«Буорах сыттаах хоһооннор» гимназиябыт алын сүһүөх кылааһын үөрэнээччилэригэр уус-ураннык өйтөн хоһоон ааҕыытын күрэҕэ.
Күрэх сыала-соруга:
• Үөрэнээччини төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх буоларыгар иитии-үөрэтии;
• Уус-ураннык, дорҕоонноохтук ааҕар дьоҕурун сайыннарыы;
• Сэрии ыар сылларын туһунан суруйбут поэттар айымньыларын оҕолорго тиэрдии.
Күрэх ирдэбилэ:
Үөрэнээччи Аҕа дойду сэриитин туһунан суруллубут айымньыны бэйэтэ талан ылан, уус-ураннык өйтөн ааҕар.
Ааҕыы нууччалыы эбэтэр сахалыы буолуон син. (3-5 мүнүүтэ усталаах).
Күрэххэ кылаастан 3-түү үөрэнээччи кыттар.
Хоһоон ааҕыытын видеоҕа устан бу solannaaf@mail.ru ыытаҕыт.
Видеолары ыам ыйын 7 күнүгэр диэри күүтэбит. Ыытыллыбыт видеолар медиатека блогар киирэн иһиэхтэрэ
Түмүк ыам ыйын 8 күнүгэр биллиэҕэ.
Тэрийэр бөлөх.
Комментариев нет:
Отправить комментарий