пятница, 22 декабря 2023 г.

Кэлэн иһэр Саҥа Дьылынан!

 Үүнэр сылы көрсө гимназия алын сүһүөҕүн үөрэнээччилэригэр библиотечнай уруоктар буола тураллар. 

Уруокка атын норуоттар хайдах Саҥа Дьылы көрсөллөрүн, викторина ыйытыктарыгар хоруйдаан, онньууну-көрү көҕүлүттэн тутан, бэйэ илиитинэн эҕэрдэ открытка оҥорон, Саҥа Дьыллааҕы ойуулугу  көрөн, көхтөөхтүк кыттыыны ыллылар.






вторник, 21 ноября 2023 г.

«Кэрэ киэҥ дойдубар мин тойук туойабын» П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах истиҥ түһүлгэ

  П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах «Ааҕыы - көлүөнэни ситимниир» бырайыак чэрчитинэн «Кэрэ киэҥ дойдубар мин тойук туойабын» диэн тургутук-оонньуу түһүлгэтигэр алын сүһүөх кылаастартан дьиэ кэргэттэр күөн көрүстүлэр. Күрэх түмүгэ: 

🥉III миэстэни– 1 «г» кылаастан Созонова Анна, ийэтэ Сардана Александровна, эбэтэ Алена Гаврильевна, кыл.сал. Яковлева Э.Н.   

🥈II миэстэни– 4 «б» кылаастан Габышев Айтал, аҕата Айхал Иванович, эһэтэ Петр Петрович, кыл.сал. Габышева М.Е.

🥇🏆I миэстэни– 2 «а» кылаастан Бучугасов Андриан, ийэтэ Паша Алексеевна, эһэтэ Алексей Петрович, кыл.сал. Максимова Н.М.

📜📜📜Бары кыттыылаахтар Туоһу сурук, кыайыылаахтар Хайҕал сурук, кинигэ бэлэх туттулар.

Көхтөөхтүк кыттыбыт кылаастары истиҥник эҕэрдэлиибит, барҕа махталбытын тиэрдэбит!











пятница, 27 октября 2023 г.

Өксөкүлээх сайта сүрэхтэннэ

 





Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, улуу поэт, ученай, фольклорист, сырдатааччы А.Е. Кулаковскай - Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕор уонна айар үлэтигэр анаммыт сайт презентацията буолла. Бу сайт бастакы президент Михаил Николаев көҕүлээһининэн таҥыллан үлэҕэ киирдэ.

Көрсүһүүгэ сайт ис хоһоонун, хайдах тэриллэн, хомуллан оҥоһуллубутун уонна туох салаалардааҕын,"Өксөкүлээх үөрэҕэ" бырайыагы  билиһиннэрдилэр. Алексей Елисеевич Кулаковскай - Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ Лариса Реасовна эһээтин, аҕатын туһунан бэрт иһирэхтик ахтан-санаан сэһэргээтэ.

Биһиги гимназиябытыттан 10 "а" кылаас үөрэнээччилэрэ уонна саха тылын литературатын учууталлара, медиатека киинин үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар. 

Оҕо аймах тапталлаах суруйааччыта

 




Медиатека киинин тэрийиитинэн, саха народнай поэта, оҕо аймах тапталлаах суруйааччыта Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүтэ 106 сылыгар анаан орто сүһүөх кылаастар литературнай оонньуу түһүлгэтигэр күөн көрүстүлэр. Үөрэнээччилэр күрэххэ суруйааччы олоҕун, айар үлэтин төһө билэллэрин бигэргэтэн тургутукка хоруйдаатылар, Тобуруокаптыы айар үлэ умсулҕаныгар ылларан хоһоон айарга холоннулар, Тобуруокап айымньыларынан гимназия үөрэнээччилэрэ кыттыылаах тэттик киинэлэри көрдүлэр.

 Гимназиябыт дириэктэрин сүбэһитэ Александр Макаров, саха тылын уонна литературатын учуутала идэҕэ уһуйулла сылдьар устудьуон уолаттар Афанасий уонна Максим - дьүүллүүр сүбэ буолан, сыанабыл биэрдилэр, түмүгү таһаардылар. 

1 миэстэ - 7 "а"  кылаас хамаандата, 2 миэстэ - 6 "а" кылаас хамаандата, 3 миэстэ - 7 "в" кылаас хамаандата кыайыы өрөгөйүн билэн үөрдүлэр-көттүлэр. 

Бары кыттыбыт хамаандаларга, кылаас салайааччыларыгар барҕа махталбытын истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит!