Анемподист Иванович Софронов 1886 с. сэтинньи 14 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ. Кини драматург, поэт уонна прозаик быһыытынан биллэр. Бастакы хоһооно "Төрөөбүт дойду" 1912 с. бэчээттэммитэ. Бастын драмата "Дьаданы Дьаакып" 1914 с. суруллубута. Сэбиэскэй кэмнэ суруллубуттартан "Бүдүрүйбүт көммөт" драма уһулуччу турар.
Поэзия5а лирическэй сүүрээни маннай киллэрбитэ. Сорох хоһоонноро норуот ырыатыгар кубулуйан күн бүгүннэ диэри ылланаллар. Хоһоонноруттан "А5абар сурук" уһулуччу күүстээх айымньы.
Суруйааччы кыраны харана сэбиэскэй бюрократия сана үөскүүр кэмин таба көрөн, ону саралаан, "Сотору да көстөр сордообут" кэпсээни суруйбута. Атын кэпсээннэрэ "Куоратчыт", "Атыны булаары оло5ун алдьаппыт" — саха прозатын биир бастын айымньылара.
Саха театрын маннайгы директора. ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнигэр кандидат. Сымыйа буруйдааһынна түбэһэн, Архангельскай уобаласка көскө ыытылла сылдьыбыта.
Комментариев нет:
Отправить комментарий