Дьиэ-кэргэн күрэҕэ
Буолар күнэ: алтынньы 25 күнэ, күнүс 13.00 чаастан
Кыттааччылар: 1-8 кылаас үөрэнээччилэрэ
Күрэх
сыала-соруга:
- төрөөбүт дойдунан киэн туттууну, бэриниилээх буолууну, истиҥ тапталы, харыстабылы иҥэрии;
- үөрэнээччигэ
суруйааччы олоҕун, айар үлэтин биллэрии;
- үөрэнээччигэ
бэйэ санаатын сааһылаан саҥарар, кэпсиир, уус-ураннык ааҕар үөрүйэхтэрин
иҥэрии;
- ыалынан
ааҕыы үтүө үгэстэрин үйэтитии;
Күрэх Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан, Саха сиригэр Ийэ сылынан, Саха норуодунай суруйааччыта Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сылыгар ананар.
Күрэххэ
үөрэнээччи ийэтин аҕатын (төрөппүттэртэн биирдэстэрэ буолуон син) эбэтэр
эбээтин, эһээтин кытта кыттыан син.
Күрэх хаамыыта:
1 түһүмэх. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах тургутук
2
түһүмэх. Бүөтүр
Тобуруокап айымньылара (викторина)
3
түһүмэх. Ийэҕэ,
төрөөбүт дойдуга анаммыт хоһооннортон уонна Бүөтүр Тобуруокап айымньыларыттан талан
уус-уран ааҕыы күрэҕэ
4 түһүмэх. Ийэ сылыгар аналлаах сорудахтар
Бары кыттыылаахтарга – туоһу сурук, кыайыылаахтарга –
хайҕал сурук уонна сэмэй бэлэх туттарыллар.
Тэрийэр
бөлөх