ноева С.Е., Рожина И.В., Лонгинова М.Е.) уонна көрөөччүлэр оҕолор саҥарар-иҥэрэр таһымнарын, уустаан-ураннаан толкуйдуур дьоҕурдарын, туттан-хаптан турар көрүҥнэрин биһирээтибит, оҕолор бары биир курдук сахалыы таҥас таҥнан кэлбиттэриттэн үөрдүбүт.
"Мин Ойуунускайым" квест-оонньуу түмүгэр аныгы үйэ оҕотун хараҕынан саха саарына Былатыан Ойуунускай олоҕугар, айар үлэтигэр сыанабыл бэрилиннэ.
Бырайыактарга оҕолор билиилэрэ, саҥарар, ырытар дьоҕурдара ырылыччы көстөн кэллэ. Метафоранан ыйдаҥардан толкуйдаан, дьүүллүүр сүбэ сэҥээриитин ыллылар, ону тэҥэ хамаанда чиэһин көмүскүүр ыксаллаах түгэҥҥэ булугас өйдөөхтөрүнэн кэрэхсэттилэр
“Мин Ойуунускайым” бөлөх оҕолоро П.Ойуунускай олоҕугар, үлэтигэр дириҥ билиилэрин көрдөрдүлэр, онон маҥнайгы миэстэни мөккүөрэ суох ыллыла. “Сэргэх дьон” бөлөх уолаттара Ойуунускай остуолун уобарас быһыытынан ылыммыттара олус сонун буолла (умайа турар кинигэ, алдьаммыт ачыкы личность трагедиятын бэлиэлэрэ буоллахтара).“Эрэл” бөлөх кыттааччылара куйуурдуу турар кырачаан Былатыан уобараһын оҥордулар, ону тэҥэ олоҥхо Аал Луук маһын сириэдитэн таһаардылар. “Ойуунускай сыдьааннара” уолаттар “100 сыллаах улуу былаан” куоратын оҥорон таһаарбыттара, таас уулуссаны, пааматынньыгы, сөмөлүөтү уобарас быһыытынан туһаммыттара ураты сэргэхтик көһүннэ.
П.А. Ойуунускай сахалартан бастакы лингвистическай наука кандидата, Саха сиригэр маҥнайгы научнай институту тэрийээччи, институт бастакы дириэктэрэ, фольклору хомуйааччы, саха хоһоонугар сонун силлабическай кээмэйи аан маҥнайгынан киллэрбит талааннаах бэйиэт, автономияны олохтооччу, Саха Саарынын быһыытынан чаҕылхай мөссүөнэ ырылхайдык арылынна.
Квест-оонньууттан бары сүргэбит көтөҕүллэн, астынан-дуоһуйан тарҕастыбыт. Оҕолор барахсаттар үөрэн-көтөн, мичилийэн, харахтара уоттанан, этэ-тыына туралларыттан үөрдүбүт. Маннык хабааннаах оонньууну атын оскуола учууталлара, үөрэнээччилэр туһанныннар диэн интэриниэт ситимнэригэр оонньуу сценарийын тарҕатабыт.
Текст Ноева Саргылана, РНА СС ГЧИуоХААНПИ научнай үлэһитэ, фил.н.к., «Ааҕар Саха сирэ», “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү кыттааччытын WhatsApp ситимигэр суруйбутуттан ылылынна.
Комментариев нет:
Отправить комментарий