среда, 24 января 2024 г.

Черчение -Чэрчи үөрэҕэ

 






📐✏️📏📝📉📈📊

Черчение – Чэрчи үөрэҕэ оҕо өйүн күүһүнэн, уус хараҕынан санаан-оҥорон көрөр, айар-тутар дьоҕурун сайыннарар, былаанныыр, дьүөрэлиир, сааһылыыр үөрүйэҕин олохсутар.*

Гимназия ааҕар саалатыгар М.И. Павлов технология уруогар үөрэтэр матырыйаалларыгар олоҕурбут сэргэх быыстапка турда.

✈️🚒🏘🎡🛩🚌🎯

Михаил Иванович черчение-чэрчи үөрэҕин алын сүһүөх кылаастан саҕалаан үөрэтиллэрин олус тоҕоостооҕун кэпсиир, үөрэтэр.

Бу быыстапкаҕа ыал дьиэҕэ туттар мала, Уус дьиэтин, Арчы дьиэтин макеттара, танкалар, самолеттар, массыыналар, остуол оонньуулара, кубоктар барыта кыраҕы хараҕынан көрөн сурааһын былаанынан (чертёж), бэйэ илиитинэн тутан-хабан оҥоһуллубуттар. Ону таһынан Тулалыыр эйгэ, биология уруоктарыгар туһаныллар макеттар бааллар.🐜🐟🪰

🔸Бастатан туран, оҥоһуктары туохтан саҕалыахха сөбүй?

🔸Дьиэни хайдах туталларый?

🔸Дьиэҕэ туһалаах маллары хайдах оҥоруохха сөбүй?

🔸Өйү сайыннарар оонньуулары төһө билэҕин?

🔸Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ ханнык танкаларынан сэриилэспиттэрэй уонна ол танкалары хайдах оҥорон саҕалыыбыт?

Бу ыйытыктарга  хоруйу оҥоһуктары кытта тэҥҥэ турбут, онно сыһыаннаах кинигэ быыстапката ситэрэн биэрэр.

Быыстапканы тэриллиитигэр күүс-көмө буолбут алын сүһүөх учууталларыгар, гимназия методиһыгар М.В. Винокуроваҕа истиҥ махталбытын тиэрдэбит.🤝✊


Комментариев нет:

Отправить комментарий