вторник, 27 апреля 2021 г.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ

 Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн!

Муус устар 27 – саха олоҕор чахчы да быһаарыылаах уонна суолталаах күн буолар. 1922 сыллаахха муус устар 22 күнүгэр-Саха Автономнай Советскай Социалистическай республиката төрүттэммитэ, сурукка докумуоңңа киирбитэ. 1990 сыллаахха суверенитет туһунан декларацияны ыламмыт, сувереннай республикабыт хаттаан саңа Конституцияламмыта. Онон муус устар 27 күнэ –Саха Республикатын күнэ. Ол кэмтэн ыла саха олоҕор уларыйыы киирбитэ. 
Государственность – норуот саамай сайдыыта. Нууччалар кэлэ иликтэринэ государственность диэн суоҕа сахалар туох да бырааптара суох этэ. Биһигини «инородецтар», «бырадьааҕылар» диэн ааттыыллар этэ Октябрьскай революция кыайбытын кэннэ 1917 с. Советскай былаас көмөтүнэн Россия уонна Саха сирин дьоно бары тэң бырааптаммыттара. Манна Саха сирэ автономнай Республика диэн билиммиттэрэ.
Саха сирэ автономнай республика буоларыгар улахан акылааты уурбуттара Саха сирин чулуу уолаттара, үөрэхтээхтэрэ Республика бастакы «посола» - Бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Максим Кирович Аммосов, Саха АССР правительствотын - Совнарком бастакы председателэ, суруйааччы П.А. Слепцов - Платон Ойуунускай уонна Исидор Барахов о. д.а.
Саха сирэ статус ылынан Российскай федерация иһинэн государство буолар. Ол иһин биһиэхэ Ил Дархан, Правительство, Ил Түмэн диэн баар. Уонна өссө атын атрибуттар бааллар - Конституция РС (Я) (основной закон буолар). Конституция буоламмыт биһиги сахалыы гимнээхпит, гербэлээхпит, былаахтаахпыт. Государственнай былаах 4 өҥнөөх: халлаан күөх – көҥүл буолууну, эрэли көрдөрөр, маҥан полоска – тыйыс айылҕалааҕын көрдөрөр, от күөх өҥ – кылгас күөх сайыны, доҕордоһууну бэлиэтиир, кыһыл – күүстээх буолууну, төрөөбүт дойдуга эрэллээх буолууну, сайдыыны көрдөрөр. Маҥан төгүрүк – үрүҥ күнү көрдөрөр. Гербэҕэ былыргы аттаах киһи ойууланар. Былыр Лена очуос таастарыгар уруһуйдаан хаалларбыттар. Үөһээ сэттэ алмаас таастар сэттэ омугу көрдөрөр (нууччалар, сахалар, эбээннэр, эбэҥкилэр, долганнар, юкагирдар, чукчалар).
Саха сирэ урут наар сүөһү, сылгы, таба иитиитинэн, балыктааһынынан, булдунан эрэ дьарыктаммыта. Онтон Саха сирэ автономнай Республика буолбутун кэннэ көмүһү, алмааһы, уголь, энергетика промышленноһынан сайдыбыта.. 
1990 сылтан үөрэхтээһин, искусство, литература эйгэтэ күүскэ сайынна.1990 сылтан өрө көтөҕүүлээх кэмнэр үүммүттэрэ. Бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев республика туһугар элбэҕи ситиспитэ. Россия президенэ Борис Ельцин суверенитеты төһө баҕарар ылының диэбитигэр, алмааска, үөрэҕириигэ, атын да хайысхаҕа үгүһү ситиспиппит. Холобур,медицинскэй киин тэриллибитэ, улуустар ааттара сахатыйбыттара, оройуон оннугар улуус диир буолбуппут, оҕолору, ыччаттары соҕуруу үөрэххэ ыытыы тэриллибитэ. Оскуолаларбыт араас хайысханы тутуспуттара - бу суверенитеппыт салгыыта.
Республикабыт барҕара сайдарын туһугар бука бары түмсүүлээхтик, таһаарыылаахтык үөрэниэҕиҥ, үлэлиэҕиҥ! Бука барыгытын саха норуотун өрөгөйдөөх күнүнэн эҕэрдэлиибит!


Комментариев нет:

Отправить комментарий