понедельник, 13 сентября 2021 г.

Дмитрий Кононович Сивцев - Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 115 сыла

 

Дмитрий Кононович Сивцев -

 Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 115 сыла

Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон – норуодунай суруйааччы, РСФСР, САССР искусствотын үтүѳлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай уонна А.Е.Кулаковскай аатынан Государственнай бириэмийэлэр лауреаттара, СР Бочуоттаах олохтооҕо.

1906 с. балаҕан ыйын 14 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ.Айар үлэтин "Хагдарыйбат ньургуһун" хоһоонунан 1926 с. саҕалаабыта. Маҥнайгы кэпсээнэ «Өлүөнэ өрүс», драмата «Күөх Көппө» эмиэ ити сыл суруллубуттара.«Сордоох суха», «Аанчык», о. д. а. кэпсээннэрэ — классическай айымньылар.Саха драматургиятыгар сүрүн үтүөтэ-өҥөтө «Күкүр Уус», «Айаал», «Сайсары», «Күн күөрэйиэн иннинэ» драмалара. Бу айымньыларга саха үгүс көлүөнэ артыыстара иитиллэн тахсыбыттара. Суорун Омоллоон сахалыы опера, балет сайдалларыгар олук уктээбитэ. Ол курдук кини — саха бастакы «Ньургун Боотур» оператын уонна «Сир симэҕэ» балетын либреттоларын ааптара. Итини таhынан, «Лоокуут уонна Ньургуhун», «Кыhыл Ойуун», «Умуллубат төлөн» опералар, «Хотойдор хоту көтөллөр», «Күн-Куо», «Дьол тааhа» балеттар либреттоларын суруйар. Кини драматург, прозаик уонна поэт быһыытынан биллэр. Оҕо суруйааччытын быһыытынан «Чөөчө» уонна «Чүөчээски» курдук киэҥник биһирэммит кэпсээнинэн айымньылардаах. Саха остуоруйаларын, фольклорун оҕолорго тиэрдээччи, бэртээхэй учебниктары айан, ыччаты иитиһээччи. Чөркөөхтөөҕү политсыылка түмэлин тэрийбитэ. Саха Сирэ нуучча государствотыгар холбоспут кэмин көрдөрөр «Доҕордоһуу» түмэлин уонна Ытык Күөлгэ Хадаайытааҕы түмэли туттарбыта.




Комментариев нет:

Отправить комментарий