1 түһүмэх: «Дьиэ кэргэним – дьоллоох биһигим». Кыттааччылар бэйэлэрин туһунан уустаан-ураннаан билиһиннэрэн видеоҕа устан ыыталлар. (5 мүн. уһуо суохтаах)
2түһүмэх: «Төрөөбүт тылым – барҕа баайым». Кыттааччылар сөбүлээн аахпыт айымньыларыттан быһа тардан инсценировкалаан көрдөрүөхтэрин эбэтэр дорҕоонноохтук, уус-ураннык ааҕан иһитиннэриэхтэрин син. Видеоҕа устан ыыталлар. (5 мүн. уһуо суохтаах)
3 түһүмэх: Айар үлэ (оҥоһук эбэтэр хоһоон айыыта, талаҕыт). Кыттааччылар аахпыт айымньыларыттан оҥоһук (матырыйаала хааччахтаммат), оҥоһук туһунан кылгастык видео устан ыыталлар (5 мүн. уһуо суохтаах) эбэтэр Һ,Ө,Ҕ,Ү,Ҥ буукубаларга аналлаах, Ийэ, Төрөөбүт тыл туһунан хоһоон айыыта. (Айыллыбыт хоһоону бэчээттээн ыытаҕыт)
Тэрээһин ирдэбилэ:
• Сайаапкаҕытын бу сыылканан киирэн толороҕут: https://forms.gle/KNGSd84Rbar3oGti7
• Кыттааччы ахсаана хааччахтаммат.
• Күрэх түһүмэхтэрин видеоҕа устан олунньу 12 күнүгэр дылы icmygng01@mail.ru ыыталлар.
• Видео уһуна 5-7 мүнүүтэттэн ордуо суохтаах;
• 3 түһүмэх түмүгүнэн бары кыттыылаахтарга электроннай Туоһу сурук, кыайыылаахтарга – Хайҕал сурук, бириис туттарыллыа.
• Кыайыылаахтар ааттара ИЦМ сайтыгар: https://icmygng.blogspot.com, Инстаграмм @icm_ygng сирэйгэ олунньу 13 күнүгэр тахсыахтара.
• Күрэххэ кыттыы усунуоһа биир дьиэ кэргэнтэн - 150 солкуобай.
• Усунуоһу 89148274708 (Оксана Васильевна Б.) диэн нүөмэргэ сбербаан онлайн ыытаҕыт.
Көхтөөх кыттыыны ылыаххыт диэн эрэнэбит.
Комментариев нет:
Отправить комментарий