вторник, 23 мая 2023 г.

День музея



18 мая, отмечался Международный день музеев. По всей стране проводились Ночь музеев под девизом "История и истории". Литературный музей ИЦМ к этому событию подготовил экспозицию "Счастливая, счастливая пора детства... Детская Николеньки Иртеньева" по повести Л.Н.Толстого "Детство", посвящённую 195-летию великого русского писателя. В экспозиции представлены спальная, учебная, столовая и ванная зоны комнаты дворянского ребёнка XIX века с аутентичными предметами быта XIX века. Во второй части экскурсии педагог-библиотекарь О.В.Бурнашева проводила мастер-класс по изготовлению птицы Павлин в технике оригами, по сказке Толстого. Экскурсии проводились в течение месяца согласно заявкам: 4б, 5а, 6б, 7б, 8б классы и группы. В отзывах дети пишут: "Мне очень понравился мини-музей", "Хотелось бы ещё побывать в подобных музеях". В прошлом году экспозиция литературного музея посвящалась 200-летию Ф.М.Достоевского и представляла собой макет его квартиры в Санкт-Петербурге.









четверг, 13 апреля 2023 г.

200 лет А.Н. Островскому


Космонавтика күнэ

Космонавтика күнүгэр аналлаах библиотечнай уруоктар буолан аастылар. Үөрэнээччилэр Юрий Гагарин аан бастаан космоска көппүт документальнай видеотын, гимназиябытыгар ыалдьыттаабыт Россия герой космонавын Олег Кононенко туһунан кэпсээни, презентацияны, видеоны көрөн олус сэргээтилэр.





Гимназиябыт иһинэн үлэлиир "КӨЛҮӨНЭ" лаборатория көҕүлээһининэн истиҥ көрсүһүүгэ ыалдьыттаатылар —саха историятын  үөрэтээччи , Космоска аналлаах коллекционер, СӨ спорт өрөгөйүн мусуойун салайааччыта Михаил Егорович Друзъянов, СӨ Национальнай библиотекатын "Үйэни уҥуордаан кэлбит көмүс куоластар" бырайыак ааптара Сардаана Васильевна.







 

вторник, 4 апреля 2023 г.

 Саха норуодунай суруйааччыта 

Василий Семенович Яковлев -Далан төрөөбүтэ 95 сыла  

         

 
                          


           

среда, 29 марта 2023 г.

Ааҕыы түһүлгэтэ

Гимназиябытыгар ааҕыы түһүлгэтэ буолан ааста

Тыый! Тугун үчүгэйэй, бүгүн биһиэхэ эбээлэрбит кэлбиттэр, сиэннэрин кытта “Тыл дьэрэкээн кустуга” диэн ааҕыы эйгэтигэр бииргэ баар буоллулар. 

А.Г., Н.К.Чирээйптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар Эбээ нэдиэлэтин бу биир сүрүн тэрээһинэ буолар. Бу эрэ буолбатах, “СИТИМ” эбээ түмсүүтэ оҕолоругар саха төрүт үгэһин, туттар тэрилин, малын, иһитин, таҥаһын, саха аһын— сиэр-туом  туһунан бэйэлэринэн кэлэн уруоктары ыыттылар. Ол туһунан син сырдатан турабыт. 

Алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ эбээ сиэнин кытта холбоон (талыллыбыт 9 хамаанда) сахалыы ааҕыы алыптаах түһүлгэтигэр бэйэлэрин тургуттулар. Информационный киин - библиотека үлэһиттэрэ - Анна Афанасьевна Соловьева, Оксана Васильевна Бурнашева бу курдук тэрээһиннэри күннэтэ ыытар үөрүйэхтээх буоланнар, бу да сырыыга оҕолору соһуттулар, уратыларынан болҕомтолорун тартылар. 

Куонкурус оонньуу сиэринэн барда. Саха Автономиятын 100 сылыгар, Саха сирин, саха тылын  историятыттан ыйытыктарга хоруйдаатылар, бэйэбит суруйааччыларбыт кинигэлэрин обложкатынан уонна онно ис ойууларынан бэриллибит пазлы таайдылар, “Таптыыр сахам тылынан” диэн түһүмэххэ хартыынанан кэпсээтилэр, “Сынньана таарыйа” сахалыы таабырыннары, сканворду эбээ сиэнин кытта биир ситимҥэ буолан барытын олус сэргэхтик толордулар.  

Кыайыылаахтары ааттыыр үөрүүлээх түгэммит маннык буолан таҕыста. “Кылаан Чыпчаал”  ааты Олеся Аргунова эбээтэ Октябрина Дмитриевна Пуховалыын ( 1 “В” кылаас), I миэстэ—Нарыйа Романова эбээтэ Зинаида Игнатьевна Лыткиналыын ( 4” В” кылаас) , II миэстэ—Борис Кобяков эбээтэ Любовь Николаевна Иванованы кытта ( 1” Б” кылаас), III миэстэ—Аурелия Евсеева эбээтэ Алла Прокопьевна Евсееваны кытта ( 3 “А” кылаас), Сандаара Захарова эбээтэ Мария Филипповнаны кытта. Грамота , туоһу сурук тутаннар үөрүүлэрэ үрдээтэ. 

—Оҕолоор, көрүҥ эрэ, бу оноолоох сон—саха дьахтарын мааны кэтэр таҥаһынан буолар. Онно бу курдук өттүк симэхтээх, хаппардаах. 

Хаппар диэн тугуй ? 

Бу бэргэһэ—дьабака диэн, ортотугар күннээх. Оттон үтүлүгү көрүөххэ —“уостаах үтүлүк” диэн ааттыыллар. Ити курдук, “Ситим” эбээ түмсүүбүт салайааччыларыттан биирдэстэрэ Алла Прокопьевна Евсеева бэйэтэ кэтэн кэлбит бары симэҕин оҕолорго кэпсии-кэпсии көрдөрдө. Сахалыы алаадьынан күндүлээтэ.  





“Олох үөрэҕэ” норуот педагогикатын киинэ, А.Г.Н.К.Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията.

четверг, 16 февраля 2023 г.

“Тыл дьэрэкээн кустуга” оонньуу-күрэх


Олунньу 14 күнүгэр, Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах, куорат саха тыллаах оскуолаларын икки ардыгар, “Тыл дьэрэкээн кустуга” оонньуу-күрэххэ 8 хамаанда кыттыыны ылла: №1, №2, №17, №26, Саха гимназия, Саха политехническэй лицей, “Сэргэлээх” оскуолата, А. Г. уонна Н. К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията. Хамаанда 4 үөрэнээччилээх (5,6,7,8 кылаастан биирдии).

  Үөрүүлээх түһүлгэбитин 1 “а” кылаас (Максимова Н.М.), 5 “а” кылаас (Ильина В.А.) уолаттарын бөлөҕө дорҕоонноохтук хоһоон ааҕыыларынан арыйдылар.

  Күрэҕи “Сахат” оскуола саха тылын учуутала У.А. Иванова, гимназия дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы А.Н. Чиряев, төрүт култуура учуутала Н.Е. Никонова дьүүллээтилэр.

  5 түһүмэх түмүгүнэн 3 миэстэ №1 оскуола – “Үрдэл”, 2 миэстэ – Саха гимназия “Билигэн”, 1 миэстэ – ЯГНГ “Сандаар” хамаандалара кыайыылаах үрдүк аатын ыллылар, сэмэй бэлэхтэри уонна бары кыттааччылар туоһу суругу туттулар.

среда, 26 октября 2022 г.

Дьиэ кэргэн күрэҕэ

 


«Ааҕыы – көлүөнэни ситимниир» проект чэрчитинэн, гимназиябыт 30 сылыгар анаан, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан, Саха сиригэр Ийэ сылынан, Саха норуодунай суруйааччыта Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сылынан, ааҕар дьиэ-кэргэн күрэҕэ буолан ааста.

Кыттааччылар онлайн тест нөҥүө саха сирин историятыттан ыйытыыларга хоруйдаатылар, сонун көрүҥнээх оонньууларга кытыннылар, уустаан-ураннаан аахтылар

5 түһүмэхтээх күрэх түмүгүнэн:

Новгородов В., 2 “г” кылаас, ийэтэ Варвара Степановналыын «Кылаан чыпчаал» - күрэх муҥутуур кыайыылаахтарынан буоллулар.

Никитина М., 3 “б” кылаас, ийэтэ Вилюяна Николаевналыын, аҕата Петр Яковлевичтыын – «Сатабыллаах дьиэ кэргэн», Уйгуров А., 4 “б” кылаас, ийэтэ Лениана Евгеньевналыын «Билии биһигэ дьиэ кэргэн», Прокопьев А., 8 “б” кылаас, ийэтэ Василиса Ивановналыын  «Хомоҕой тыл», Уварова Р., 2 “б” кылаас, ийэтэ Наталья Павловналыын «Булугас өй», Турчина Д., 2 “в” кылаас, ийэтэ Ульяна Ильиничналыын – «Уран тыл» диэн анал ааттары чиэстээхтик сүктүлэр.

 

Бары кыттыбыт дьиэ кэргэттэргэ истиҥ эҕэрдэбитин, барҕа махталбытын тиэрдэбит!