Сэтинньи 20-21-22 күннэригэр Дьокуускай куораттааҕы
национальнай гимназияҕа «Ааҕыы – көлүөнэни ситимниир» проект чэрчитинэн
төрөппүт уонна үөрэнээччи кыттыылаах «...Син биир этиэҕим: Сирдээҕи дьолу
билэбин диэн...» литературнай күрэх буолан ааста. Бу тэрээһин Театр сылыгар,
Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө, поэт, прозаик, драматург, буойун-суруйааччы Тимофей
Егорович Сметанин төрөөбүтэ 100 сылыгар ананна.
Күрэххэ, суруйааччы олоҕор уонна айар үлэтигэр
аналлаах маҥнайгы түһүмэххэ, бастаан викторина ыйытыктарын онлайн сибээһинэн тест
толордулар, иккиһинэн үөрэнээччилэр Т.Е.Сметанин айымньытыттан ойууламмыт
хартыына-пазл таһаардылар, онтон хоһоонун ситэрдилэр.
Бүтэһик түһүмэххэ кылаастар дьиэҕэ сорудахтарын – Т.Е.
Сметанин айымньытынан уус-уран дьүһүйүү көрдөрдүлэр. Манна суруйааччы
“Күөрэгэй”, “Куоскалар уонна Саһыл” остуоруйатын, “Хаһаайка” хоһоонун оонньоон
көрдөрдүлэр. “Манчаары Баһылай” туһунан
ырыа, сэрии кэминээҕи хоһоонортон монтаж туруоран дьон-сэргэ сэҥээриитин
ыллылар.
Быйылгы тэрээһиҥҥэ төрөппүттэри таһынан элбэх эбээ,
эһээ кыттыбыта биһирэннэ. Кыайыылаахтар хайҕал уонна махтал суруктарынан, төрөппүт
комитетыттан сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.