среда, 20 марта 2019 г.

Саха оскуолаларын икки ардыларыгар "Түмэр тыл түһүлгэтэ"

Төрөөбүт
Төрүт тыл
Сөрүүн сүөгэй курдук
Сүрэҕи-быары сөрүүргэтэр...
                                                                                                                Күндэ

Кулун тутар 18 күнүгэр Саха тыйаатырын Олоҥхо саалатыгар саха оскуолаларын икки ардыларыгар "Түмэр тыл түһүлгэтэ" оонньуу-күрэҕи Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия саха тылын, литературатын уонна культуратын кафедрата иилээн-саҕалаан, тэрийэн ыытта.
Күрэххэ барыта 9 сахалыы тыллаах оскуола (Саха гимназия, Айыы Кыһата, Тулагы орто оскуолата, Саха политехническай лицей, №2, №17, №26, №33 орто оскуолалар, Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия) кыттыыны ылан, анал ааттарынан, туоһу суруктарынан наҕараадаланна.
Күрэх сыалынан-соругунан буолар: үбүлүөйдээх  суруйааччылары ырыа-хоһоон нөҥүө айымньыларын үйэтитии; оҕо норуот тылынан уус-уран айымньытын билиитин чиҥэтии; театр артыыстарын билии, ытыктабылы иҥэрии; оһуохай  хаамыытын, толоруллуутун тутуһарга иитии.
Хамаандалар биэс түһүмэхтэн турар тургутуктарга олус диэн өрө көтөҕүллэн, көхтөөхтүк кытыннылар. Үбүлүөйдээх суруйааччылар айымньыларын уустаан-ураннаан, дьүһүйэн көрдөрбүттэрэ дьүүллүүр сүбэни, кыттааччылары долгутта. Маны таһынан, оҕолор ийэ тылларын баайын, тыйаатыр сылыгар анаммыт ыйытыктарга билиилэрэ сыаналанна. Хас биирдии хамаанда чуор куоластаах оһуокайы таһаарааччыта доҕордоһуу түһүлгэтин төрүттээтэ.


Комментариев нет:

Отправить комментарий