Список для внеклассного чтения
- Главная страница
- О нас
- Документы ИЦМ
- МТБ и фонд ИЦМ
- Памятка читателя
- Страничка родителя
- Страничка гимназиста
- История гимназии
- Проба пера
- Книжная выставка
- Адреса образовательных сайтов
- Цифровые образовательные ресурсы
- Виртуальная библиотека
- Список для внеклассного чтения
- Перечень 100 лучших книг
- Виртуальные выставки книг
- Скорая библио-помощь
- Фотогалерея
- Дерево загадок
- Конкурсы, положения
- Публикации и работы педагогов
- Хоһооннор
- На страницах СМИ
- Художественные фильмы по школьной программе
- Виртуальный музей "Сэрии дуораана мин дьиэ кэргэммэр"
- Тесты
- Исследовательская работа гимназистов
- BookTube канал
- Саха сирин суруйааччылара
четверг, 21 апреля 2022 г.
вторник, 5 апреля 2022 г.
понедельник, 14 марта 2022 г.
Ийэбинээн ааҕабыт күрэх түмүгэ
А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай
куорат национальнай гимназиятын көҕүлээһининэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр – Ийэ
сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин эйгэтигэр – Ааҕыы сылынан, «Ааҕыы
көлүөнэни ситимниир» бырайыак чэрчитинэн, Аан дойду дьахталларын күнүн көрсө «Ийэбинээн
ааҕабыт» республиканскай күөн күрэх куйаар ситиминэн ыытылынна.
Күрэххэ, республикабыт араас улуустарыттан, 1-5 кылаас
үөрэнээччилэрэ биирдиилээн уонна бүттүүн кылааһынан ийэлэрин кытта, талбыт айымньыларын сахалыы
дорҕоонноохтук аахпыттарын, толорбуттарын видеоҕа устан ыыттылар.
Кыттааччылар
ордук Петр Тобуруокап, Семен Данилов, Д.К. Сивцев – Суорун Омоллоон, Иван Мигалкин, Степан Дадаскинов
айымньыларын уонна олоҥхону, норуот остуоруйаларын сөбүлээн ааҕаллар эбит.
Оҕо
ийэтин кытта төрөөбүт тылынан астына аахтаҕына, кэлин бэйэтэ ыарахаттары көрсүбэккэ,
төрөөбүт тыл сүмэтин эриэккэһигэр, кэрэтигэр тапталы иҥэринэн, айымньылаахтык
ааҕар эйгэтэ кэҥиир.
Күрэх
түмүгүнэн кыайыылаахтар ааттара:
I миэстэ – Чурапчы улууһун Соловьев В.С – Болот Боотур
аатынан Хатылы орто оскуолатын 4 “а” кылаас үөрэнээччитэ Максимова Кристина ийэтинээн
Лидия Павловналыын.
II миэстэ – А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар
ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын 4 “в” кылааһын үөрэнээччитэ Татаринова Полина, ийэтинээн Вероника Дмитриевналыын
II миэстэ – Чурапчы улууһун
Соловьев В.С – Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатын 4 “а” кылаас
үөрэнээччитэ Никонорова Милена ийэтинээн Федора Николаевналыын
III миэстэ – А.Г. уонна
Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын 5 “а”
кылааһын үөрэнээччитэ Пинигин Дамир 5 “а” кылаас үөрэнээччитэ ийэтинээн
Екатерина Васильевналыын
III миэстэ – Л.Е. Лукина аатынан МБУ ДО ЦДО 1
кылааһын үөрэнээччилэрэ ийэлэринээн, уһуйааччы Корякина Л. Н., кылаас салайааччыта Максимова Л.А.
III миэстэ – Декабрина,
Айла, Саша Семеновтар, Дьокуускай куорат
Күрэх
кыттыылаахарыгар истиҥ эҕэрдэбитин уонна барҕа махталбытын тиэрдэбит.
вторник, 1 марта 2022 г.
Ийэбинээн ааҕабыт
А.Г. уонна Н.К Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр – Ийэ сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин эйгэтигэр – Ааҕыы сылынан, «Ааҕыы көлүөнэни ситимниир» бырайыак чэрчитинэн, Аан дойду дьахталларын күнүн көрсө «Ийэбинээн ааҕабыт» күөн күрэһи куйаар ситиминэн ыытар.
Күрэх балаһыанньата
Сыала-соруга:
- төрөөбүт тыл сүмэтин эриэккэһигэр, кэрэтигэр тапталы иҥэрии
- дьиэ кэргэҥҥэ айымньылаахтык ааҕыыны көҕүлээһин
- дьиэ кэргэн ааҕыытын өрө тутуу, эйгэтин кэҥэтии
Тэрээһин ирдэбилэ:
• Кыттааччылар: ийэ уонна оҕо (1-8 кылаас үөрэнээччилэрэ)
• Видео уһуна 2-3 мүнүүтэ, онно киирэр:
• Бэйэни билиһиннэрии (ийэ уонна оҕо аата, кылааһа)
• Айымньы ааптара, айымньы аата
• Талбыт айымньыгытыттан быһа тардан көҥүл көрүҥүнэн дорҕоонноохтук ааҕыы: ийэ оҕоҕо, оруолларынан үллэстэн, тэҥҥэ ааҕыы, инсценировка од.а.
•Видеону кулун тутар 1-12 күнүгэр дылы Информационнай киин-медиатека почтатыгар icmygng01@mail.ru ыыталлар.
Сыаналааһын сүрүн ирдэбилэ:
- Дорҕоонноохтук ааҕыы;
- Тыла-өһө чуолкайа, иһиллиитэ;
- Туттан-хаптан артыыстааһына, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдиитэ, сэҥээрдиитэ;
Бары кыттыылаахтарга – электроннай Туоһу сурук, кыайыылаахтарга – Хайҕал сурук. Кыайыылаахтар ааттара ИЦМ сайтыгар: https://icmygng.blogspot.com, Инстаграмм @icm_ygng сирэйгэ кулун тутар 14 күнүгэр тахсыахтара.
Көхтөөх кыттыыны ылыаххыт диэн эрэнэбит.
понедельник, 14 февраля 2022 г.
«Төрөөбүт тыл – норуот сайдар кэскилэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэн күрэҕин түмүгэ
воскресенье, 13 февраля 2022 г.
Олунньу 13 күнэ — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ.
понедельник, 7 февраля 2022 г.
1 түһүмэх: «Дьиэ кэргэним – дьоллоох биһигим». Кыттааччылар бэйэлэрин туһунан уустаан-ураннаан билиһиннэрэн видеоҕа устан ыыталлар. (5 мүн. уһуо суохтаах)
2түһүмэх: «Төрөөбүт тылым – барҕа баайым». Кыттааччылар сөбүлээн аахпыт айымньыларыттан быһа тардан инсценировкалаан көрдөрүөхтэрин эбэтэр дорҕоонноохтук, уус-ураннык ааҕан иһитиннэриэхтэрин син. Видеоҕа устан ыыталлар. (5 мүн. уһуо суохтаах)
3 түһүмэх: Айар үлэ (оҥоһук эбэтэр хоһоон айыыта, талаҕыт). Кыттааччылар аахпыт айымньыларыттан оҥоһук (матырыйаала хааччахтаммат), оҥоһук туһунан кылгастык видео устан ыыталлар (5 мүн. уһуо суохтаах) эбэтэр Һ,Ө,Ҕ,Ү,Ҥ буукубаларга аналлаах, Ийэ, Төрөөбүт тыл туһунан хоһоон айыыта. (Айыллыбыт хоһоону бэчээттээн ыытаҕыт)
Тэрээһин ирдэбилэ:
• Сайаапкаҕытын бу сыылканан киирэн толороҕут: https://forms.gle/KNGSd84Rbar3oGti7
• Кыттааччы ахсаана хааччахтаммат.
• Күрэх түһүмэхтэрин видеоҕа устан олунньу 12 күнүгэр дылы icmygng01@mail.ru ыыталлар.
• Видео уһуна 5-7 мүнүүтэттэн ордуо суохтаах;
• 3 түһүмэх түмүгүнэн бары кыттыылаахтарга электроннай Туоһу сурук, кыайыылаахтарга – Хайҕал сурук, бириис туттарыллыа.
• Кыайыылаахтар ааттара ИЦМ сайтыгар: https://icmygng.blogspot.com, Инстаграмм @icm_ygng сирэйгэ олунньу 13 күнүгэр тахсыахтара.
• Күрэххэ кыттыы усунуоһа биир дьиэ кэргэнтэн - 150 солкуобай.
• Усунуоһу 89148274708 (Оксана Васильевна Б.) диэн нүөмэргэ сбербаан онлайн ыытаҕыт.
Көхтөөх кыттыыны ылыаххыт диэн эрэнэбит.