понедельник, 26 апреля 2021 г.

БиблиоКүн - 2021

 БиблиоКүн - 2021

Гимназиябытыгар иитэр үлэ уонна информационнай киин көҕүлээһининэн, сылын аайы ыытыллар “БиблиоКүн” республикабыт күнүн көрсө уонна Аан дойду кинигэтин күнүгэр анаан ыытылынна.

 “БиблиоКүн” чэрчитинэн, «21 сирэй» дорҕоонноох ааҕыы, «Тэттик бэйэ кинигэтэ» айар үлэ, «Чөл турук – чөл өй-санаа» хоһоон ааҕыы, “Биһиги таптыыр геройдарбыт» виртуальнай фотовыставка күрэхтэрэ буолан аастылар. «21 сирэй» түһүмэххэ үөрэнээччилэр ыйыллыбыт суруйааччылар айымньыларын булан, дорҕоонноохтук, уустаан-ураннаан сахалыы, нууччалыы, английскайдыы ааҕан иһитиннэрдилэр. Түмүккэ 2-ис кылаастарга – Потапова А.,  3-үс кылаастарга – Павлов Т., 4-үс кылаастарга – Блахиров Р., 5-ис кылаастарга – Заболоцкий С., 6-ыс кылаастарга – Назарова С., 7-ис кылаастарга – Иванова-Ылахова К., 8-ыс кылаастарга – Петров М., 9-ус кылаастарга – Боярский Д. кыайыылаахтарынан буоллулар.

Россияҕа «Наука» сылыгар анаммыт «Тэттик бэйэ кинигэтин оҥоруу» күрэххэ үөрэнээччи төрөппүтүн кытта айбыт, чинчийэн, кэтээн көрбүт опыттарын хайдах толкуйдаабыттарынан сиэдэрэйдик киэргэтэн оҥордулар. Бу түһүмэххэ Игнатьев К. 3 кылаас үөрэнээччитэ төрөппүттэрин кытта “Күн систиэмэтэ” диэн кинигэтинэн кыайыылаах аатын сүктүлэр.

«Чөл турук – чөл өй-санаа» хоһоон күрэххэ спорду өрө тутан, дьаныардаахтык дьарыктанар 4 кылаас үөрэнээччитэ Семенов Д. буолла.

«Биһиги таптыыр геройдарбыт” витуальнай фотовыставка айар үлэ күрэҕэр үөрэнээччилэр сөбүлээн аахпыт айымньыларын геройугар майгыннаан, хаартыскаҕа түһэн ыыттылар. Дьүүллүүр сүбэ Былатыан Ойуунускай «Оҕо куйуурдуу турара» айымньытыттан 4 кылаас үөрэнээччитин Шишигина А. үлэтин кыайыылааҕынан быһаарда.

“БиблиоКүн” тэрээһинигэр көхтөөх кыттыыны ылбыт үөрэнээччилэрбитигэр, төрөппүттэрбитигэр, кылаас салайааччыларыгар, бирииһинэн көмөлөспүт "Русская община" председателигэр А.Г. Подголовка истиҥ махталбытын тиэрдэбит.

«Тэттик бэйэ кинигэтин оҥоруу» 

  
"21 сирэй" дорҕоонноох ааҕыы күрэх түгэннэриттэн...
   

    
  

"Биһиги таптыыр геройдарбыт"
 
«Чөл турук – чөл өй-санаа» хоһоон күрэх кыайыылаҕа








Комментариев нет:

Отправить комментарий