понедельник, 6 мая 2019 г.

БиблиоКүн-2019

Муус устар 25 күнүгэр үгэс курдук сыл аайы ыытыллар "БиблиоКүн" буолан ааста. Бүтүн Россия үрдүнэн ыытылла турар Театр сылыгар анаан "Сулустуун көрсүһүү" тэрээһиммитигэр Саха академическай театрын артыыһа, гимназияны 2010 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбит Айсен Лугинов кэлэн ыалдьыттаата, бэйэтин айар үлэтин, инники былааннарын туһунан кэрэхсэбиллээхтик кэпсээтэ, оҕолор ыйытыктарыгар хоруйдаата. 
Тэрээһин биир сонун көрүҥүнэн "19-с сирэй" диэн үс тылынан (сахалыы, нууччалыы, английскай тылынан) тута дорҕоонноохтук ааҕыы буолла. 
Театр уонна сомоҕолоһуу сылларыгар анаммыт дьиэ кэргэнинэн кинигэ оҥоруу уонна "Мин таптыыр артыыһым" диэн видео устан ыытыы үрдүк таһымнаахтык аастылар, ааҕааччылар, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар.  

среда, 20 марта 2019 г.

Саха оскуолаларын икки ардыларыгар "Түмэр тыл түһүлгэтэ"

Төрөөбүт
Төрүт тыл
Сөрүүн сүөгэй курдук
Сүрэҕи-быары сөрүүргэтэр...
                                                                                                                Күндэ

Кулун тутар 18 күнүгэр Саха тыйаатырын Олоҥхо саалатыгар саха оскуолаларын икки ардыларыгар "Түмэр тыл түһүлгэтэ" оонньуу-күрэҕи Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия саха тылын, литературатын уонна культуратын кафедрата иилээн-саҕалаан, тэрийэн ыытта.
Күрэххэ барыта 9 сахалыы тыллаах оскуола (Саха гимназия, Айыы Кыһата, Тулагы орто оскуолата, Саха политехническай лицей, №2, №17, №26, №33 орто оскуолалар, Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия) кыттыыны ылан, анал ааттарынан, туоһу суруктарынан наҕараадаланна.
Күрэх сыалынан-соругунан буолар: үбүлүөйдээх  суруйааччылары ырыа-хоһоон нөҥүө айымньыларын үйэтитии; оҕо норуот тылынан уус-уран айымньытын билиитин чиҥэтии; театр артыыстарын билии, ытыктабылы иҥэрии; оһуохай  хаамыытын, толоруллуутун тутуһарга иитии.
Хамаандалар биэс түһүмэхтэн турар тургутуктарга олус диэн өрө көтөҕүллэн, көхтөөхтүк кытыннылар. Үбүлүөйдээх суруйааччылар айымньыларын уустаан-ураннаан, дьүһүйэн көрдөрбүттэрэ дьүүллүүр сүбэни, кыттааччылары долгутта. Маны таһынан, оҕолор ийэ тылларын баайын, тыйаатыр сылыгар анаммыт ыйытыктарга билиилэрэ сыаналанна. Хас биирдии хамаанда чуор куоластаах оһуокайы таһаарааччыта доҕордоһуу түһүлгэтин төрүттээтэ.


среда, 16 января 2019 г.

«Дарите книги с любовью»

С 11 по 17 февраля 2019 года Ассоциация деятелей культуры, искусства и просвещения по приобщению детей к чтению «Растим читателя» проведет Третью общероссийскую акцию «Дарите книги с любовью», приуроченную к Международному дню книгодарения, который отмечается уже несколько лет 14 февраля во многих странах мира.
Дорогие наши читатели, просим принять активное участие!

пятница, 7 декабря 2018 г.

Ааҕыы көлүөнэни ситимниир


Сэтинньи ыйга 4 чулуу суруйааччыларбыт: П. Ойуунускай 125, Н. Заболоцкай-Чысхаан 110, Н. Якутскай 110, И. Артамонов 90 үбүлүөйдээх саастарын үөрэ-көтө бэлиэтээтибит.
Ол курдук, ахсынньы 1 күнүгэр Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияҕа үбүлүөйдээх суруйааччыларбытыгар  анаан, үгэскэ кубулуйбут "Ааҕыы көлүөнэни ситимниир" ырыа-хоһоон түһүлгэтигэр үөрэнээччилэр төрөппүттэрин, эбээлэрин, эһээлэрин кытта суруйааччылар айымньыларыттан талан, уус-ураннык аахтылар, ырыаларын толордулар. Быйылгы тэрээһиҥҥэ хаһааҥҥытааҕар да элбэх төрөппүт (33 ийэ, аҕа, эбээ, эһээ, хос эбээ)  кыттыыны ылла. Үөрүүлээх түһүлгэбитигэр Нина Алексеевна Золотарева абаҕатын Николай Якутскай олоҕуттан кэпсээтэ.
Сылтан сыл кыттааччылар суруйааччы олоҕун билиилэрэ-көрүүлэрэ, доҕоонноохтук ааҕар маастарыстыбалара сайдан иһэрэ тэрээһин сүҥкэн суолталаммытын көрдөрөр.

Хомус дьикти тылынан


Бүгүҥҥү "Хомус дьикти тылынан" гимназия бүттүүн тэрээһинин өрө күүрүүлээхтик, биир тыынынан бэлиэтээтибит! Бүтүн өрөспүүбүлүкэ улахан суолталаах дьоро күнүгэр бары биир сомоҕо буолан, хомуспут күнүн үрдүк таһымнаахтык ыыттыбыт.
Үөрэх күнүн алгыстаах алаадьынан айах тутан саҕалаатыбыт, радиоэфирга хомус туһунан хоһооннор быыстала суох кутулуннулар.
Гимназия иккис этээһигэр Аан дойду таһымнаах хомус ууһун, Россия, Саха сирин уустарын союһун чилиэнин, гимназия сатабылга учууталын Комиссаров Ф. А. хомустарын коллекциятын, научнай-чинчийэр үлэтин сырдатар быыстапката буолла.
Дьоро күн ыҥырыылаах ыалдьыттарынан буоллулар:
Казахстан Алма-Аты куорат Ахмет Байтурсынов аатынан Тылы чинчийэр институт наукаҕа үлэһитэ Рыскулов Марат Абсатарович уонна Аан дойдутааҕы хомус түмэлин наукаҕа отделын салайааччыта, виртуоз хомусчут Алексеев Эркин Павлович.
Хомуска күргүөм тардыы доҕордоһуу оһуохайынан түмүктэннэ.
Маны таһынан, орто сүһүөх оҕолорун кытта Марат Абсатаровичтыын истиҥ иһирэх кэпсэтии буолла.
Бу күн бары сарсыардаттан - учууталлардыын, үөрэнээччилэрдиин, гимназия бары үлэһиттэриниин сахалыы таҥастаах, хомустаах кэлэн, төрүт үгэспитигэр,култуурабытыгар сүгүрүйдүбүт.


вторник, 13 ноября 2018 г.

Гимназияҕа улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай өрөгөйдөөх үбүлүөйэ


Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияҕа саха норуотун биллиилээх суруйааччыта Былатыан Ойуунускай 125 сыллаах үбүлүөйүн көрсө ыытыллар тэрээһиннэр тиһигин быспакка бара тураллар, киэҥ сэҥээриини ылаллар.
Ол курдук, улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай үбүлүөйдээх күнүнэн, биһиги гимназиябыт алгыстаах алаадьынан айах тутан, үөрэх күнүн саҕалаата. Дьарыктар быыстарыгар оҕолор Ойуунускай хоһооннорун радионан аахтылар. Учууталлар, үөрэнээччилэр кыттыылаах "Эрдэ турбут сэһэнэ, Хойут кэлбит хоһооно, Төрүүр ыччат номоҕо" Ойуунускайдыын кэпсэтии-дьүһүйүү үс төгүллээн үс омук тылынан (сахалыы, нууччалыы, английскайдыы) уһун сынньалаҥнар кэмнэригэр ыытыллан, көрөөччү сэҥээриитин ылла. Маны таһынан, "Ойуунускайдыын сэһэргэһии" диэн 7"б" кылаас үөрэнээччилэрин хоһооҥҥо холонууларын хомуурунньугун Галина Семеновна Анисимова хаапыдыраҕа, библиотека-медиатека кииҥҥэ уонна кылаас салайааччытыгар Екатерина Афанасьевнаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлэх уунна.
 Маннык араас хабааннаах тэрээһиннэр үөрэнээччилэр, учууталлар уонна төрөппүттэр кыттыылаах буоланнар, кэлэр кэнчээри ыччакка суруйааччы умсулҕаннаах олоҕун, киэҥ далааһыннаах айар үлэтин дириҥэтэн үөрэтэллэригэр олук буолаллар,  үтүө аатын үйэтитэллэр.

Хаартыскалары манна көр


вторник, 23 октября 2018 г.

15 октября 2018 в читальном зале МОБУ ЯГНГ прошло слушание ученических исследовательских работ 6 «б» класса. Было выслушано 22 работы. В составе комиссии работали: Винокурова М.В., Слепцова Е.А., Кириллина С.Т., Григорьева Е.С., Макарова А.К., Спиридонов М.М. Работа прошла в трех секциях: Естественные науки, Гуманитарные науки, Математика и IT-технологии.
Целью конференции было развитие интеллектуально-творческого потенциала личности ребенка, выявление одаренных и способных юных исследователей, формирование устойчивого интереса к знаниям, приобретение навыков публичных выступлений.
Учащиеся 6 «б» класса показали высокий уровень организованности, защищая свои исследовательские работы. Жюри отметили и рекомендовали несколько работ на дальнейшую подготовку к конференции гимназии. Все работы были выслушаны и все ученики получили советы по улучшению своих работ.