воскресенье, 23 января 2022 г.

Саха бэйиэтэ, прозаига - Семен Степанович Яковлев -
Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 130 сыла

Олоҕо
1892 с. Тохсунньу 24 күнүгэр урукку Боотуруускай улууһугар (билиҥҥи Чурапчы) Чакыр нэһилиэгэр сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Оскуолаҕа үөрэммэтэҕэ, өрөбөлүүссүйэ буолуор диэри бэйэтэ туспа хаһаайыстыба тэринэн олорбута.
Онон баай батталын тус бэйэтинэн билбэтэҕин да иһин, 1917 сыллааҕы өрөбөлүүссүйэлэр буолааттарын кытта саҥа былаас бэлиитикэтин биир тыла суох өйүүр, көмөлөһөр суола турунар. Онно таайа Гавриил Старостин уонна да атын дьон көмөтүнэн ааҕар-суруйар буола үөрэммитэ улуханнык көмөлөспүтэ, Дьокуускайга туох буоларын билэ-көрө олорбута.
1921 с. Чурапчыга дьадаҥылар, баартыйата суохтар кэмпириэнсийэлэрэ буолбутугар актыыбынай кыттыыны ылбыта. Ол онно Ленин телеграмма ыыппыт эҕэрдэтин тыллара Эрилик Эристиин олоҕун, айар үлэтин сүрүн хайысхатын быһаарбыттара. 
Гражданскай сэриигэ Харыйалаах уонна Төхтүр кыргыһыыларыгар инники күөҥҥэ сылдьар, милиция этэрээтин салайааччытынан ананар, Чурапчыга сирдээн аҕалар. Хаста да тоһуурга түбэһэн кыл мүччү тыыннаах хаалар.
Айар үлэтэ
1922-1925 сс. Семен Яковлев куоракка киирэн, типографияҕа үлэлиир. Ол саҕана бастакы хоһооннорун, ыстатыйаларын бэчээттэтэр. А.И. Софронов тэрийбит дырааманы үөрэтэр куруһуогар сылдьар. Бу кэм кини суруйааччы буоларыгар уһулуччу суолталаммыта. 
Ол иһин дойдутугар тахсан араас табаарыстыбалары, холкуостары тэрийэ сылдьан, «Куһаҕан күнүгэр куттала улааппыт», «Бөтүҥҥэр», «Кыраттан орпут» бастакы кэпсээннэрин суруйан бэчээттэппитэ. 
Онон кини сиригэр-уотугар төһө да поэт быһыытынан сураҕырдар, кэпсээнньит айар суолун тутуспутунан барбыта. Кини ордук Кулаковскайы, Ойуунускайы тумус туттара, нуучча суруйааччыларыттан: Максим Горькайтан, Чеховтан, Короленкоттан, Николай Островскайтан элбэххэ үөрэммитэ.
1930-32 сыллар кини олоҕор ыарахан кэмнэринэн буолбуттара. Аммаҕа улуус ситэриилээх кэмитиэтигэр доруобуйа уонна үөрэх салаатыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээн истэҕинэ, баай төрүттээҕин санатан, оппортоньуус аатырдан партияттан эспиттэрэ. Ону нэһиилэ үҥсэн-харсан, сылтан ордук үлэтэ суох эрэйдэнэн кырдьыгын таһаарбыта. 
1932-1938 сс. Чурапчыга типография корректорынан, улуус хаһыатын эрэдээктэринэн үлэлээбитэ, аатырбыт айымньыларын суруйталаабыта. 
1934 сыллааҕы суруйааччылар кэмпириэнсийэлэригэр Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон дакылааттарыгар кини айымьыларын биһирээн ахтыбыттара.
1934с. иккис кэргэниниин Анисия Дмитриевналыын соҕуруу командировка барбыттара. Казахстаҥҥа хомуйбут матырыйааларынан “Аймалҕан”, “Революция уолаттара” диэн саха литературатыгар атын омуктар олохторун көрдөрөр бастакы сэһэннэрин айбыта.
Сэриигэ сылдьан ылбыт дэҥиттэн сылтаан, 1939 сылтан улам көрбөт буолан барбыта. Бу кэмтэн наар айар үлэнэн дьарыктанар. 
Чурапчы оройуонун салалтата Саввин диэн уолу көмөлөһөөччүнэн аныыр. 
“Буура Дохсун” диэн уон тоҕус тыһыынчаттан тахса строкалаах олоҥхону, “Туоралдьын Толооно” поэманы, хас да уочарканы, “Маарыкчаан ыччаттара” романы суруйар. “Кэриэс туолуутун” бүтэрэр. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрииттэн төннөн кэлбит киһи туһунан “Михачеевтар көрсүһүүлэрэ” диэн сэһэни издательствоҕа ыыппыта сүтэн хаалар. 
Төһө да көрбөт буоллар, хара өлүөр диэри сэрии хайдах барарын билэ-истэ олорбут, куруук биһиги кыайарбытыгар бөҕө эрэллээҕин кэпсиирэ үһү.
Сүрүн айымньылара
  • Соһуччу үөрүү (1928)
  • Революция уолаттара: Сэһэн. (1934)
  • Аймалҕан: Сэһэн. (1935)
  • Хачыгыр. Кэпсээн (1938)
  • Уйбаан Дууһа: Кэпсээн. (1939)
  • Маарыкчаан ыччаттара: Роман. (1942)
  • Кэриэс туолуута: Сэһэн. (1939)
  • Бассабыык Тиихээн: Поэма
  • Тулаайах Уйбаанчык: Поэма. 
  • Туоралдьын Толооно. Поэма.
  • Буура Дохсун. Олоҥхо.


Комментариев нет:

Отправить комментарий