Сэтинньи 13 күнүттэн саҕалаан
гимназиябыт 25 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн бэлиэтиир тэрээһиннэр
саҕаламмыттара.
Кафедраларынан аһаҕас уруоктар, кылаас
чаастара, көрсүһүүлэр, быыстапкалар, концертар, араас күрэхтэр үрдүк таһымҥа
ыытыллыбыттара.
Ол курдук, саха тыл, литература, төрүт
култуура, музыка, технология, медиа-киин холбоһуктаах кафедра М.Е. Николаев
төрөөбүт күнүгэр аналлаах аһаҕас дьарыгын урут үлэлээбит бэтэрээн учууталларын,
үөрэммит оҕолорун ыҥыран гимназия үөрэнээчилэрэ кыттыылаах үбүлүөйдээх нэдиэлэ
тэрээһиннэрин үөрүүлээхтик аспыта.
Сэтинньи 17 күнүгэр ытыктабыллаах бэтэрээннэри,
төрөппүттэри, гимназия выпускниктарын, үөрэнээччилэрин, бары үлэһиттэрин
алгыһынан ыраастаан, баҕа санаа саламатын баайан, хас биирдиилэригэр аналлаах
харысхал бэлиэтин оҥорон, саха төрүт инструменнарыгар оонньотон, олоҥхо
геройдара фотозонаҕа хаартыскаҕа түһэрэн, тутатына буспут арыылаах алаадьынан
айах тутан, уохтаах кымыһынан утахтаан атын түһүлгэлэргэ атаарбыттара. Сылдьыбыт
ыалдьыттар бары дуоһуйа астынан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн, бу кэрэ түгэни
өйдөрүгэр-сүрэхтэригэр хаалларан, махтал тылларын эппиттэрэ.
Комментариев нет:
Отправить комментарий