Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, улуу поэт, ученай, фольклорист, сырдатааччы А.Е. Кулаковскай - Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕор уонна айар үлэтигэр анаммыт сайт презентацията буолла. Бу сайт бастакы президент Михаил Николаев көҕүлээһининэн таҥыллан үлэҕэ киирдэ.
Көрсүһүүгэ сайт ис хоһоонун, хайдах тэриллэн, хомуллан оҥоһуллубутун уонна туох салаалардааҕын,"Өксөкүлээх үөрэҕэ" бырайыагы билиһиннэрдилэр. Алексей Елисеевич Кулаковскай - Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ Лариса Реасовна эһээтин, аҕатын туһунан бэрт иһирэхтик ахтан-санаан сэһэргээтэ.
Биһиги гимназиябытыттан 10 "а" кылаас үөрэнээччилэрэ уонна саха тылын литературатын учууталлара, медиатека киинин үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар.
Комментариев нет:
Отправить комментарий