Төрөөбүт төрүт
тыл
Сөрүүн сүөгэй курдук
Сүрэҕи-быары сөрүүргэтэр,
Убаҕас отон уутун курдук
Улахан куйааска утаҕы аһарар,
Сырдьыгыныы көөнньүбүт
Сылгы кымыһын курдук
Тостор куйааска тоҕулу ханнарар…
А.А. Иванов – Күндэ
Сөрүүн сүөгэй курдук
Сүрэҕи-быары сөрүүргэтэр,
Убаҕас отон уутун курдук
Улахан куйааска утаҕы аһарар,
Сырдьыгыныы көөнньүбүт
Сылгы кымыһын курдук
Тостор куйааска тоҕулу ханнарар…
А.А. Иванов – Күндэ
Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияҕа “Ийэ
тыл” күнүгэр аналлаах нэдиэлэ чэрчитинэн, саха суруйааччыларын хоһоонунан
айымньыларын үүнэр ыччакка тарҕатар, оҕо өйүгэр-санаатыгар иҥэрэр, төрөөбүт
тылга, литератураҕа тапталы иитэр сыаллаах, “Хомуһун тыл, хомоҕой хоһоон” өйтөн
ааҕыы күрэҕэ гимназия 5,6,7 кылаас үөрэнээччилэрин ортотугар ыытылынна.
Быйылгы күрэх ирдэбилинэн 5-тэн элбэх кыттааччылаах
бөлөх ааҕар хоһооно төрөөбүт тыл эбэтэр быйылгы үбүлүөйдээх саха
суруйааччыларын хоһоонноруттан дорҕоонноохтук, уус-ураннык ааҕыы буолар.
Барыта 9 кылаас кытынна. П.А. Ойуунускай аатынан
музей научнай үлэһитэ Дохунаев Егор Николаевич салайааччылаах дьүүллүүр сүбэ
оҕолор ааҕыыларын үрдүктүк сыаналаатылар, туһалаах сүбэлэри биэрдилэр.
Түмүккэ 1 миэстэни – 6 “б” кылаас, 2 миэстэни – 5 “б”
кылаас, 3 миэстэни – 6 “в” кылаас бөлөхтөрө ыланнар үөрүү үрдүк өрөгөйүн
биллилэр.
Комментариев нет:
Отправить комментарий