пятница, 17 ноября 2017 г.

Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназиябыт 25 сылын көрсөр
 "Дьоллоох оҕо саас кыһата" дьоро күнэ үүммүтүнэн эҕэрдэлиибит!


четверг, 26 октября 2017 г.

“Ааҕыы-көлүөнэни ситимниир”

                                                           Төһөлөөх да күн үбүгэр
Тэҥнэммэт ыар сыаналаах
Күндүттэн күндү кылаат
Баар үһү күн сиригэр.
…Оннук кылаат күн сиригэр
Суос соҕотох!
Кини аата – БИЛИИ!
                              Бүөтүр Тобуруокап

Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия 25 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, Саха народнай поэта Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан, поэт төрөөбүт күнүгэр, үгэскэ кубулуйбут “Ааҕыы-көлүөнэни ситимниир” бырайыак чэрчитинэн, ырыа-хоһоон түһүлгэтэ буолан ааста. Күндү ыалдьыппыт Бүөтүр Тобуруокап кыра кыыһа Саргылана Петровна аҕатын туһунан истиҥник ахтан ааспытын оҕолор сэргии иһиттилэр.
Түһүлгэни суруйааччы хос сиэнэ, 4 “а” кылаас үөрэнээччитэ Ньургун Наумов, “Өскө наһаа баҕарыаҥ” диэн хоһоонунан арыйда. Ааҕыыга гимназия үөрэнээччилэрэ ийэлэрин, аҕаларын, эбээлэрин, эһээлэрин кытта Бүөтүр Тобуруокап хоһоонноруттан талан айымньылаахтык сыһыаннаһан, истиҥник, уус-ураннык өйтөн аахтылар, ырыаларын толордулар.
Хас биирдии дьиэ кэргэн, мустубут ыалдьыттар, үөрэнээччилэр Бүөтүр Тобуруокап  дьоһун олоҕун, төрөөбүт норуотугар бэлэх гынан хаалларбыт алгыстаах айар үлэтин көрөн –истэн, астына-дуоһуйа тарҕастылар.

Кэнчээри ыччат көлүөнэнэн утумнаан үөрэтэрин, ааҕарын тухары, суруйааччы айымньылара өлбөөдүйэн сүтүөхтэрэ суоҕа. 

пятница, 20 октября 2017 г.

5А КЫЛААС ҮТҮӨ ДЬЫАЛА ТЭРЭЭҺИНИН ЫЫТТА

Алтынньы 10 күнүгэр Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия 5а кылааһын (кылаас сал.Адамова С.А) үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэрэ гимназия 25 сыллаах үбүлүөйүн көрсө үтүө дьыала тэрээһинин ыыттылар. Ол курдук кылаас чааһыгар төрөппүт, «Бичик» национальнай кинигэ издательствотын үлэһитэ Никифорова М.Г. кэлэн ыалдьыттаата, кыһа туһунан кэпсээтэ, викторина ыытта. Оҕолор «Бичиккэ» тахсыбыт араас дьэрэкээн ойуулаах, баай ис хоһоонноох кинигэлэр, остуол оонньууларын туһунан билиһиннэрдилэр  уонна бибилэтиэкэ пуондатыгар бэлэх ууннулар.

IV Аан дойдутааҕы «Үрүҥ хаар алгыһа» поэзия бэстибээлэ.


Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияҕа IV Аан дойдутааҕы «Благодать большого снега» «Үрүҥ хаар алгыһа» поэзия бэстибээлэ үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.
Көрсүһүүгэ, Азербайджан поэта Акбер Гошалы, Татарстан поэта Рифат Салахов уонна сахабыт сирин поэттара Рустам Каженкин, Гаврил Андросов, Елизавета Мигалкина ыалдьыттаатылар.
Кэлбит ыалдьыттары гимназия үөрэнээччилэрэ арыылаах алаадьынан айах туттулар, алгыстаах хомуһунан арчылаатылар. Бүтүн Россиятааҕы «Президент күрэҕин» кыттыылаахтара 8 «б» кылаас үөрэнээччилэрэ, Сахабыт сирин кэрэтин көрдөрөр дириҥ ис хоһоонноох композицияларын ыалдьыттар астына көрдүлэр.
Акбер Гошалы уонна Рифат Салахов бэйэлэрин тылларынан хоһооннорун аахпыттарын, ыйытыыларга хоруйдаабыттарын оҕолор олуһун сэргээтилэр.
Бу тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытта саха тылын уонна литературатын учуутала, кафедра салайааччыта Күндэлиинэ Трофимовна Кириллина.  

Маннык истиҥ көрсүһүү биһиги гимназиябыт үбүлүөйдээх сылыгар буолбута олус тоҕоостоох.


вторник, 17 октября 2017 г.

Внимание, конкурс!



Сроки приема заявок: 8 октября — 15 ноября 2017 года (включительно).
Подведение итогов: ноябрь 2017 года.

Правила участия:

  1. Выберите любое поэтическое произведение М. И. Цветаевой из школьного курса. Прочитайте его в одиночку или в компании и запишите видеоролик. Рекомендуемая продолжительность видеоролика — не более 2 минут. Язык прочтения — русский.
  2. Выложите видеоролик на YouTube и подпишитесь на YouTube-канал корпорации «Российский учебник»(ДРОФА-ВЕНТАНА).
  3. Опубликуйте видеоролик на сайте lit.drofa-ventana.ru. Обязательно поставьте отметку «Читаем Цветаеву» в блоке «Прочтения». Прочтения без данной пометки участвовать в конкурсе не будут! Если вы не нашли нужное произведение в списке, его можно добавить самостоятельно при публикации. Обратите внимание, что произведение должно входить в школьную программу, основную или дополнительную.
И не забудьте дополнительно поделиться опубликованным видеороликом с любой страницы проекта в одной из социальных сетей с указанием хэштега #страначитающая.
Как выложить видео на сайт, подать заявку на конкурс, проголосовать за прочтение и ответы на другие часто задаваемые вопросы вы найдете в разделе «Вопросы и ответы»

Выбор победителей определяется:
  1. Случайным образом (с помощью генератора случайных чисел) — до 7 победителей. За один день до объявления результатов список участников с номерами работ будет опубликован на сайте проекта.
  2. Народным голосованием — до 7 победителей. В их число войдут участники, чьи видеоролики наберут наибольшее количество лайков по результатам голосования на сайте lit.drofa-ventana.ru. Обратите внимание, что оценивать видеоролики могут только зарегистрированные пользователи. Голоса за конкурсные работы принимаются вплоть до подведения итогов.
  3. Экспертным жюри корпорации «Российский учебник»(ДРОФА-ВЕНТАНА). В данной категории будет выбрано 4 победителя в номинациях:
    • «Лучшее индивидуальное прочтение» — за раскрытие образа, артистизм, харизматичность, актерскую игру;
    • «Лучшая режиссура» — за впечатляющие декорации или необычное место действия, внимание к оформлению и деталям, работу постановщика и оператора, съемку и монтаж, музыкальное сопровождение;
    • «Лучшее коллективное исполнение» — оцениваются слаженность команды, эмоциональное единение и общая вовлеченность;
    • «За чувство юмора» — за неожиданный выбор произведения и авторский взгляд на прочтение, режиссуру с иронией, на злобу дня.
Всех участников ждут памятные именные сертификаты, победители награждаются дипломами и получают призы — книги и скидку на покупку любой литературы в интернет-магазине. Отправка призов осуществляется в течение 30 дней с момента объявления победителей.

понедельник, 2 октября 2017 г.

Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия 25 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан


                                                         

Төһөлөөх да күн үбүгэр
Тэҥнэммэт ыар сыаналаах
Күндүттэн күндү кылаат
Баар үһү күн сиригэр.
…Оннук кылаат күн сиригэр
Суос соҕотох!
Кини аата – БИЛИИ!
                              Бүөтүр Тобуруокап

      Саха народнай поэта Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан, үгэскэ кубулуйбут “Ааҕыы-көлүөнэни ситимниир” бырайыак чэрчитинэн, ырыа-хоһоон түһүлгэтэ ыытыллар.
    Ааҕыыга гимназия үөрэнээччилэрэ төрөппүттэрин эбэтэр эбээлэрин, эһээлэрин кытта Бүөтүр Тобуруокап хоһоонноруттан талан уус-ураннык өйтөн ааҕаллар, ырыаларын толороллор.
Көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт!



Буолар күнэ: Алтынньы 25 күнэ

среда, 27 сентября 2017 г.

Сказочные чертоги осенней ярмарки

Осень. Сказочный чертог,
Всем открытый для обзора
Просеки лесных дорог,
Заглядевшихся в озера.
Где деревья в сентябре
На заре стоят попарно,
И закат на их коре
Оставляет след янтарный.
23 сентября в Якутской городской национальной гимназии прошла традиционная ярмарка «Золотая осень». Ежегодно ребята совместно с родителями готовят различные осенние деликатесы, оформляют свой уголок, представляют литературно-музыкальную композицию. В нынешнем учебном году благотворительная ярмарка посвящалась Году экологии в РФ, Году Добра в Якутске.
Победителями в своих номинациях стали: 7 «б» класс, классный руководитель Илларионова В.И. с танцевальной композицией – балетом «Янтарная песнь любви», посвященной Году Добра; 8 «а» класс, классный руководитель Федорова Т.Н. с композицией «Красною кистью рябина зажглась…», посвященной 125-летию М.И. Цветаевой; 11 «б» класс, классный руководитель Никитина В.Г. с флэш-мобом.
Поступившие от благотворительной ярмарки учащихся гимназии средства в размере 110000 рублей были вручены пострадавшей от пожара семье, которая очень благодарна школьникам и их родителям за помощь.