А.Г. уонна Н.К Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр – Ийэ сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин эйгэтигэр – Ааҕыы сылынан, «Ааҕыы көлүөнэни ситимниир» бырайыак чэрчитинэн, Аан дойду дьахталларын күнүн көрсө «Ийэбинээн ааҕабыт» күөн күрэһи куйаар ситиминэн ыытар.
Күрэх балаһыанньата
Сыала-соруга:
- төрөөбүт тыл сүмэтин эриэккэһигэр, кэрэтигэр тапталы иҥэрии
- дьиэ кэргэҥҥэ айымньылаахтык ааҕыыны көҕүлээһин
- дьиэ кэргэн ааҕыытын өрө тутуу, эйгэтин кэҥэтии
Тэрээһин ирдэбилэ:
• Кыттааччылар: ийэ уонна оҕо (1-8 кылаас үөрэнээччилэрэ)
• Видео уһуна 2-3 мүнүүтэ, онно киирэр:
• Бэйэни билиһиннэрии (ийэ уонна оҕо аата, кылааһа)
• Айымньы ааптара, айымньы аата
• Талбыт айымньыгытыттан быһа тардан көҥүл көрүҥүнэн дорҕоонноохтук ааҕыы: ийэ оҕоҕо, оруолларынан үллэстэн, тэҥҥэ ааҕыы, инсценировка од.а.
•Видеону кулун тутар 1-12 күнүгэр дылы Информационнай киин-медиатека почтатыгар icmygng01@mail.ru ыыталлар.
Сыаналааһын сүрүн ирдэбилэ:
- Дорҕоонноохтук ааҕыы;
- Тыла-өһө чуолкайа, иһиллиитэ;
- Туттан-хаптан артыыстааһына, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдиитэ, сэҥээрдиитэ;
Бары кыттыылаахтарга – электроннай Туоһу сурук, кыайыылаахтарга – Хайҕал сурук. Кыайыылаахтар ааттара ИЦМ сайтыгар: https://icmygng.blogspot.com, Инстаграмм @icm_ygng сирэйгэ кулун тутар 14 күнүгэр тахсыахтара.
Көхтөөх кыттыыны ылыаххыт диэн эрэнэбит.
Комментариев нет:
Отправить комментарий