вторник, 7 декабря 2021 г.

“Үйэлэргэ умнуллубат үтүө аат” күрэх түмүгэ

Сахалартан бастакы Советскай Союз Геройа Ф.К. Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах “Үйэлэргэ умнуллубат үтүө аат” күрэх кыайыылаахтара:

А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын информационнай киинэ, сахалартан бастакы Советскай Союз Геройа Федор Кузьмич Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах куйаар ситиминэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Үйэлэргэ умнуллубат үтүө аат” күрэҕи ыытта.

Күрэх 4 көрүҥүнэн ыытылынна:

1.    “Эн, Герой, мэлдьитин тыыннааххын...” – Федор Попов туһунан хоһоон ааҕыы.

Алын сүһүөх кылаастарга

Биирдиилээн ааҕыы

I миэстэ – Лукин Т., А.Г. уонна Н.Г. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназия 1 «А» кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Алексеева Е.Ж.

II миэстэ – Жиркова А., "Айыы кыһата" национальнай гимназия 3 "д" кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Иванова С.С.; Тимофеева М., "Айыы кыһата" национальнай гимназия 3 "д" кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Иванова С.С.

III миэстэ – Былков А., Саха политехническай лицей 2 "а" кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Изольда Николаевна; Сыроватская А., Дьокуускай №31 оскуолатын 3 "а" кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Андреева З.Е.; Васильев В., А.Г. уонна Н.Г. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназия 1 «А» кылааһын үөрэнээччитэ

Бөлөҕүнэн ааҕыы

I миэстэ – 4 «В»кылаас уоланнара, Дьокуускай, Саха политехническэй лицей. Салайааччы Изольда Николаевна

II миэстэ – 4 «Д»кылаас уоланнара, Дьокуускай, Саха политехническэй лицей. Салайааччы Изольда Николаевна

Орто сүһүөх кылаастарга

Биирдиилээн ааҕыы

I миэстэ – Скрябина А., Дьокуускай куорат №31 оскуолатын 6 «А» кылааһын үөрэнээччитэ. Салайааччы Е.П. Гуляева

II миэстэ – Попов А., Мэҥэ-Хаҥалас, Төхтүр ДШИ, салайааччы Е. Вензель; Тарабукин М., Мэҥэ-Хаҥалас, Төхтүр ДШИ, салайааччы Е. Вензель

III миэстэ – Докторов С., А.Г. уонна Н.Г. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназия 5 «В» кылааһын үөрэнээччитэ

Бөлөҕүнэн ааҕыы

I миэстэ – Композиция “Мэҥэлэр киэн туттуулара” Мэҥэ Хаҥалас, Төхтүр ДШИ, 7-8 кылаас уоланнара.

2.    Туойуоҕуҥ геройу!.. – Федор Поповка анаммыт ырыаны толоруу.

 Алын сүһүөх кылаастарга

I миэстэ – Эверстов К., Семёнов П., Дьокуускай куорат №31 оскуолатын 3 «А» кылааһын үөрэнээччилэрэ. Музыкальнай салайааччы Пудова Е.А., кылаас салайааччы Андреева З.Е.

II миэстэ - "Айыы Кыһата" национальнай гимназия 3 "Д" кылааһа, салайааччы Иванова С.С.

Орто сүһүөх кылаастарга

I миэстэ – Попов Г., Дьокуускай, Саха политехническэй лицей 7«Б» кылааһын үөрэнээччитэ

II миэстэ – Дьокуускай №29 оскуола 5 "В" кылааһын үөрэнээччилэрэ, салайааччы Семенова А.Е.

3.    Федор Попов олоҕун туһунан презентация оҥоруу (PowerPoint программа)

Алын сүһүөх кылаастарга

I миэстэ – Жиркова А., Айыы Кыһата национальнай гимназия 3 “Д”кылааһын үөрэнээччитэ. Салайааччы Иванова С.С.

II миэстэ – Аммосов И., Саха политехническай лицей 3 "а" кылааһын үөрэнээччитэ

III миэстэ – Васильев Т., Саха политехническай лицей 3 "а" кылааһын үөрэнээччитэ

Орто сүһүөх кылаастарга

I миэстэ – Решетников Нь., А.Г. уонна Н.Г. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназия 6 «А» кылааһын үөрэнээччитэ

II миэстэ – Лебедев Э., Саха политехническай лицей 9 "б" кылааһын үөрэнээччитэ 

4.    Федор Попов олоҕун түгэннэриттэн оҥоһук

Алын сүһүөх кылаастарга

I миэстэ – Дмитриева С., “Айыы кыһата” национальнай гимназия 2 “А” кылааһын үөрэнээччитэ

Орто сүһүөх кылаастарга

I миэстэ – Тарабукин А., дьиэ кэргэнинээн, Дьокуускай, №17 оскуола 5 “Г”кылааһын үөрэнээччитэ "Хотуурун - бинтиэпкэҕэ солбуйан..." оҥоһуктара.


Күрэх бары кыттыылаахтара туоһу сурук, кыайыылаахтар “Кылаан чычаал” бэлиэ туттулар. Кыайыылаахтар бастыҥ толоруулара гимназия ИЦМ сайтыгар: https://icmygng.blogspot.com/p/blog-page_77.html көрүөххүтүн сөп.

Советскай Союз Геройун үрдүк аатын сүкпүт Федор Кузьмич Попов албан аата, ырыа буолан ылланан, хоһоон буолан хоһуллан  үйэлэртэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ, ааттана туруохтун!


четверг, 25 ноября 2021 г.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи чабырҕах күрэҕин түмүгэ

А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията ОЛОҤХО күнүн көрсө Саха Республикатын суверенитетын түстэспит, чаҕылхай общественнай үлэһит, филологическай наука кандидата, чабырҕаҕы чинчийбит ВАСИЛИЙ АНДРЕЕВИЧ НОГОВИЦЫН - ДЬААҤЫ УОЛА төрөөбүтэ 60 сылыгар аналлаах куйаар ситиминэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи чабырҕах күөн күрэҕин ыытта. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан 58 өбүгэ үгэһин чабырҕаҕы таптааччылар: ыраах Дьааҥыттан, Өлүөхүмэттэн, Томпоттон, Тааттаттан, Уус-Алдантан, Чурапчыттан, Сунтаартан, Ньурбаттан, Мэҥэ-Хаҥаластан, Ленскэйтэн, Хаҥаластан, Кэбээйиттэн, Алдантан, Муоматтан, Өлөөнтөн, Бүлүүттэн, Үөһээ Бүлүүттэн, Горнайтан, Амматтан, Дьокуускай куораттан көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Дьүүллүүр сүбэ быһаарытынан кыайыылаахтарынан буоллулар:

Уһуйаан. Биирдиилээн кыттааччыларга кыайыылаахтар:

1 миэстэ – Нартахова Сахайаана – 5 саастаах,  Өлүөхүмэ улууһа, Абаҕа бөһүөлэгэ “Кырачаан” уһуйаан (салайааччы Нартахова Светлана Афанасьевна)

1 миэстэ - Андросова Аня, 6 саастаах, Дьааҥы улууһа, Дулҕалаах, "Кэнчээри" уһуйаан (салайааччылар Сыромятникова Лидия Васильевна, Васильева Марина Николаевна)

2 миэстэ – Аргунова Настя – 6 саастаах, Таатта улууһа, Ытык –Күөл нэһилиэгэ “Сулусчаан” уһуйаан.

3 миэстэ - Винокурова Валерия, Дьокуускай куорат МБДОУ ЦРР-Д/с №89 Парус", салайааччы Сизых Антонина Федоровна 

Уһуйаан. Бөлөҕүнэн кыттааччыларга кыайыылаахтар:

1 миэстэ – МБДОУ “Ымыы” оҕо сайдар киинэ Чурапчы улууһа, Мындаҕаайы нэһилиэгэ, “Чугдаарар чуораанчыктар” бөлөх (Салайааччы Павлова Т.И.)

2 миэстэ – “Кустук” улахан бөлөх уһуйаан, Ленскэй оройуонун Бэчинчэ нэһилиэгэ

3 миэстэ – МБДОУ “Кэскил” №24 Хаҥалас улууһа, Тиит-Эбэ

Алын сүһүөх. Бөлөҕүнэн кыттааччыларга кыайыылаахтар:

1 миэстэ – Сунтаар улууһа, Элгээйи орто оскуолата, 3кылаас (салайааччы Чэрина Анна Егоровна)

2 миэстэ – “Күн кыырпахтара” фольклорнай бөлөх. Томпо оройуона, Байаҕантай нэһилиэгэ. (салайааччы Николаева Алевтина Александровна)

3 миэстэ – Кэбээйи улууһа, Кэбээйи орто оскуолата, 4 “а” кылаас (салайааччылар: Павлова Мария Егоровна, Шапошникова Матрена Григорьевна)

Алын сүһүөх. Биирдиилээн кыттааччыларга кыайыылаахтар:

1 миэстэ – Спиридонова Арианна 7саастаах. Чурапчы Болтоҥо орто оскуолата, с.Харбала –II

2 миэстэ – Иванова Александрина 4 кылаас, Ньурба улууһа, Антоновка орто оскуолата

3 миэстэ - Конова Вика, 4 "б" кылаас, Кэбээйи орто оскуолата

 Орто сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр кыттааччыларга кыайыылаахтар:

1 миэстэ – Егорова Айкуо 6 “б” кылаас, Үөһээ-Бүлүү улууһа, И.Барахов аатынан №1 орто оскуола.

2 миэстэ – Терехова Диана 5 “б” кылаас Кэбээйи улууһа, Кэбээйи орто оскуолата.

3 миэстэ – Борисова Радмира, 6 кылаас, Алдан, Кутана

Орто сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр бөлөҕүнэн кыттааччыларга кыайыылаахтар:

1 миэстэ – Бурнашева Дарина, Бурнашева Ангелина – Уус Алдан улууһа, Мүрү орто оскуолата.

2 миэстэ – И.Н. Гуляев аатынан Туора Күөл орто оскуолата, Таатта улууһа. “Отуой-ботуой кыргыттар” бөлөх, 5 кылаас.

3 миэстэ – Виктор, Виталий Дьячковскайдар 5 “г”, 6 “г” кылаас, Дьокуускай куорат, “Сэргэлээх” ЯГНГ филиала (салайааччы Аржакова А.И.)

3 миэстэ - А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан 5 "б" кылаас бөлөҕө (салайааччы Анисимова Г.С.)

Улахан дьоҥҥо бөлөҕүнэн кыттааччыларга кыайыылаахтар:

1 миэстэ – “Утум” бөлөх, Чурапчы улууһа, Болтоҥо нэһилиэгэ (салайааччы Максимова Александра Семеновна)

2 миэстэ – Николаева Айталина Константиновна, Николаева Альмира Арсеновна, Старкова Валерия Васильевна, Муома улууһа, Кулун Өлбүт нэһилиэгэ.

Улахан дьоҥҥо биирдиилээн кыттааччыларга кыайыылаахтар:

1 миэстэ – Максимова Александра Чурапчы улууһа, Болтоҥо нэһилиэгэ.

2 миэстэ – Быгынанов Айаал – студент ГБПОУ РС(Я) ЯККиИ имени А.Д.Макаровой.

3 миэстэ – Любовь Монгуш. Чурапчы улууһа, Кытаанах нэһилиэгэ.

“Бастыҥ чабырҕахсыттар түһүлгэлэрин тэрийээччи” Добун суругунан бэлиэтэнэллэр:

·        Кэбээйи орто оскуолата
·        Дьааҥы улууһа, Дулҕалаах орто оскуолата
·        Чурапчы улууһа, Болтоҥо орто оскуолата

Бары кыайыылаахтарга, кыттыбыттарга, чабырҕаҕы сэргээччилэргэ, тарҕатааччыларга барҕа махталбытын тиэрдэбит!


воскресенье, 14 ноября 2021 г.

Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Анемподист Иванович Софронов төрөөбүтэ 135 сыла.

 Анемподист Иванович Софронов 1886 с. сэтинньи 14 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ. Кини драматург, поэт уонна прозаик быһыытынан биллэр. Бастакы хоһооно "Төрөөбүт дойду" 1912 с. бэчээттэммитэ. Бастын драмата "Дьаданы Дьаакып" 1914 с. суруллубута. Сэбиэскэй кэмнэ суруллубуттартан "Бүдүрүйбүт көммөт" драма уһулуччу турар.
Поэзия5а лирическэй сүүрээни маннай киллэрбитэ. Сорох хоһоонноро норуот ырыатыгар кубулуйан күн бүгүннэ диэри ылланаллар. Хоһоонноруттан "А5абар сурук" уһулуччу күүстээх айымньы.
Суруйааччы кыраны харана сэбиэскэй бюрократия сана үөскүүр кэмин таба көрөн, ону саралаан, "Сотору да көстөр сордообут" кэпсээни суруйбута. Атын кэпсээннэрэ "Куоратчыт", "Атыны булаары оло5ун алдьаппыт" — саха прозатын биир бастын айымньылара.
Саха театрын маннайгы директора. ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнигэр кандидат. Сымыйа буруйдааһынна түбэһэн, Архангельскай уобаласка көскө ыытылла сылдьыбыта.


 

четверг, 11 ноября 2021 г.

200 лет со дня рождения гениального русского писателя Федора Михайловича Достоевского

 


200 лет со дня рождения гениального русского писателя Федора Михайловича Достоевского (1821-1881).
Творчество Достоевского принадлежит к вершинным явлениям духовной культуры человечества. Толстой и Достоевский, по словам Горького, потрясли весь мир и обратили на Россию изумленное внимание всей Европы.
Художественный мир Достоевского трагичен, на первый взгляд даже мрачен. Но, изображая беспредельные физические и душевные страдания на Земле, «пропитанной срезами от коры до центра», Достоевский искал пути преодоления зла, считал, что такая борьба в силах человеческих. Именно поэтому у Достоевского не может быть ни равнодушных, ни пассивных читателей. Все они оказываются властно вовлеченными в тот круг «роковых» проблем, жгучая актуальность которых со времен Ф.М. Достоевского стала еще острее и очевиднее.

Его прозвали настоящим «психологом пера», исследователем человеческого сердца за то, что он сопереживал всем своим героям.


понедельник, 8 ноября 2021 г.

Советскай Союз Геройа Ф.К. Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах күрэх балаһыанньата

А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан 
Дьокуускай куорат национальнай гимназията
Информационнай киин-медиатека

Сахалартан бастакы Советскай Союз Геройа Ф.К. Попов 
төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах “Үйэлэргэ умнуллубат үтүө аат” 
күрэх балаһыанньата
Бу олох, бу кыайыы баалыгар, 
Эн, герой, мэлдьитин тыыннааххын...
К. Уурастыырап.
Сыала –соруга:
- Ийэ дойду көҥүлүн иһин хорсун быһыыны көрдөрбүт сахалартан бастакы Советскай СоюзГеройа Федор Кузьмич Попов үтүө аатын үйэтитии;
- буолан ааспыт историческай түгэннэри үөрэтии;
- төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга иитии;
- дьону кытта алтыһыыга, түмсүүлээх буоларга уһуйуу;  
- уус уран айымньыны ааҕыыга умсугутуу;
- үөрэнээччи айар дьоҕурун сайыннарыы.
Күрэх көрүҥнэрэ:
1. Эн, Герой, мэлдьитин тыыннааххын... 
Ирдэбилэ: Федор Попов туһунан хоһоон ааҕыы. Биирдиилээн эбэтэр бөлөҕүнэн Федор Поповка анаммыт хоһоону өйтөн дорҕоонноохтук, уустаан-ураннаан аахпыттарын видеоҕа устан ыыталлар. 
2. Туойуоҕуҥ геройу!..
Ирдэбилэ: Федор Поповка анаммыт ырыаны толоруу. (Ырыа доҕуһуола, толорооччу ахсаана хааччахтаммат) Ырыа толоруутун видеоҕа устан ыытаҕыт. 
3. Федор Попов олоҕун туһунан презентация оҥоруу (PowerPoint программа) 
4. Федор Попов олоҕун түгэннэриттэн оҥоһук (Кылааһынан, дьиэ кэргэнинэн, биирдиилээн кыттыахтарын син, матырыйаала көҥүл)
Кыттааччылар: Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах оскуолаларын 1-10 кылаастарын үөрэнээччилэрэ
 Сыанабыл: үлэ 1-4 кылаас, 5-7 кылаас, 8-10 кылаас бөлөхтөрүнэн тус-туһунан сыаналанар. Бары кыттыылаахтарга электроннай туоһу сурук, кыайыылаахтарга – лауреат, дипломан,  анал аат  иҥэриллэн ыытыллар.
Ирдэбилэ: 
Хас биирдии үлэҕэ кыттааччы аата, араспаанньата, оскуолата, кылааһа суруллубут буолуохтаах;
видео уһуна 5 мүнүүтэттэн ордуо суохтаах; 
оҥоһуктары араастаан: хаартыскаҕа эбэтэр видеоҕа түһэрэн, сэтинньи 30 күнүгэр дылы icmygng01@mail.ru аадырыска ыытаҕыт эбэтэр гимназия библиотекатыгар тиксэрэҕит. 
Кыайыылаахтар ааттара, бастыҥ үлэлэр ИЦМ сайтыгар: https://icmygng.blogspot.com, Инстаграмм  @icm_ygng сирэйгэ тахсыахтара





суббота, 16 октября 2021 г.

Саха сиригэр Ийэ күнэ

 

Саха Республикатын Президенын укааhынан 1993 сылтан алтынньы үhүс өрөбүл күнүгэр Саха сиригэр Ийэ күнэ бэлиэтэнэр

Күн ийэ барахсан баар буолан,

Күөх сирэм күргүөмнээн суугунуур.

Алгыстаах аал уоппут оттуллан,

Арчылыыр сылааһа угуттуур.

Айхаллаан күн күбэй ийэни –

Амарах сүрэхтээх киһини...

Национальнай библиотека ийэҕэ аналлаах талыллыбыт айымньылары ааҕарга сүбэлиир.


понедельник, 11 октября 2021 г.

Международный день девочек

 

11 октября отмечается Международный день девочек (International Day of the Girl Child), который был провозглашен Генеральной Ассамблеей ООН в декабре 2011 года в знак признания прав девочек и призывающий сосредоточить внимание на необходимости решения проблем, с которыми сталкиваются девочки во всем мире, и поощрять расширение прав и возможностей девочек, а также осуществление их прав.

Национальная библиотека РС (Я) представляет подборку книг, где главные герои - девочки. Девочки - такие разные: от маленьких малышек до современных подростков,  героев произведений, все они мечтательные принцессы, маленькие и большие, веселые и грустные - всем им есть место в сердцах читателей. 

  • Большой подарок для девочки: красота и уют своими руками! [для старшего дошкольного и младшего школьного возраста]. https://school.e.nlrs.ru/open/52430 
  • Андерсен, Ханс Кристиан. Девочка со спичками: [сказка : для младшего школьного возраста]. https://kids.e.nlrs.ru/open/14409
  • Алаас, Кэтириис. Формирование основ традиционного семейного воспитания девочек: (на примере Респ. Саха ( Якутия). https://school.e.nlrs.ru/open/4084
  • Винокурова, Надежда Алексеевна. Формирование интереса к физической культуре у девочек средствами этнопедагогики : (на примере арктических школ РС (Я). https://school.e.nlrs.ru/open/3604
  • Гуляева, Елизавета Петровна. Саха кыыһа - саҥа үйэҕэ. https://school.e.nlrs.ru/open/47830  
  • Сказки для дочки и сыночка. https://kids.e.nlrs.ru/open/30788
  • Федотова, Мария Прокопьевна. Эбдэки кыргыттара: [кыра саастаах оскуола оҕолоругар остуоруйалар] https://kids.e.nlrs.ru/open/14463
  • Мигалкин, Иван Васильевич. Сардааналаах кыысчаан: (кэпсээннэр, остуоруйалар). https://school.e.nlrs.ru/open/14889
  • Якутскай, Николай. Сир кыыһа. https://school.e.nlrs.ru/open/14352
  • Самостоятельная регистрация на сайте Национальной библиотеки РС (Я): https://e.nlrs.ru/register  

Книгу с закрытым замочком нужно запросить во временный доступ.

Она будет  доступна на 14 дней с правом продления на 3 дня в личном кабинете во вкладке «Мои заказы».