Муус устар 27 күнэ- Өрөспүүбүлүкэ күнэ!
Муус устар 27 күнэ Саха сирин устуоруйатыгар ураты суолталаах. Быйыл Саха АССР тэриллибитэ 100 уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуона ылыллыбыта 30 сылын бэлиэтэнэр.
1920 сыллаахха
П.А.Ойуунускай салайааччылаах анал хамыыһыйа национальнай суверенитекка
олоҕурбут Саха Өрөспүүбүлүкэтин кэлэр дьылҕатын быһаарар бырайыагы
бэлэмнээбитэ.
Биир сүрүн көҕүлээччи
М.К.Аммосов этэ. Чопчу кини ССКП уонна РСФСР Омуктар дьыалаларыгар норуодунай
комиссариатын иннилэригэр Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай
Өрөспүүбүлүкэтин тэрийэр туһунан боппуруоһу көтөхпүтэ.Кини дакылаатыгар
олоҕуран, уобаластааҕы баартыйа мунньаҕа автономияны киллэрэр туһунан резолюция
ылыммыта. Маны 1921 сыл алтынньытыгар буолбут Саха сиринээҕи өрөбөлүүссүйэ
кэмитиэттэрин бастакы сийиэһигэр эмиэ өйөөбүттэрэ.
1922 сыл, муус устар 27 күнүгэр ВЦИК Президиума Саха Автономиятын туһунан уураах таһаарбыта. Ити сыл бэс ыйыгар Ойуунускай салайааччылаах бастакы бырабыыталыстыба тэриллибитэ.
Автономия төрүттэнэригэр ураты оруоллаах И.Н.Барахов 1922 сыл, муус устар ыйыгар хомуньуус баартыйа 10-с сийиэһигэр Саха сирин аатыттан соҕотох куоластыыр бырааптаах кыттыбыта.
1990 сыл, балаҕан ыйын 27
күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Суверенитетын туһунан декларация
ылыллыбыта.
1991 сыл ахсынньы ыйыгар
бастакы бэрэсидьиэнинэн М.Е.Николаев талыллыбыта.
1992 сыл, муус устар 27
күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуона (Конституцията) күүһүгэр киирбитэ.
Билигин муус устар 27
күнүн Өрөспүүбүлүкэ күнүн быһыытынан билинэбит.
Эһигини барыгытын ис
сүрэхпиттэн уруйдаан-айхаллаан, үөрэн-көтөн, долгуйан туран эҕэрдэлиибин!
Саха омук- улуу омук.
Субуллар мындыр өйдөөх, үтүө көнө майгылаах, сатабыллаах, үүнэр-сайдар кэскиллээх!