Улуу Кыайыы күнүгэр аналлаах библиотечнай уруок.
Дьыллар-күннэр ааһан истэхтэрин аайы Улуу Кыайыы улахан сыранан ситиһиллибитин кэлэр кэнчээри ыччакка билиһиннэрэн, оччотооҕу сэбиэскэй норуот историятыгар саамай хоромньулаах, ыар сүтүктээх, хаан тохтуулаах харах уулаах иэдээннээх сэрии буолан ааспытын санатыах тустаахпыт. Саллааттар хорсун быһыыларын үйэ-саас тухары киэн туттан туран, үтүө өйдөбүл оҥостон үйэтитиэхтээхпит, дьоһуннук чиэстиэхтээхпит.
Семен Осипович Никифоров – буойун – суруйааччы. Быйыл Семен Осипович Никифоров – буойун – суруйааччы үөрэнээччилэргэ,ааҕааччыларга тиэрдэр соруктаах кини олоҕо, айар үлэтин сырдатыы буолла. Кыыһа , Аммосова Лидия Семеновна, 2023 сыллаахха “Өлөрү кыайбыттар” диэн тахсыбыт кинигэтин көрдөрүү, билиһиннэрии.
5 “в” кылаас байыаннай таҥастаах, ырыа
хорунан,хоһоон ааҕыынан түмүктээтибит. 8 “б” кылаас саҥа кинигэ ис хоһоонун билэллэрин
курдук сэһэргэстибит. Дьиэ кэргэнин архыыбын матырыйаалын,айымньыларын эдэр ыччакка холобур
буолалларын өйдөөтүлэр. Билии-көрүү ылалларын туһугар биктэриинэ ыыттыбыт, көхтөөхтүк
кытыннылар.
Семен Осипович Никифоров олоҕо,айымньылара сэрии
тиэмэтин уонна сэрии кэминээҕи бэйэтин көлүөнэтин, дьонун-сэргэтин үлэлэрин
ойуулаан көрдөрбүт.
Үөрэнээччилэрбит, хорсун хоодуот буойун, холобурунан киэн тутуннулар, үйэлэргэ үтүө
өйдөбүл буолуо диэн бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр.
Комментариев нет:
Отправить комментарий