среда, 29 марта 2023 г.

Ааҕыы түһүлгэтэ

Гимназиябытыгар ааҕыы түһүлгэтэ буолан ааста

Тыый! Тугун үчүгэйэй, бүгүн биһиэхэ эбээлэрбит кэлбиттэр, сиэннэрин кытта “Тыл дьэрэкээн кустуга” диэн ааҕыы эйгэтигэр бииргэ баар буоллулар. 

А.Г., Н.К.Чирээйптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар Эбээ нэдиэлэтин бу биир сүрүн тэрээһинэ буолар. Бу эрэ буолбатах, “СИТИМ” эбээ түмсүүтэ оҕолоругар саха төрүт үгэһин, туттар тэрилин, малын, иһитин, таҥаһын, саха аһын— сиэр-туом  туһунан бэйэлэринэн кэлэн уруоктары ыыттылар. Ол туһунан син сырдатан турабыт. 

Алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ эбээ сиэнин кытта холбоон (талыллыбыт 9 хамаанда) сахалыы ааҕыы алыптаах түһүлгэтигэр бэйэлэрин тургуттулар. Информационный киин - библиотека үлэһиттэрэ - Анна Афанасьевна Соловьева, Оксана Васильевна Бурнашева бу курдук тэрээһиннэри күннэтэ ыытар үөрүйэхтээх буоланнар, бу да сырыыга оҕолору соһуттулар, уратыларынан болҕомтолорун тартылар. 

Куонкурус оонньуу сиэринэн барда. Саха Автономиятын 100 сылыгар, Саха сирин, саха тылын  историятыттан ыйытыктарга хоруйдаатылар, бэйэбит суруйааччыларбыт кинигэлэрин обложкатынан уонна онно ис ойууларынан бэриллибит пазлы таайдылар, “Таптыыр сахам тылынан” диэн түһүмэххэ хартыынанан кэпсээтилэр, “Сынньана таарыйа” сахалыы таабырыннары, сканворду эбээ сиэнин кытта биир ситимҥэ буолан барытын олус сэргэхтик толордулар.  

Кыайыылаахтары ааттыыр үөрүүлээх түгэммит маннык буолан таҕыста. “Кылаан Чыпчаал”  ааты Олеся Аргунова эбээтэ Октябрина Дмитриевна Пуховалыын ( 1 “В” кылаас), I миэстэ—Нарыйа Романова эбээтэ Зинаида Игнатьевна Лыткиналыын ( 4” В” кылаас) , II миэстэ—Борис Кобяков эбээтэ Любовь Николаевна Иванованы кытта ( 1” Б” кылаас), III миэстэ—Аурелия Евсеева эбээтэ Алла Прокопьевна Евсееваны кытта ( 3 “А” кылаас), Сандаара Захарова эбээтэ Мария Филипповнаны кытта. Грамота , туоһу сурук тутаннар үөрүүлэрэ үрдээтэ. 

—Оҕолоор, көрүҥ эрэ, бу оноолоох сон—саха дьахтарын мааны кэтэр таҥаһынан буолар. Онно бу курдук өттүк симэхтээх, хаппардаах. 

Хаппар диэн тугуй ? 

Бу бэргэһэ—дьабака диэн, ортотугар күннээх. Оттон үтүлүгү көрүөххэ —“уостаах үтүлүк” диэн ааттыыллар. Ити курдук, “Ситим” эбээ түмсүүбүт салайааччыларыттан биирдэстэрэ Алла Прокопьевна Евсеева бэйэтэ кэтэн кэлбит бары симэҕин оҕолорго кэпсии-кэпсии көрдөрдө. Сахалыы алаадьынан күндүлээтэ.  





“Олох үөрэҕэ” норуот педагогикатын киинэ, А.Г.Н.К.Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията.

четверг, 16 февраля 2023 г.

“Тыл дьэрэкээн кустуга” оонньуу-күрэх


Олунньу 14 күнүгэр, Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах, куорат саха тыллаах оскуолаларын икки ардыгар, “Тыл дьэрэкээн кустуга” оонньуу-күрэххэ 8 хамаанда кыттыыны ылла: №1, №2, №17, №26, Саха гимназия, Саха политехническэй лицей, “Сэргэлээх” оскуолата, А. Г. уонна Н. К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията. Хамаанда 4 үөрэнээччилээх (5,6,7,8 кылаастан биирдии).

  Үөрүүлээх түһүлгэбитин 1 “а” кылаас (Максимова Н.М.), 5 “а” кылаас (Ильина В.А.) уолаттарын бөлөҕө дорҕоонноохтук хоһоон ааҕыыларынан арыйдылар.

  Күрэҕи “Сахат” оскуола саха тылын учуутала У.А. Иванова, гимназия дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы А.Н. Чиряев, төрүт култуура учуутала Н.Е. Никонова дьүүллээтилэр.

  5 түһүмэх түмүгүнэн 3 миэстэ №1 оскуола – “Үрдэл”, 2 миэстэ – Саха гимназия “Билигэн”, 1 миэстэ – ЯГНГ “Сандаар” хамаандалара кыайыылаах үрдүк аатын ыллылар, сэмэй бэлэхтэри уонна бары кыттааччылар туоһу суругу туттулар.

среда, 26 октября 2022 г.

Дьиэ кэргэн күрэҕэ

 


«Ааҕыы – көлүөнэни ситимниир» проект чэрчитинэн, гимназиябыт 30 сылыгар анаан, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан, Саха сиригэр Ийэ сылынан, Саха норуодунай суруйааччыта Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сылынан, ааҕар дьиэ-кэргэн күрэҕэ буолан ааста.

Кыттааччылар онлайн тест нөҥүө саха сирин историятыттан ыйытыыларга хоруйдаатылар, сонун көрүҥнээх оонньууларга кытыннылар, уустаан-ураннаан аахтылар

5 түһүмэхтээх күрэх түмүгүнэн:

Новгородов В., 2 “г” кылаас, ийэтэ Варвара Степановналыын «Кылаан чыпчаал» - күрэх муҥутуур кыайыылаахтарынан буоллулар.

Никитина М., 3 “б” кылаас, ийэтэ Вилюяна Николаевналыын, аҕата Петр Яковлевичтыын – «Сатабыллаах дьиэ кэргэн», Уйгуров А., 4 “б” кылаас, ийэтэ Лениана Евгеньевналыын «Билии биһигэ дьиэ кэргэн», Прокопьев А., 8 “б” кылаас, ийэтэ Василиса Ивановналыын  «Хомоҕой тыл», Уварова Р., 2 “б” кылаас, ийэтэ Наталья Павловналыын «Булугас өй», Турчина Д., 2 “в” кылаас, ийэтэ Ульяна Ильиничналыын – «Уран тыл» диэн анал ааттары чиэстээхтик сүктүлэр.

 

Бары кыттыбыт дьиэ кэргэттэргэ истиҥ эҕэрдэбитин, барҕа махталбытын тиэрдэбит! 

 

пятница, 21 октября 2022 г.

«Ааҕыы – көлүөнэни ситимниир» проект

Дьиэ-кэргэн күрэҕэ

Буолар күнэ: алтынньы 25 күнэ, күнүс 13.00 чаастан

Кыттааччылар: 1-8 кылаас үөрэнээччилэрэ

Күрэх сыала-соруга:

  • төрөөбүт дойдунан киэн туттууну, бэриниилээх буолууну, истиҥ тапталы, харыстабылы иҥэрии;
  • үөрэнээччигэ суруйааччы олоҕун, айар үлэтин биллэрии;
  • үөрэнээччигэ бэйэ санаатын сааһылаан саҥарар, кэпсиир, уус-ураннык ааҕар үөрүйэхтэрин иҥэрии;
  • ыалынан ааҕыы үтүө үгэстэрин үйэтитии;

Күрэх Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан, Саха сиригэр Ийэ сылынан, Саха норуодунай суруйааччыта Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сылыгар ананар.  

Күрэххэ үөрэнээччи ийэтин аҕатын (төрөппүттэртэн биирдэстэрэ буолуон син) эбэтэр эбээтин, эһээтин кытта кыттыан син.

Күрэх хаамыыта:

1 түһүмэх. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах тургутук

2 түһүмэх. Бүөтүр Тобуруокап айымньылара (викторина)

3 түһүмэх. Ийэҕэ, төрөөбүт дойдуга анаммыт хоһооннортон уонна Бүөтүр Тобуруокап айымньыларыттан талан уус-уран ааҕыы күрэҕэ

4 түһүмэх. Ийэ сылыгар аналлаах сорудахтар

Бары кыттыылаахтарга – туоһу сурук, кыайыылаахтарга – хайҕал сурук уонна сэмэй бэлэх туттарыллар.

 

Тэрийэр бөлөх

 


пятница, 22 апреля 2022 г.

 

Муус устар 27 күнэ- Өрөспүүбүлүкэ күнэ!

 Муус устар 27 күнэ Саха сирин устуоруйатыгар ураты суолталаах. Быйыл Саха АССР тэриллибитэ 100 уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуона ылыллыбыта 30 сылын бэлиэтэнэр.

1920 сыллаахха П.А.Ойуунускай салайааччылаах анал хамыыһыйа национальнай суверенитекка олоҕурбут Саха Өрөспүүбүлүкэтин кэлэр дьылҕатын быһаарар бырайыагы бэлэмнээбитэ.

Биир сүрүн көҕүлээччи М.К.Аммосов этэ. Чопчу кини ССКП уонна РСФСР Омуктар дьыалаларыгар норуодунай комиссариатын иннилэригэр Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин тэрийэр туһунан боппуруоһу көтөхпүтэ.Кини дакылаатыгар олоҕуран, уобаластааҕы баартыйа мунньаҕа автономияны киллэрэр туһунан резолюция ылыммыта. Маны 1921 сыл алтынньытыгар буолбут Саха сиринээҕи өрөбөлүүссүйэ кэмитиэттэрин бастакы сийиэһигэр эмиэ өйөөбүттэрэ.

1922 сыл, муус устар 27 күнүгэр ВЦИК Президиума Саха Автономиятын туһунан уураах таһаарбыта. Ити сыл бэс ыйыгар Ойуунускай салайааччылаах бастакы бырабыыталыстыба тэриллибитэ.

Автономия төрүттэнэригэр ураты оруоллаах И.Н.Барахов 1922 сыл, муус устар ыйыгар хомуньуус баартыйа 10-с сийиэһигэр Саха сирин аатыттан соҕотох куоластыыр бырааптаах кыттыбыта.

1990 сыл, балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Суверенитетын туһунан декларация ылыллыбыта.

1991 сыл ахсынньы ыйыгар бастакы бэрэсидьиэнинэн М.Е.Николаев талыллыбыта.

1992 сыл, муус устар 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуона (Конституцията) күүһүгэр киирбитэ.

Билигин муус устар 27 күнүн Өрөспүүбүлүкэ күнүн быһыытынан билинэбит.

Эһигини барыгытын ис сүрэхпиттэн уруйдаан-айхаллаан, үөрэн-көтөн, долгуйан туран эҕэрдэлиибин!

Саха омук- улуу омук. Субуллар мындыр өйдөөх, үтүө көнө майгылаах, сатабыллаах, үүнэр-сайдар кэскиллээх!



четверг, 21 апреля 2022 г.

 

Семен Петрович Данилов (20.03.1917—27.11.1978) — саха норуодунай поэта, прозаик, тылбаасчыт, литератураны ырытааччы, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан орто сүһүөх үөрэнээччилэригэр хоһоон күрэҕэ буолан ааста. Күрэх түмүгүнэн, 6 "а" кылаас үөрэнээччитэ Григорьев Э. кыайыылаах үрдүк аатын сүктэ.

 

  

 





вторник, 5 апреля 2022 г.

 


Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылыгар аналлаах гимназиябытыгар араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытылыннылар.  Өксөкүлээх Өлөксөй "Саха дьахталларын мэтириэттэрэ" диэн айымньытын тула, кыргыттарга аналлаах, истиҥ сэһэргэһии буолан ааста. Кэпсэтиигэ президент оскуолатын ситимин үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар. Кыргыттар урукку кэминээҕи уонна билиҥҥи саха дьахталларын тэҥнээн көрөн, түһүмэхтэринэн, бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр.

Бастакы президеммит М.Е. Николаев оскуолаларын ситимигэр,  кулун тутар 16 күнүгэр, сылын аайы "Өксөкүлээх сардаҥата"диэн үтүө тэрээһин ыытылларын туһунан уураах бигэргэннэ.