понедельник, 14 марта 2022 г.

Ийэбинээн ааҕабыт күрэх түмүгэ

А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын көҕүлээһининэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр – Ийэ сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин эйгэтигэр – Ааҕыы сылынан, «Ааҕыы көлүөнэни ситимниир» бырайыак чэрчитинэн, Аан дойду дьахталларын күнүн көрсө «Ийэбинээн ааҕабыт» республиканскай күөн күрэх куйаар ситиминэн ыытылынна.

Күрэххэ, республикабыт араас улуустарыттан, 1-5 кылаас үөрэнээччилэрэ биирдиилээн уонна бүттүүн кылааһынан ийэлэрин кытта, талбыт айымньыларын сахалыы дорҕоонноохтук аахпыттарын, толорбуттарын видеоҕа устан ыыттылар.

Кыттааччылар ордук Петр Тобуруокап, Семен Данилов, Д.К. Сивцев – Суорун  Омоллоон, Иван Мигалкин, Степан Дадаскинов айымньыларын уонна олоҥхону, норуот остуоруйаларын сөбүлээн ааҕаллар эбит.

Оҕо ийэтин кытта төрөөбүт тылынан астына аахтаҕына, кэлин бэйэтэ ыарахаттары көрсүбэккэ, төрөөбүт тыл сүмэтин эриэккэһигэр, кэрэтигэр тапталы иҥэринэн, айымньылаахтык ааҕар эйгэтэ кэҥиир.

Күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтар ааттара:

I миэстэ – Чурапчы улууһун Соловьев В.С – Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатын 4 “а” кылаас үөрэнээччитэ Максимова Кристина ийэтинээн Лидия Павловналыын.

II миэстэ – А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын 4 “в” кылааһын үөрэнээччитэ Татаринова Полина,  ийэтинээн Вероника Дмитриевналыын

II миэстэ – Чурапчы улууһун Соловьев В.С – Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатын 4 “а” кылаас үөрэнээччитэ Никонорова Милена ийэтинээн Федора Николаевналыын

III миэстэ – А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын 5 “а” кылааһын үөрэнээччитэ Пинигин Дамир 5 “а” кылаас үөрэнээччитэ ийэтинээн Екатерина Васильевналыын

III миэстэ – Л.Е. Лукина аатынан МБУ ДО ЦДО 1 кылааһын үөрэнээччилэрэ ийэлэринээн, уһуйааччы Корякина Л. Н., кылаас салайааччыта Максимова Л.А.

III миэстэ – Декабрина, Айла, Саша Семеновтар, Дьокуускай куорат

Күрэх кыттыылаахарыгар истиҥ эҕэрдэбитин уонна барҕа махталбытын тиэрдэбит.

вторник, 1 марта 2022 г.

Ийэбинээн ааҕабыт

  А.Г. уонна Н.К Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр – Ийэ сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин эйгэтигэр – Ааҕыы сылынан,  «Ааҕыы көлүөнэни ситимниир» бырайыак чэрчитинэн, Аан дойду дьахталларын күнүн көрсө «Ийэбинээн ааҕабыт» күөн күрэһи куйаар ситиминэн ыытар.

Күрэх балаһыанньата

Сыала-соруга:

- төрөөбүт тыл сүмэтин эриэккэһигэр, кэрэтигэр тапталы иҥэрии

- дьиэ кэргэҥҥэ айымньылаахтык ааҕыыны көҕүлээһин

- дьиэ кэргэн ааҕыытын өрө тутуу, эйгэтин кэҥэтии

Тэрээһин ирдэбилэ:

  Кыттааччылар: ийэ уонна оҕо (1-8 кылаас үөрэнээччилэрэ)

  Видео уһуна 2-3 мүнүүтэ, онно киирэр:

     Бэйэни билиһиннэрии (ийэ уонна оҕо аата, кылааһа)

     Айымньы ааптара, айымньы аата

     Талбыт айымньыгытыттан быһа тардан көҥүл көрүҥүнэн дорҕоонноохтук ааҕыы: ийэ оҕоҕо, оруолларынан үллэстэн, тэҥҥэ ааҕыы, инсценировка од.а.

Видеону кулун тутар 1-12 күнүгэр дылы Информационнай киин-медиатека почтатыгар icmygng01@mail.ru ыыталлар.

 Сыаналааһын сүрүн ирдэбилэ:

  • Дорҕоонноохтук ааҕыы;
  • Тыла-өһө чуолкайа, иһиллиитэ;
  • Туттан-хаптан артыыстааһына, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдиитэ, сэҥээрдиитэ;

Бары кыттыылаахтарга – электроннай Туоһу сурук, кыайыылаахтарга – Хайҕал сурук. Кыайыылаахтар ааттара ИЦМ сайтыгар: https://icmygng.blogspot.com, Инстаграмм @icm_ygng сирэйгэ кулун тутар 14 күнүгэр тахсыахтара.

 Көхтөөх кыттыыны ылыаххыт диэн эрэнэбит.


понедельник, 14 февраля 2022 г.

«Төрөөбүт тыл – норуот сайдар кэскилэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэн күрэҕин түмүгэ

 А.Г. уонна Н.К Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията Төрөөбүт тыл уонна сурук- бичик күнүнэн, Саха бастакы ученай-лингвиһэ С.А. Новгородов төрөөбүтэ 130 сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр - Ийэ сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин эйгэтигэр, Ааҕыы сылынан, «Ааҕыы көлүөнэни ситимниир» бырайыак чэрчитинэн ыыппыт, «Төрөөбүт тыл – норуот сайдар кэскилэ» диэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэн күрэҕэр Сахабыт сирин араас улуустарыттан: Орто Халыма, Өлөөн, Сунтаар, Ньурба, Бүлүү, Мэҥэ-Хаҥалас уонна Дьокуускай куораттан, айымньылаахтык ааҕыыны көҕүлүүр дьиэ кэргэттэр кыттыыны ыллылар. Хас биирдии дьиэ кэргэн бэйэлэрин уустаан-ураннаан билиһиннэрдилэр, бииртэн-биир сонун үлэлэри, ааҕыылары көрдөрдүлэр. Бу үс түһүмэх түмүгүнэн кыайыылаахтары билиһиннэрэбит:
Кылаан Чыпчаал кыайыылаах үрдүк аатын ыллылар Анна Петровна, Максим Прокопьевич, Кира, Самаана, Арылхан Андросовтар дьиэ кэргэн, «А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията» «Сэргэлээх» лаборатория-оскуола.
I миэстэ – Дария Иннокентьевна, Иван Васильевич, Алина Тарбаховтар дьиэ кэргэн, Өлөөн улууһун «Х.А. Христофорова аатынан Харыйалаах орто оскуолата».
II миэстэ – Мотрена Алексеевна, Александр Иванович, Сандаара Алексеевтар дьиэ кэргэн, Бүлүү улууһун «А.И. Леонтьев аатынан Лөкөчөөн орто оскуолата».
II миэстэ – Зинаида Николаевна, Егор Михайлович, Артем, Андриан, Ариан Прокопьевтар дьиэ кэргэн, Мэҥэ – Хаҥалас улууһун «С.Н. Михайлов аатынан Чыамайыкы орто оскуолата». 
II миэстэ – Маргарита Николаевна, Тимур Спирирдонович, Дамир, Туймаада Васильевтар дьиэ кэргэн, Орто Халыма улууһун Хатыҥнаах орто оскуолата.
III миэстэ – Мария Ивановна - эбээ, Василий Егорович - эһээ, Вероника Васильевна, Байдам Павловтар дьиэ кэргэн, «А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията». 
III миэстэ – Сардана Иннокентьевна, Андрей Андреевич, Айысхан, Уйусхан, Эрхан, Сандара, Дайаана, Айсаана, Дьулусхан Павловтар дьиэ кэргэн, Дьокуускай куорат 17№-дээх оскуолата.
III миэстэ – Татьяна Анатольевна, Максим Дмитриевич, Кирсан, Софрон, Аня Скрябиннэр дьиэ кэргэн, «А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията». 
Бары кыттыыны ылбыт дьиэ кэргэттэргэ истиҥ эҕэрдэбитин, махталбытын тиэрдэбит.
Төрөөбүт тылбыт  барҕа баайыттан, 
Көлүөнэни ситимнээн, 
Эдэр ыччакка иҥэн-тоҥон үөрэтиэҕиҥ, 
Сүдү тыл алыбын күүһүн эккэ-хааҥҥа иҥэриэҕиҥ!

Кыайыылаахтары эҕэрдэлээһин ZOOM сибээһинэн буолуо. Сиһилии сибээскэ тахсан биллэриэхпит.



 

воскресенье, 13 февраля 2022 г.

Олунньу 13 күнэ — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ.

 

Саха Сирин бастакы Президена М.Е. Николаев 1996 сыл олунньу 9 күнүнээҕи 1294 №-дээх «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн биллэрии туһунан» Ыйааҕыгар олоҕуран, С.А. Новгородов төрөөбүт күнэ — олунньу 13 күнэ — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэриллибитэ.

Бу Күн олохтонуута Саха Сирин төрүт олохтоохторун төрөөбүт тылларын сайыннарыыга, бастакы саха суругун-бичигин олохтообут саха лингвист-учуонайа, бастакы саха үөрэҕин кинигэлэрин таһаарааччы Семен Андреевич Новгородов сырдык кэриэһин үйэтитэр, аатын ытыктатар соруктаах.




понедельник, 7 февраля 2022 г.

 

 
А.Г. уонна Н.К Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията Төрөөбүт тыл уонна сурук- бичик күнүнэн, Саха бастакы ученай-лингвиһэ С.А. Новгородов төрөөбүтэ 130 сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр - Ийэ сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин эйгэтигэр, Ааҕыы сылынан,  «Ааҕыы көлүөнэни ситимниир» бырайыак чэрчитинэн ыытыллар, «Төрөөбүт тыл – норуот сайдар кэскилэ» диэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэнинэн күрэх биллэрэр

Күрэх балаһыанньата:
Сыала –соруга:
- төрөөбүт тыл сүмэтин эриэккэһигэр, кэрэтигэр тапталы иҥэрии
- дьиэ кэргэҥҥэ айымньылаахтык ааҕыыны көҕүлээһин
-  Ийэ тылынан  дьиэ кэргэн ааҕыытын өрө тутуу, эйгэтин кэҥэтии
Күрэх 3 түһүмэхтэн турар:

1 түһүмэх: «Дьиэ кэргэним – дьоллоох биһигим». Кыттааччылар бэйэлэрин туһунан уустаан-ураннаан билиһиннэрэн  видеоҕа устан ыыталлар. (5 мүн. уһуо суохтаах)

2түһүмэх: «Төрөөбүт тылым – барҕа баайым». Кыттааччылар сөбүлээн аахпыт айымньыларыттан быһа тардан инсценировкалаан көрдөрүөхтэрин эбэтэр дорҕоонноохтук, уус-ураннык ааҕан иһитиннэриэхтэрин син. Видеоҕа устан ыыталлар. (5 мүн. уһуо суохтаах)

3 түһүмэх: Айар үлэ (оҥоһук эбэтэр хоһоон айыыта, талаҕыт). Кыттааччылар аахпыт айымньыларыттан оҥоһук (матырыйаала хааччахтаммат), оҥоһук туһунан кылгастык видео устан ыыталлар (5 мүн. уһуо суохтаах) эбэтэр Һ,Ө,Ҕ,Ү,Ҥ буукубаларга аналлаах, Ийэ, Төрөөбүт тыл туһунан хоһоон айыыта. (Айыллыбыт хоһоону бэчээттээн ыытаҕыт)

Тэрээһин ирдэбилэ:

     Сайаапкаҕытын бу сыылканан киирэн толороҕут: https://forms.gle/KNGSd84Rbar3oGti7

    Кыттааччы ахсаана хааччахтаммат.

    Күрэх түһүмэхтэрин видеоҕа устан олунньу 12 күнүгэр дылы icmygng01@mail.ru ыыталлар.

    Видео уһуна 5-7 мүнүүтэттэн ордуо суохтаах;

 3 түһүмэх түмүгүнэн бары кыттыылаахтарга электроннай Туоһу сурук, кыайыылаахтарга – Хайҕал сурук, бириис туттарыллыа.

 Кыайыылаахтар ааттара ИЦМ сайтыгар: https://icmygng.blogspot.com, Инстаграмм  @icm_ygng сирэйгэ олунньу 13 күнүгэр тахсыахтара.

     Күрэххэ кыттыы усунуоһа биир дьиэ кэргэнтэн - 150 солкуобай.

    Усунуоһу 89148274708 (Оксана Васильевна Б.) диэн нүөмэргэ сбербаан онлайн ыытаҕыт.

 Билсэр нүөмэргит: 89148274708, 89248619020

                                 Көхтөөх кыттыыны ылыаххыт диэн эрэнэбит.

воскресенье, 23 января 2022 г.

Саха бэйиэтэ, прозаига - Семен Степанович Яковлев -
Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 130 сыла

Олоҕо
1892 с. Тохсунньу 24 күнүгэр урукку Боотуруускай улууһугар (билиҥҥи Чурапчы) Чакыр нэһилиэгэр сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Оскуолаҕа үөрэммэтэҕэ, өрөбөлүүссүйэ буолуор диэри бэйэтэ туспа хаһаайыстыба тэринэн олорбута.
Онон баай батталын тус бэйэтинэн билбэтэҕин да иһин, 1917 сыллааҕы өрөбөлүүссүйэлэр буолааттарын кытта саҥа былаас бэлиитикэтин биир тыла суох өйүүр, көмөлөһөр суола турунар. Онно таайа Гавриил Старостин уонна да атын дьон көмөтүнэн ааҕар-суруйар буола үөрэммитэ улуханнык көмөлөспүтэ, Дьокуускайга туох буоларын билэ-көрө олорбута.
1921 с. Чурапчыга дьадаҥылар, баартыйата суохтар кэмпириэнсийэлэрэ буолбутугар актыыбынай кыттыыны ылбыта. Ол онно Ленин телеграмма ыыппыт эҕэрдэтин тыллара Эрилик Эристиин олоҕун, айар үлэтин сүрүн хайысхатын быһаарбыттара. 
Гражданскай сэриигэ Харыйалаах уонна Төхтүр кыргыһыыларыгар инники күөҥҥэ сылдьар, милиция этэрээтин салайааччытынан ананар, Чурапчыга сирдээн аҕалар. Хаста да тоһуурга түбэһэн кыл мүччү тыыннаах хаалар.
Айар үлэтэ
1922-1925 сс. Семен Яковлев куоракка киирэн, типографияҕа үлэлиир. Ол саҕана бастакы хоһооннорун, ыстатыйаларын бэчээттэтэр. А.И. Софронов тэрийбит дырааманы үөрэтэр куруһуогар сылдьар. Бу кэм кини суруйааччы буоларыгар уһулуччу суолталаммыта. 
Ол иһин дойдутугар тахсан араас табаарыстыбалары, холкуостары тэрийэ сылдьан, «Куһаҕан күнүгэр куттала улааппыт», «Бөтүҥҥэр», «Кыраттан орпут» бастакы кэпсээннэрин суруйан бэчээттэппитэ. 
Онон кини сиригэр-уотугар төһө да поэт быһыытынан сураҕырдар, кэпсээнньит айар суолун тутуспутунан барбыта. Кини ордук Кулаковскайы, Ойуунускайы тумус туттара, нуучча суруйааччыларыттан: Максим Горькайтан, Чеховтан, Короленкоттан, Николай Островскайтан элбэххэ үөрэммитэ.
1930-32 сыллар кини олоҕор ыарахан кэмнэринэн буолбуттара. Аммаҕа улуус ситэриилээх кэмитиэтигэр доруобуйа уонна үөрэх салаатыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээн истэҕинэ, баай төрүттээҕин санатан, оппортоньуус аатырдан партияттан эспиттэрэ. Ону нэһиилэ үҥсэн-харсан, сылтан ордук үлэтэ суох эрэйдэнэн кырдьыгын таһаарбыта. 
1932-1938 сс. Чурапчыга типография корректорынан, улуус хаһыатын эрэдээктэринэн үлэлээбитэ, аатырбыт айымньыларын суруйталаабыта. 
1934 сыллааҕы суруйааччылар кэмпириэнсийэлэригэр Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон дакылааттарыгар кини айымьыларын биһирээн ахтыбыттара.
1934с. иккис кэргэниниин Анисия Дмитриевналыын соҕуруу командировка барбыттара. Казахстаҥҥа хомуйбут матырыйааларынан “Аймалҕан”, “Революция уолаттара” диэн саха литературатыгар атын омуктар олохторун көрдөрөр бастакы сэһэннэрин айбыта.
Сэриигэ сылдьан ылбыт дэҥиттэн сылтаан, 1939 сылтан улам көрбөт буолан барбыта. Бу кэмтэн наар айар үлэнэн дьарыктанар. 
Чурапчы оройуонун салалтата Саввин диэн уолу көмөлөһөөччүнэн аныыр. 
“Буура Дохсун” диэн уон тоҕус тыһыынчаттан тахса строкалаах олоҥхону, “Туоралдьын Толооно” поэманы, хас да уочарканы, “Маарыкчаан ыччаттара” романы суруйар. “Кэриэс туолуутун” бүтэрэр. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрииттэн төннөн кэлбит киһи туһунан “Михачеевтар көрсүһүүлэрэ” диэн сэһэни издательствоҕа ыыппыта сүтэн хаалар. 
Төһө да көрбөт буоллар, хара өлүөр диэри сэрии хайдах барарын билэ-истэ олорбут, куруук биһиги кыайарбытыгар бөҕө эрэллээҕин кэпсиирэ үһү.
Сүрүн айымньылара
  • Соһуччу үөрүү (1928)
  • Революция уолаттара: Сэһэн. (1934)
  • Аймалҕан: Сэһэн. (1935)
  • Хачыгыр. Кэпсээн (1938)
  • Уйбаан Дууһа: Кэпсээн. (1939)
  • Маарыкчаан ыччаттара: Роман. (1942)
  • Кэриэс туолуута: Сэһэн. (1939)
  • Бассабыык Тиихээн: Поэма
  • Тулаайах Уйбаанчык: Поэма. 
  • Туоралдьын Толооно. Поэма.
  • Буура Дохсун. Олоҥхо.


четверг, 13 января 2022 г.


Президент РФ Владимир Путин объявил 2022 год Годом народного искусства и нематериального культурного наследия народов России. Данное решение принято в целях популяризации народного искусства и сохранения культурных традиций, памятников истории и культуры, этнокультурного многообразия, культурной самобытности всех народов и этнических общностей.

Ил Дархан  Айсен Николаев объявил наступающий 2022 год в республике Годом Матери.

Министр образования и науки Республики Саха (Якутия) Ирина Любимова объявила 2022 год - Годом чтения в  системе  образования  Якутии.