вторник, 14 сентября 2021 г.

САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН СУДААРЫСТЫБАННАҺЫН КҮНЭ

 

 САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН СУДААРЫСТЫБАННАҺЫН КҮНЭ!

1990 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха АССР уон иккис ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларацияны ылыммыта. Бу дьоһун докумуон Саха сирин Арассыыйа Федерациятын састаабыгар судаарыстыба быһыытынан биллэрбитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа Конституциятын (Төрүт Сокуонун) оҥорууга төрүөт буолбута. Итинэн өрөспүүбүлүкэ бэйэтин социальнай-экономическай сайдыытын, нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын тупсарыыга тугу ордук чорботорун, ханнык хайысхалары сүрүн оҥосторун бэйэтэ быһаарынар кыахтаммыта. Ыһыллыы-тоҕуллуу саамай уустук кэмигэр бу Декларация уонна саҥа Төрүт Сокуон норуоту биир санааҕа түмпүттэрэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ чуолаан Декларацияҕа тирэҕирэн итиэннэ Бэрэсидьиэн Михаил Николаев муударай салайыытынан сөптөөхтүк дьаһаммыта уонна атын өрөспүүбүлүкэлэри сэргэ саҥа Арассыыйа тэҥ бырааптаах субъегын быһыытынан Федеративнай дуогабарга илии баттаспыта.

Саха өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 100 сылыгар анаан, Саха өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө «ТУПСА, САЙДА ТУР, САХАМ СИРЭ!» айар үлэ балаһыанньата

понедельник, 13 сентября 2021 г.

Дмитрий Кононович Сивцев - Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 115 сыла

 

Дмитрий Кононович Сивцев -

 Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 115 сыла

Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон – норуодунай суруйааччы, РСФСР, САССР искусствотын үтүѳлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай уонна А.Е.Кулаковскай аатынан Государственнай бириэмийэлэр лауреаттара, СР Бочуоттаах олохтооҕо.

1906 с. балаҕан ыйын 14 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ.Айар үлэтин "Хагдарыйбат ньургуһун" хоһоонунан 1926 с. саҕалаабыта. Маҥнайгы кэпсээнэ «Өлүөнэ өрүс», драмата «Күөх Көппө» эмиэ ити сыл суруллубуттара.«Сордоох суха», «Аанчык», о. д. а. кэпсээннэрэ — классическай айымньылар.Саха драматургиятыгар сүрүн үтүөтэ-өҥөтө «Күкүр Уус», «Айаал», «Сайсары», «Күн күөрэйиэн иннинэ» драмалара. Бу айымньыларга саха үгүс көлүөнэ артыыстара иитиллэн тахсыбыттара. Суорун Омоллоон сахалыы опера, балет сайдалларыгар олук уктээбитэ. Ол курдук кини — саха бастакы «Ньургун Боотур» оператын уонна «Сир симэҕэ» балетын либреттоларын ааптара. Итини таhынан, «Лоокуут уонна Ньургуhун», «Кыhыл Ойуун», «Умуллубат төлөн» опералар, «Хотойдор хоту көтөллөр», «Күн-Куо», «Дьол тааhа» балеттар либреттоларын суруйар. Кини драматург, прозаик уонна поэт быһыытынан биллэр. Оҕо суруйааччытын быһыытынан «Чөөчө» уонна «Чүөчээски» курдук киэҥник биһирэммит кэпсээнинэн айымньылардаах. Саха остуоруйаларын, фольклорун оҕолорго тиэрдээччи, бэртээхэй учебниктары айан, ыччаты иитиһээччи. Чөркөөхтөөҕү политсыылка түмэлин тэрийбитэ. Саха Сирэ нуучча государствотыгар холбоспут кэмин көрдөрөр «Доҕордоһуу» түмэлин уонна Ытык Күөлгэ Хадаайытааҕы түмэли туттарбыта.




пятница, 21 мая 2021 г.

115 лет со дня рождения Николая Ивановича Спиридонова – Тэки Одулока

22 мая исполняется 115 лет со дня рождения Николая Ивановича Спиридонова –  Тэки Одулока (1906-1938)

22 мая исполняется 115 лет со дня рождения Николая Ивановича Спиридонова – Тэки Одулока (1906-1938), общественного деятеля, основоположника юкагирской литературы, учёного-североведа, первого кандидата наук из представителей малочисленных народов Крайнего Севера. Тэки Одулок стал первым северянином, чьи произведения стали известны зарубежному издателю.

📚Национальная библиотека РС (Я) предлагает вам ознакомиться с тематической подборкой «Спиридонов Николай Иванович - Тэки Одулок» https://e.nlrs.ru/collections/2160

Данная подборка включает произведения Тэки Одулока, литературу о жизни и творчестве писателя, переводы произведений, публикации в периодической печати и научные труды.

📘Тэки Одулок. Жизнь Имтеургина старшего https://school.e.nlrs.ru/open/352

📘Тэки Одулок. Улахан Имтеургин олоҕо https://school.e.nlrs.ru/open/339

📘В помощь учителю юкагирского языка и культуры: учебное пособие https://school.e.nlrs.ru/open/10580

📘Хотугу норуоттар культуралара. 3 чааһа. 9-11 кылааска ааҕар кинигэ https://school.e.nlrs.ru/open/3420

📘Тэки Одулок. На Крайнем Севере https://school.e.nlrs.ru/open/359

📘Тэки Одулок. Одулы (юкагиры) Колымского округа https://school.e.nlrs.ru/open/313

📘Николай Иванович Спиридонов - Тэки Одулок. Писатель. Ученый. Общественный деятель: библиогр. указатель https://school.e.nlrs.ru/open/2665

📘Тэки Одулок Юкагирско-русский словарь; Эвенско-русский словарь https://school.e.nlrs.ru/open/6526

🖥️🖥️ Самостоятельная регистрация на сайте Национальной библиотеки РС (Я): https://e.nlrs.ru/register   

🔒Книгу с закрытым замочком нужно запросить во временный доступ.

🔓Она будет  доступна на 14 дней с правом продления на 3 дня в личном кабинете во вкладке «Мои заказы».                                

👩🏻‍💻Консультации по услугам библиотеки вы можете получить с 9 до 17 ч. на сайте в режиме чата https://nlrs.ru  

☎☎по номеру горячей линии: 8 (4112) 45-58-55, +79248601034


вторник, 27 апреля 2021 г.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ

 Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн!

Муус устар 27 – саха олоҕор чахчы да быһаарыылаах уонна суолталаах күн буолар. 1922 сыллаахха муус устар 22 күнүгэр-Саха Автономнай Советскай Социалистическай республиката төрүттэммитэ, сурукка докумуоңңа киирбитэ. 1990 сыллаахха суверенитет туһунан декларацияны ыламмыт, сувереннай республикабыт хаттаан саңа Конституцияламмыта. Онон муус устар 27 күнэ –Саха Республикатын күнэ. Ол кэмтэн ыла саха олоҕор уларыйыы киирбитэ. 
Государственность – норуот саамай сайдыыта. Нууччалар кэлэ иликтэринэ государственность диэн суоҕа сахалар туох да бырааптара суох этэ. Биһигини «инородецтар», «бырадьааҕылар» диэн ааттыыллар этэ Октябрьскай революция кыайбытын кэннэ 1917 с. Советскай былаас көмөтүнэн Россия уонна Саха сирин дьоно бары тэң бырааптаммыттара. Манна Саха сирэ автономнай Республика диэн билиммиттэрэ.
Саха сирэ автономнай республика буоларыгар улахан акылааты уурбуттара Саха сирин чулуу уолаттара, үөрэхтээхтэрэ Республика бастакы «посола» - Бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Максим Кирович Аммосов, Саха АССР правительствотын - Совнарком бастакы председателэ, суруйааччы П.А. Слепцов - Платон Ойуунускай уонна Исидор Барахов о. д.а.
Саха сирэ статус ылынан Российскай федерация иһинэн государство буолар. Ол иһин биһиэхэ Ил Дархан, Правительство, Ил Түмэн диэн баар. Уонна өссө атын атрибуттар бааллар - Конституция РС (Я) (основной закон буолар). Конституция буоламмыт биһиги сахалыы гимнээхпит, гербэлээхпит, былаахтаахпыт. Государственнай былаах 4 өҥнөөх: халлаан күөх – көҥүл буолууну, эрэли көрдөрөр, маҥан полоска – тыйыс айылҕалааҕын көрдөрөр, от күөх өҥ – кылгас күөх сайыны, доҕордоһууну бэлиэтиир, кыһыл – күүстээх буолууну, төрөөбүт дойдуга эрэллээх буолууну, сайдыыны көрдөрөр. Маҥан төгүрүк – үрүҥ күнү көрдөрөр. Гербэҕэ былыргы аттаах киһи ойууланар. Былыр Лена очуос таастарыгар уруһуйдаан хаалларбыттар. Үөһээ сэттэ алмаас таастар сэттэ омугу көрдөрөр (нууччалар, сахалар, эбээннэр, эбэҥкилэр, долганнар, юкагирдар, чукчалар).
Саха сирэ урут наар сүөһү, сылгы, таба иитиитинэн, балыктааһынынан, булдунан эрэ дьарыктаммыта. Онтон Саха сирэ автономнай Республика буолбутун кэннэ көмүһү, алмааһы, уголь, энергетика промышленноһынан сайдыбыта.. 
1990 сылтан үөрэхтээһин, искусство, литература эйгэтэ күүскэ сайынна.1990 сылтан өрө көтөҕүүлээх кэмнэр үүммүттэрэ. Бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев республика туһугар элбэҕи ситиспитэ. Россия президенэ Борис Ельцин суверенитеты төһө баҕарар ылының диэбитигэр, алмааска, үөрэҕириигэ, атын да хайысхаҕа үгүһү ситиспиппит. Холобур,медицинскэй киин тэриллибитэ, улуустар ааттара сахатыйбыттара, оройуон оннугар улуус диир буолбуппут, оҕолору, ыччаттары соҕуруу үөрэххэ ыытыы тэриллибитэ. Оскуолаларбыт араас хайысханы тутуспуттара - бу суверенитеппыт салгыыта.
Республикабыт барҕара сайдарын туһугар бука бары түмсүүлээхтик, таһаарыылаахтык үөрэниэҕиҥ, үлэлиэҕиҥ! Бука барыгытын саха норуотун өрөгөйдөөх күнүнэн эҕэрдэлиибит!


понедельник, 26 апреля 2021 г.

БиблиоКүн - 2021

 БиблиоКүн - 2021

Гимназиябытыгар иитэр үлэ уонна информационнай киин көҕүлээһининэн, сылын аайы ыытыллар “БиблиоКүн” республикабыт күнүн көрсө уонна Аан дойду кинигэтин күнүгэр анаан ыытылынна.

 “БиблиоКүн” чэрчитинэн, «21 сирэй» дорҕоонноох ааҕыы, «Тэттик бэйэ кинигэтэ» айар үлэ, «Чөл турук – чөл өй-санаа» хоһоон ааҕыы, “Биһиги таптыыр геройдарбыт» виртуальнай фотовыставка күрэхтэрэ буолан аастылар. «21 сирэй» түһүмэххэ үөрэнээччилэр ыйыллыбыт суруйааччылар айымньыларын булан, дорҕоонноохтук, уустаан-ураннаан сахалыы, нууччалыы, английскайдыы ааҕан иһитиннэрдилэр. Түмүккэ 2-ис кылаастарга – Потапова А.,  3-үс кылаастарга – Павлов Т., 4-үс кылаастарга – Блахиров Р., 5-ис кылаастарга – Заболоцкий С., 6-ыс кылаастарга – Назарова С., 7-ис кылаастарга – Иванова-Ылахова К., 8-ыс кылаастарга – Петров М., 9-ус кылаастарга – Боярский Д. кыайыылаахтарынан буоллулар.

Россияҕа «Наука» сылыгар анаммыт «Тэттик бэйэ кинигэтин оҥоруу» күрэххэ үөрэнээччи төрөппүтүн кытта айбыт, чинчийэн, кэтээн көрбүт опыттарын хайдах толкуйдаабыттарынан сиэдэрэйдик киэргэтэн оҥордулар. Бу түһүмэххэ Игнатьев К. 3 кылаас үөрэнээччитэ төрөппүттэрин кытта “Күн систиэмэтэ” диэн кинигэтинэн кыайыылаах аатын сүктүлэр.

«Чөл турук – чөл өй-санаа» хоһоон күрэххэ спорду өрө тутан, дьаныардаахтык дьарыктанар 4 кылаас үөрэнээччитэ Семенов Д. буолла.

«Биһиги таптыыр геройдарбыт” витуальнай фотовыставка айар үлэ күрэҕэр үөрэнээччилэр сөбүлээн аахпыт айымньыларын геройугар майгыннаан, хаартыскаҕа түһэн ыыттылар. Дьүүллүүр сүбэ Былатыан Ойуунускай «Оҕо куйуурдуу турара» айымньытыттан 4 кылаас үөрэнээччитин Шишигина А. үлэтин кыайыылааҕынан быһаарда.

“БиблиоКүн” тэрээһинигэр көхтөөх кыттыыны ылбыт үөрэнээччилэрбитигэр, төрөппүттэрбитигэр, кылаас салайааччыларыгар, бирииһинэн көмөлөспүт "Русская община" председателигэр А.Г. Подголовка истиҥ махталбытын тиэрдэбит.

«Тэттик бэйэ кинигэтин оҥоруу» 

  
"21 сирэй" дорҕоонноох ааҕыы күрэх түгэннэриттэн...
   

    
  

"Биһиги таптыыр геройдарбыт"
 
«Чөл турук – чөл өй-санаа» хоһоон күрэх кыайыылаҕа








понедельник, 12 апреля 2021 г.

 

60 сыл анараа өттүгэр, 1961 сыл муус устар 12 күнүгэр, "Байконур" космодромтан Юрий Алексеевич Гагарин пилоттаах Восток космическай хараабыл стартан барбыт. Ол айанын иһин кинини Советскай Союз Геройун аатын уоннна майор воинскай сыбаанньатын биэрбиттэр, уонна 1962 сыл муус устар ыйын 12 күнүттэн Гагарин көппүт күнүн Аан дойду космонавтика күнүнэн биллэрбиттэр.
Россия геройа, летчик-комсонавт Олег Кононенко 2011 сыллаахха куйаарга тахсан хомуска оонньоон дьүрүһүппүтэ. Ирдэбилгэ сөп түбэһэр 70 граммнаах хомуһу, онно 20 гр ыйааһыннаах хаатын норуот маастара Револий Чомчоев чочуйбута. Космонавт улуу суруйааччыбыт Өксөкүлээх Өлөксөй хоһоонун космостан планета дьонугар ааҕан иһитиннэрбитэ.
Олег Кононенко биһиги гимназиябытыгар күндү ыалдьыт буолан, оҕолору, үлэһиттэри кытта көрсөн, истиҥник сэһэргэһэн ааспытыттан киэн туттабыт.