вторник, 13 февраля 2024 г.

Ийэ тыл күнэ биһиги гимназиябытыгар

 

А.Г., Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията, информационнай киин-медиатека Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр анаан «Ааҕыы көлүөнэни ситимниир» бырайыак чэрчитинэн үгэскэ кубулуйбут «Тыл дьэрэкээн кустуга» диэн оонньуу күрэххэ Дьокуускай куорат саха тыллаах оскуолаларын түмэ тарта. 
Уопсайа 7 хамаанда күөн көрүстүлэр: 
«Лицей кыргыттара» - Саха политехническай лицей
 «Тобул»- Хатас орто оскуолата
 «Сайдам» - Дьокуускай куорат 17№ оскуолата
 «Тускул » Дьокуускай куорат 2№ оскуолата 
«Үрдэл» - Дьокуускай куорат 1№ оскуолата
«Арылы кустук»- Саха гимназия
«Сандаар»- ЯГНГ.
Үөрүүлээх түһүлгэбитин төрөөбүт төрүт тыл этигэн кэрэтинэн, хомоҕой хоһоонунан гимназия 2 а кылааһын 14 хотой уолан уолаттара(кыл.сал. Максимова Н.М) дорҕоонноохтук ааҕан арыйдылар.
Быйылгы оонньуу-күрэх уратытынан, Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, республикаҕа Оҕо аймах сылынан хас биирдии хамаандаҕа үөрэнээччилэр эрэ буолбакка төрөппүт, эбэ, эһэ кыттыыны ыллылар.
Хамаандалар төрөөбүт тыл историятыттан тургутуу, тылы суолталарынан наардааһын, тыл оонньуута, «Таптыыр сахам тылынан...» тута хоһуйан кэпсээһин курдук түһүмэхтэринэн көхтөөхтүк кытыннылар.
Күрэх түмүгүнэн: «Кыайыыга дьулуур» анал аат- Саха политехническай лицей,  «Кэрэхсэбиллээх сахам тыла» анал аат - Хатас орто оскуолата, «Саргылардаах сахам тыла» -Дьокуускай куорат 2№ оскуолата,  «Кэскиллээх сахам тыла» - ЯГНГ, Кылаан чыпчаал 3 миэстэ - Дьокуускай куорат 17№ оскуолата, Кылаан чыпчаал 2 миэстэ – Саха гимназия, муҥутуур кыайыылаах аатын, Кылаан чыпчаал 1 миэстэни - Дьокуускай куорат 1№ оскуолата ыллылар. Бары кыттааччылар Туоһу сурук, кыайыылаахтар Хайҕал сурук, кинигэ бэлэх туттулар.
Дьүүллүүр сүбэ быйыл оҕолор бэлэмнэрэ, тыллара-өстөрө тупсубутун бэлиэтээн инникитин да төрөөбүт тылларын харыстыы, сайыннара турдуннар диэн алгыс тылларын анаатылар.
Бары кыттыбыт хамаандаларга  истиҥ эҕэрдэбитин, барҕа махталбытын тиэрдэбит!













Комментариев нет:

Отправить комментарий