понедельник, 19 октября 2020 г.

Предлагаем прочитать рассказы И.А. Бунина

  22 октября 2020 года исполняется 150 лет со дня рождения Ивана Алексеевича Бунина, русского писателя, поэта и переводчика, лауреата Пушкинской премии Академии наук, Нобелевской премии по литературе, 1933г. Предлагаем прочитать его рассказы, входящие в программу внеклассного чтения, ОГЭ и ЕГЭ, и подготовиться к тестированию.

·         5 класс, рассказ «Цифры» https://bookscafe.net/read/bunin_ivan-cifry-157390.html#p1

·         6 класс, рассказ «Лапти» https://bookscafe.net/read/bunin_ivan-lapti-261392.html#p1

·         7-8 классы, рассказ «Танька» https://bookscafe.net/read/bunin_ivan-tanka-79609.html#p1

·         9-11 классы, рассказ «Господин из Сан-Франциско» https://bookscafe.net/read/bunin_ivan-gospodin_iz_san_francisko-79576.html#p1

среда, 9 сентября 2020 г.

2020-2021 үөрэх сылыгар туттуллар үөрэх кинигэлэрин электроннай көрүҥэ

 

2020-2021 үөрэх дьылыгар туттуллар кинигэлэри бу саайтар аадырыстарынан киирэн хачайдаан ылыаххытын син, онлайн ааҕыаххытын сөп. Тускутугар туһаныҥ!

 МБУ «Централизованная библиотечная система» ГО «город Якутск» в целях сохранения исторической памяти и в ознаменовании 75-летия Победы в Великой Отечественной войне 1941-1945 годов, рекомендует проект Информационно-библиографического отдела «К 75-летию Победы в Великой Отечественной войне», призванный привлечь внимание к литературе военной и патриотической тематики. Разделы проекта:

- Детство, ставшее подвигом (со ссылкой в ЛитРес)

- Они писали о войне

- Они писали о войне. Читаем ОНЛАЙН.

- Писатели-фронтовики Якутии

 В составленных рекомендательных списках литературы предложены произведения писателей, чьи судьбы неразрывно связаны с историей Великой Отечественной войны, так же литература для чтения детям о войне, детях военных лет.

 Представленные списки могут быть полезны библиотекарям, учителям школ, преподавателям ссузов и вузов при подготовке и проведении массовых мероприятий, а также школьникам, студентам и всем, кто интересуется литературой и историей Великой Отечественной войны.

 Ссылка на проект: https://cbsykt.ru/projects/k-75-letiyu-pobedy-v-velikoy-otechestvennoy-voyne/

По всем вопросам обращайтесь в Виртуальную справочную службу или на эл. почту ibo@cbsykt.ru

                                                                                     Информационно-библиографический отдел

вторник, 28 апреля 2020 г.

«Буорах сыттаах хоһооннор»

«Буорах сыттаах хоһооннор» гимназиябыт алын сүһүөх кылааһын үөрэнээччилэригэр уус-ураннык өйтөн хоһоон ааҕыытын күрэҕэ.

Күрэх сыала-соруга:
Үөрэнээччини төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх буоларыгар иитии-үөрэтии;
Уус-ураннык, дорҕоонноохтук ааҕар дьоҕурун сайыннарыы;
Сэрии ыар сылларын туһунан суруйбут поэттар айымньыларын оҕолорго тиэрдии.

Күрэх ирдэбилэ:
Үөрэнээччи Аҕа дойду сэриитин туһунан суруллубут айымньыны бэйэтэ талан ылан, уус-ураннык өйтөн ааҕар. 
Ааҕыы нууччалыы эбэтэр сахалыы буолуон син. (3-5 мүнүүтэ усталаах).
Күрэххэ кылаастан 3-түү үөрэнээччи кыттар
Хоһоон ааҕыытын видеоҕа устан  бу solannaaf@mail.ru ыытаҕыт.
Видеолары ыам ыйын 7 күнүгэр диэри күүтэбит. Ыытыллыбыт видеолар медиатека блогар киирэн иһиэхтэрэ
Түмүк ыам ыйын 8 күнүгэр биллиэҕэ.
  Тэрийэр бөлөх.

пятница, 27 марта 2020 г.

Муус устар 27 күнэ - Саха өрөспүүбүлүкэтин күнэ.

                                       

1922 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр - Саха автономнай Советскай Социалистическай республиката төрүттэммитэ. Ол кэмтэн ыла саха норуотун олоҕор элбэх уларыйыы киирбитэ. Бу Саха сирин улахан историята буолар.        

  



“Сэрии дуораана мин дьиэ кэргэммэр” 

       “Сэрии дуораана мин дьиэ кэргэммэр” кинигэ-альбом балаһыанньата.

Сыала-соруга :

  •  Үөрэнээччини  төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх буоларга иитии-үөрэтии;
  •  Аҕа дойду сэриитигэр Ийэ дойдуларын көмүскээбит хорсун-хоодуот сэрии, тыыл ветераннарын эйэни аҕалбыт, көҥүлү түстээбит кэскиллээх дьыалаларын үйэтитии, албан ааттарынан киэн туттуу.
 Хас биирдии үөрэнээччи бэйэтин чугас аймаҕын Аҕа дойду сэриитигэр кыттыыны ылбытын, эбэтэр сэрии кэмигэр тыылга үлэлээбитин туһунан ахтыы-кэпсээнин суруйан бэлэмниир. Хаартыска угуллара биһирэнэр. Размера А4, сытыары да, туруору да буолуон сөп.
Кинигэ-альбом электроннай варианын, бүттүүн кылаас үлэтин холбоон, solannaaf@mail.ru аадырыска ыытаҕыт.
Кылаастар үлэлэрин муус устар 10 күнүгэр диэри туттараргытын күүтэбит.


понедельник, 2 марта 2020 г.

«Сэрии дуораана – мин дьиэ кэргэммэр» бырайыак чэрчитинэн көрсүһүү


Саха сиригэр Патриотизм сылынан, Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 75 сылын көрсө «Сэрии дуораана – мин дьиэ кэргэммэр» диэн бырайыак чэрчитинэн гимназия ааҕар саалатыгар 7 кылаас оҕолорун кытта истиҥ көрсүһүү, сэһэргэһии буолан ааста.
Бу көрсүһүүгэ ыалдьыппыт саха эстрадатын артыыһа, ырыаһыт- Иннокентий Лебедев хос эһээтин, Брызгалов Феодосий Захарович, уоттаах сэрии толоонугар сырдык тыына быстыбыт сиригэр, Ленинградскай уобаласка көмүллүбүт братскай могилатын хайдах булбутун уонна онно туруммут уһун айанын үтүө түмүктэрин видеоҕа уһулбутун көрдөрөн, сиһилии кэпсээтэ. Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Феодосий Брызгалов олоҕуттан төрөппүт сиэнэ В.Д. Соловьев, хос-хос сиэнэ гимназия 7 кылааһын үөрэнээччитэ Дайаана О. кэпсээтилэр.
Гимназиябыт хас биирдии үөрэнээччитэ бэйэтин дьиэ кэргэнигэр Аҕа дойду сэриитигэр кыттыыны ылбыт хос эһээлэрин, аймахтарын туһунан ахтыыны хомуйан, чинчийэн үлэлэрин сылын аайы хаҥаталлар, кинилэр үтүө ааттарын үйэтитэн альбом-кинигэ оҥорон библиотекаҕа бэлэхтииллэр.


вторник, 11 февраля 2020 г.

Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах декада биир сүрүн тэрээһинэ олунньу 5 күнүгэр А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар өрө көтөҕүллүүлээхтик буолан ааста.
“Ааҕыы – көлүөнэни ситимниир” бырайыак чэрчитинэн үгэс буолбут дьиэ кэргэн күрэҕэр түөрт ыал кыттыыны ылла:
Алла Прокопьевна, Леонид Николаевич,  уоллара Арчылаан, сиэннэрэ Леола, Амелия Евсеевтэр;
Любовь Егоровна, оҕолоро: Сандаара, Эрхан, эбээлэрэ Аграфена Ильинична Николаевтар;
Луиза Олеговна, оҕолоро: Тимур, Рома Блахировтар;
Анна Васильевна, оҕолоро: Эргис, Дима, Нюргуяна Соловьевтар, эбээлэрэ Валентина Иннокентьевна Атласова.
Күрэҕи 2 “а” кылаас сахабыт сирин киэн туттар, биллиилээх дьоммут тыл туһунан бэргэн этиилэринэн, 7 “б”, 10 “а” кылаас уолаттара “Өксөкүлээх үөтүүлээх тыллара” уус-уран дьүһүйүүнэн арыйдылар.
Кыттааччылар уопсайа 7 түһүмэххэ билиилэрин тургуттулар, айымньылаах үлэлэрин көрдөрдүлэр. Ол курдук, төрөппүттэрбитигэр биир сонун  көрүҥүнэн төрөөбүт тыл историятыттан онлайн-тест буолла. Тыл туһунан дьиэ кэргэн төрөөбүт төрүт тылыгар тапталын уустаан-ураннаан ойуулаан, саха тыла хаһан да сүппэтигэр, симэлийбэтигэр баҕаран туран бэйэлэрэ айбыт хоһооннорун дорҕоонноохтук аахпыттара көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылла.
Бары түһүмэхтэри оруннаахтык педагогическай наука кандидата, гимназиябыт директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччыта Светлана Алексеевна Гоголева, ХИФУ доцена, филологическай наука кандидата Наталья Сергеевна Сивцева, Дьокуускай куорат 17№-дээх оскуолатын педагог-библиотекара Пелагея Алексеевна Сивцева сыаналаабыттарын түмүгүнэн:
«Өркөн өй» – Евсеевтэр, «Уус-уран тыл» – Николаевтар, “Сайдам санаалаах дьиэ кэргэн” – Соловьевтар, “Этигэн тыл” – Блахировтар дьиэ кэргэттэрэ анал ааттары ылан Хайҕал сурук, сыаналаах бириис тутан үөрдүлэр-көттүлэр, махтал тылларын эттилэр.
Маннык тэрээһин кэнчээри ыччат, аҕа көлүөнэни утумнаан, Ийэ тыл сүөгэйин-сүмэтин, баайын-дуолун дириҥник иҥэринэн, кэскиллээх суолга үктэнэригэр ыҥыра-угуйа туруо.