Төрөөбүт төрүт
тыл
Сөрүүн сүөгэй курдук
Сүрэҕи-быары сөрүүргэтэр,
Убаҕас отон уутун курдук
Улахан куйааска утаҕы аһарар,
Сырдьыгыныы көөнньүбүт
Сылгы кымыһын курдук
Тостор куйааска тоҕулу ханнарар…
А.А. Иванов – Күндэ
Сөрүүн сүөгэй курдук
Сүрэҕи-быары сөрүүргэтэр,
Убаҕас отон уутун курдук
Улахан куйааска утаҕы аһарар,
Сырдьыгыныы көөнньүбүт
Сылгы кымыһын курдук
Тостор куйааска тоҕулу ханнарар…
А.А. Иванов – Күндэ
Буолар күнэ-дьыла: 13.02.2018с., 14.00 чаастан
Буолар сирэ:
аактабай саала
“Хомуһун тыл, хомоҕой
хоһоон” түһүлгэтин өйтөн ааҕыы күрэҕэр гимназия 5,6,7 кылааһын үөрэнээччилэригэр
ыытыллар.
Сыала-соруга: саха суруйааччыларын хоһоонунан айымньыларын үүнэр
ыччакка тарҕатыы, оҕо өйүгэр-санаатыгар иҥэрии; төрөөбүт тылга, литератураҕа
тапталы иитии.
Ирдэбиллэр:
1.
Кылаастан
5 уонна онтон элбэх үөрэнээччи бөлөҕүнэн кыттар.
2.
Бөлөх
ааҕар хоһооно: төрөөбүт тыл эбэтэр
быйылгы үбүлүөйдээх саха суруйааччыларын хоһоонноруттан буолар.
3.
Ааҕыы
5 мүн. уһуо суохтаах.
Үлэни
сыаналааһын:
1.
Ис
хоһоонноохтук, хомоҕойдук, дорҕоонноохтук ааҕыы.
2.
Айымньыны
бэйэ толкуйунан уус-уран киэргэтии, доҕуһуол.
Тэрийэр бөлөх
Комментариев нет:
Отправить комментарий