среда, 18 декабря 2019 г.

Семинар для школьных библиотекарей


18 декабря в нашей гимназии прошел городской семинар на тему “Проектная деятельность по приобщению детей к чтению”, посвященный проектам ИЦМ, направленным на взаимодействие с учителями и родительским сообществом, работу со школьниками по развитию коммуникативных и метапредметных компетенций.
Гости ознакомились с проектом «Фотовыставка, посвященная 200-летию М.Ю. Лермонтова «Вечный герой нашего времени», составленным совместно с учителями русского языка и литературы, учащимися и родителями 9 «б», 10 «а» классов. Педагог-библиотекарь Бурнашева О.В. в своем сообщении рассказала о проекте «Чтение – поколений связующая нить», объединяющем старшее и младшее поколения. 100-летию поэта-фронтовика Т.Е. Сметанина было посвящено исполнение композиции по стихам юбиляра учащимися, учителями и родителями 7 «б» класса. Соловьева А.А. показала библиотекарям мастер-класс по использованию в работе цифровых технологий, а Григорьева Н.И., педагог-библиотекарь СОШ №29 – по применению технологии Буктрейлер.
Заместитель директора по ВР, к.п.н. Гоголева С.А. рассказала о деятельности гимназии, родительского комитета; а также учащиеся провели для гостей экскурсию по знаменательным местам гимназии.
Гости расходились довольные увиденным, проделанной работой, окрыленные на будущее проекта. 










понедельник, 25 ноября 2019 г.

«...Син биир этиэҕим: Сирдээҕи дьолу билэбин диэн...»


Сэтинньи 20-21-22 күннэригэр Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияҕа «Ааҕыы – көлүөнэни ситимниир» проект чэрчитинэн төрөппүт уонна үөрэнээччи кыттыылаах «...Син биир этиэҕим: Сирдээҕи дьолу билэбин диэн...» литературнай күрэх буолан ааста. Бу тэрээһин Театр сылыгар, Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө, поэт, прозаик, драматург, буойун-суруйааччы Тимофей Егорович Сметанин төрөөбүтэ 100 сылыгар ананна.
Күрэххэ, суруйааччы олоҕор уонна айар үлэтигэр аналлаах маҥнайгы түһүмэххэ, бастаан викторина ыйытыктарын онлайн сибээһинэн тест толордулар, иккиһинэн үөрэнээччилэр Т.Е.Сметанин айымньытыттан ойууламмыт хартыына-пазл таһаардылар, онтон хоһоонун ситэрдилэр.
Бүтэһик түһүмэххэ кылаастар дьиэҕэ сорудахтарын – Т.Е. Сметанин айымньытынан уус-уран дьүһүйүү көрдөрдүлэр. Манна суруйааччы “Күөрэгэй”, “Куоскалар уонна Саһыл” остуоруйатын, “Хаһаайка” хоһоонун оонньоон көрдөрдүлэр.  “Манчаары Баһылай” туһунан ырыа, сэрии кэминээҕи хоһоонортон монтаж туруоран дьон-сэргэ сэҥээриитин ыллылар.
Быйылгы тэрээһиҥҥэ төрөппүттэри таһынан элбэх эбээ, эһээ кыттыбыта биһирэннэ. Кыайыылаахтар хайҕал уонна махтал суруктарынан, төрөппүт комитетыттан сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.





пятница, 11 октября 2019 г.

С успешным участием!


С 5 по 25 сентября 2019 года на базе ВДЦ «Смена» прошел финал Всероссийских спортивных соревнований школьников «Президентские состязания». Среди 2000 школьников из 83 субъектов России: 80 сельских и 80 городских классов команд – приняла участие команда 9 «б» класса МОБУ «Якутская городская национальная гимназия им. А.Г. и Н.К. Чиряевых» (классный руководитель Илларионова В.И., учитель физкультуры Ядреев П.М.).
 Целью состязаний является укрепление здоровья, вовлечение детей в систематические занятия физической культурой и спортом, становление их гражданской и патриотической позиции. В обязательную программу входят: спортивное многоборье, эстафетный бег, творческий и теоретический конкурсы. Юные спортсмены национальной гимназии заняли почетное 3 место в творческом конкурсе среди городских классов-команд. Их выступление высоко оценили по следующим критериям: актуальность и качество исполнения, соответствие заданной теме «Школьный спорт нам всем поможет престиж России преумножить!» и регламенту конкурса, сценическая культура и костюмы, культура использования реквизита. Они рассказали о семейных традициях якутского народа, именитых спортсменах-олимпийцах, а в образе семигранного алмаза – о клубах и мероприятиях, проводимых в гимназии, участии в олимпиадах различного уровня, туристско-краеведческой работе.
Президентские состязания – это не только спортивные поединки, но и творческие вечера, интеллектуальные конкурсы, встречи с выдающимися спортсменами. Они проходят в 21-й раз, спортсмены ЯГНГ принимают участие с 2013 года и становятся победителями творческого, теоретического конкурсов. Ребята открывают в себе новые способности, доказывают свои физические и интеллектуальные силы, дружат со своими сверстниками из разных областей России. С отличным настроением возвращаются из «Смены» наши призеры и их руководители Крылова Татьяна Леонидовна, Максимова Наталья Михайловна.





понедельник, 6 мая 2019 г.

БиблиоКүн-2019

Муус устар 25 күнүгэр үгэс курдук сыл аайы ыытыллар "БиблиоКүн" буолан ааста. Бүтүн Россия үрдүнэн ыытылла турар Театр сылыгар анаан "Сулустуун көрсүһүү" тэрээһиммитигэр Саха академическай театрын артыыһа, гимназияны 2010 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбит Айсен Лугинов кэлэн ыалдьыттаата, бэйэтин айар үлэтин, инники былааннарын туһунан кэрэхсэбиллээхтик кэпсээтэ, оҕолор ыйытыктарыгар хоруйдаата. 
Тэрээһин биир сонун көрүҥүнэн "19-с сирэй" диэн үс тылынан (сахалыы, нууччалыы, английскай тылынан) тута дорҕоонноохтук ааҕыы буолла. 
Театр уонна сомоҕолоһуу сылларыгар анаммыт дьиэ кэргэнинэн кинигэ оҥоруу уонна "Мин таптыыр артыыһым" диэн видео устан ыытыы үрдүк таһымнаахтык аастылар, ааҕааччылар, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар.  

среда, 20 марта 2019 г.

Саха оскуолаларын икки ардыларыгар "Түмэр тыл түһүлгэтэ"

Төрөөбүт
Төрүт тыл
Сөрүүн сүөгэй курдук
Сүрэҕи-быары сөрүүргэтэр...
                                                                                                                Күндэ

Кулун тутар 18 күнүгэр Саха тыйаатырын Олоҥхо саалатыгар саха оскуолаларын икки ардыларыгар "Түмэр тыл түһүлгэтэ" оонньуу-күрэҕи Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия саха тылын, литературатын уонна культуратын кафедрата иилээн-саҕалаан, тэрийэн ыытта.
Күрэххэ барыта 9 сахалыы тыллаах оскуола (Саха гимназия, Айыы Кыһата, Тулагы орто оскуолата, Саха политехническай лицей, №2, №17, №26, №33 орто оскуолалар, Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия) кыттыыны ылан, анал ааттарынан, туоһу суруктарынан наҕараадаланна.
Күрэх сыалынан-соругунан буолар: үбүлүөйдээх  суруйааччылары ырыа-хоһоон нөҥүө айымньыларын үйэтитии; оҕо норуот тылынан уус-уран айымньытын билиитин чиҥэтии; театр артыыстарын билии, ытыктабылы иҥэрии; оһуохай  хаамыытын, толоруллуутун тутуһарга иитии.
Хамаандалар биэс түһүмэхтэн турар тургутуктарга олус диэн өрө көтөҕүллэн, көхтөөхтүк кытыннылар. Үбүлүөйдээх суруйааччылар айымньыларын уустаан-ураннаан, дьүһүйэн көрдөрбүттэрэ дьүүллүүр сүбэни, кыттааччылары долгутта. Маны таһынан, оҕолор ийэ тылларын баайын, тыйаатыр сылыгар анаммыт ыйытыктарга билиилэрэ сыаналанна. Хас биирдии хамаанда чуор куоластаах оһуокайы таһаарааччыта доҕордоһуу түһүлгэтин төрүттээтэ.


среда, 16 января 2019 г.

«Дарите книги с любовью»

С 11 по 17 февраля 2019 года Ассоциация деятелей культуры, искусства и просвещения по приобщению детей к чтению «Растим читателя» проведет Третью общероссийскую акцию «Дарите книги с любовью», приуроченную к Международному дню книгодарения, который отмечается уже несколько лет 14 февраля во многих странах мира.
Дорогие наши читатели, просим принять активное участие!

пятница, 7 декабря 2018 г.

Ааҕыы көлүөнэни ситимниир


Сэтинньи ыйга 4 чулуу суруйааччыларбыт: П. Ойуунускай 125, Н. Заболоцкай-Чысхаан 110, Н. Якутскай 110, И. Артамонов 90 үбүлүөйдээх саастарын үөрэ-көтө бэлиэтээтибит.
Ол курдук, ахсынньы 1 күнүгэр Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияҕа үбүлүөйдээх суруйааччыларбытыгар  анаан, үгэскэ кубулуйбут "Ааҕыы көлүөнэни ситимниир" ырыа-хоһоон түһүлгэтигэр үөрэнээччилэр төрөппүттэрин, эбээлэрин, эһээлэрин кытта суруйааччылар айымньыларыттан талан, уус-ураннык аахтылар, ырыаларын толордулар. Быйылгы тэрээһиҥҥэ хаһааҥҥытааҕар да элбэх төрөппүт (33 ийэ, аҕа, эбээ, эһээ, хос эбээ)  кыттыыны ылла. Үөрүүлээх түһүлгэбитигэр Нина Алексеевна Золотарева абаҕатын Николай Якутскай олоҕуттан кэпсээтэ.
Сылтан сыл кыттааччылар суруйааччы олоҕун билиилэрэ-көрүүлэрэ, доҕоонноохтук ааҕар маастарыстыбалара сайдан иһэрэ тэрээһин сүҥкэн суолталаммытын көрдөрөр.