четверг, 11 ноября 2021 г.

200 лет со дня рождения гениального русского писателя Федора Михайловича Достоевского

 


200 лет со дня рождения гениального русского писателя Федора Михайловича Достоевского (1821-1881).
Творчество Достоевского принадлежит к вершинным явлениям духовной культуры человечества. Толстой и Достоевский, по словам Горького, потрясли весь мир и обратили на Россию изумленное внимание всей Европы.
Художественный мир Достоевского трагичен, на первый взгляд даже мрачен. Но, изображая беспредельные физические и душевные страдания на Земле, «пропитанной срезами от коры до центра», Достоевский искал пути преодоления зла, считал, что такая борьба в силах человеческих. Именно поэтому у Достоевского не может быть ни равнодушных, ни пассивных читателей. Все они оказываются властно вовлеченными в тот круг «роковых» проблем, жгучая актуальность которых со времен Ф.М. Достоевского стала еще острее и очевиднее.

Его прозвали настоящим «психологом пера», исследователем человеческого сердца за то, что он сопереживал всем своим героям.


понедельник, 8 ноября 2021 г.

Советскай Союз Геройа Ф.К. Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах күрэх балаһыанньата

А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан 
Дьокуускай куорат национальнай гимназията
Информационнай киин-медиатека

Сахалартан бастакы Советскай Союз Геройа Ф.К. Попов 
төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах “Үйэлэргэ умнуллубат үтүө аат” 
күрэх балаһыанньата
Бу олох, бу кыайыы баалыгар, 
Эн, герой, мэлдьитин тыыннааххын...
К. Уурастыырап.
Сыала –соруга:
- Ийэ дойду көҥүлүн иһин хорсун быһыыны көрдөрбүт сахалартан бастакы Советскай СоюзГеройа Федор Кузьмич Попов үтүө аатын үйэтитии;
- буолан ааспыт историческай түгэннэри үөрэтии;
- төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга иитии;
- дьону кытта алтыһыыга, түмсүүлээх буоларга уһуйуу;  
- уус уран айымньыны ааҕыыга умсугутуу;
- үөрэнээччи айар дьоҕурун сайыннарыы.
Күрэх көрүҥнэрэ:
1. Эн, Герой, мэлдьитин тыыннааххын... 
Ирдэбилэ: Федор Попов туһунан хоһоон ааҕыы. Биирдиилээн эбэтэр бөлөҕүнэн Федор Поповка анаммыт хоһоону өйтөн дорҕоонноохтук, уустаан-ураннаан аахпыттарын видеоҕа устан ыыталлар. 
2. Туойуоҕуҥ геройу!..
Ирдэбилэ: Федор Поповка анаммыт ырыаны толоруу. (Ырыа доҕуһуола, толорооччу ахсаана хааччахтаммат) Ырыа толоруутун видеоҕа устан ыытаҕыт. 
3. Федор Попов олоҕун туһунан презентация оҥоруу (PowerPoint программа) 
4. Федор Попов олоҕун түгэннэриттэн оҥоһук (Кылааһынан, дьиэ кэргэнинэн, биирдиилээн кыттыахтарын син, матырыйаала көҥүл)
Кыттааччылар: Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах оскуолаларын 1-10 кылаастарын үөрэнээччилэрэ
 Сыанабыл: үлэ 1-4 кылаас, 5-7 кылаас, 8-10 кылаас бөлөхтөрүнэн тус-туһунан сыаналанар. Бары кыттыылаахтарга электроннай туоһу сурук, кыайыылаахтарга – лауреат, дипломан,  анал аат  иҥэриллэн ыытыллар.
Ирдэбилэ: 
Хас биирдии үлэҕэ кыттааччы аата, араспаанньата, оскуолата, кылааһа суруллубут буолуохтаах;
видео уһуна 5 мүнүүтэттэн ордуо суохтаах; 
оҥоһуктары араастаан: хаартыскаҕа эбэтэр видеоҕа түһэрэн, сэтинньи 30 күнүгэр дылы icmygng01@mail.ru аадырыска ыытаҕыт эбэтэр гимназия библиотекатыгар тиксэрэҕит. 
Кыайыылаахтар ааттара, бастыҥ үлэлэр ИЦМ сайтыгар: https://icmygng.blogspot.com, Инстаграмм  @icm_ygng сирэйгэ тахсыахтара





суббота, 16 октября 2021 г.

Саха сиригэр Ийэ күнэ

 

Саха Республикатын Президенын укааhынан 1993 сылтан алтынньы үhүс өрөбүл күнүгэр Саха сиригэр Ийэ күнэ бэлиэтэнэр

Күн ийэ барахсан баар буолан,

Күөх сирэм күргүөмнээн суугунуур.

Алгыстаах аал уоппут оттуллан,

Арчылыыр сылааһа угуттуур.

Айхаллаан күн күбэй ийэни –

Амарах сүрэхтээх киһини...

Национальнай библиотека ийэҕэ аналлаах талыллыбыт айымньылары ааҕарга сүбэлиир.


понедельник, 11 октября 2021 г.

Международный день девочек

 

11 октября отмечается Международный день девочек (International Day of the Girl Child), который был провозглашен Генеральной Ассамблеей ООН в декабре 2011 года в знак признания прав девочек и призывающий сосредоточить внимание на необходимости решения проблем, с которыми сталкиваются девочки во всем мире, и поощрять расширение прав и возможностей девочек, а также осуществление их прав.

Национальная библиотека РС (Я) представляет подборку книг, где главные герои - девочки. Девочки - такие разные: от маленьких малышек до современных подростков,  героев произведений, все они мечтательные принцессы, маленькие и большие, веселые и грустные - всем им есть место в сердцах читателей. 

  • Большой подарок для девочки: красота и уют своими руками! [для старшего дошкольного и младшего школьного возраста]. https://school.e.nlrs.ru/open/52430 
  • Андерсен, Ханс Кристиан. Девочка со спичками: [сказка : для младшего школьного возраста]. https://kids.e.nlrs.ru/open/14409
  • Алаас, Кэтириис. Формирование основ традиционного семейного воспитания девочек: (на примере Респ. Саха ( Якутия). https://school.e.nlrs.ru/open/4084
  • Винокурова, Надежда Алексеевна. Формирование интереса к физической культуре у девочек средствами этнопедагогики : (на примере арктических школ РС (Я). https://school.e.nlrs.ru/open/3604
  • Гуляева, Елизавета Петровна. Саха кыыһа - саҥа үйэҕэ. https://school.e.nlrs.ru/open/47830  
  • Сказки для дочки и сыночка. https://kids.e.nlrs.ru/open/30788
  • Федотова, Мария Прокопьевна. Эбдэки кыргыттара: [кыра саастаах оскуола оҕолоругар остуоруйалар] https://kids.e.nlrs.ru/open/14463
  • Мигалкин, Иван Васильевич. Сардааналаах кыысчаан: (кэпсээннэр, остуоруйалар). https://school.e.nlrs.ru/open/14889
  • Якутскай, Николай. Сир кыыһа. https://school.e.nlrs.ru/open/14352
  • Самостоятельная регистрация на сайте Национальной библиотеки РС (Я): https://e.nlrs.ru/register  

Книгу с закрытым замочком нужно запросить во временный доступ.

Она будет  доступна на 14 дней с правом продления на 3 дня в личном кабинете во вкладке «Мои заказы».                                 

вторник, 14 сентября 2021 г.

САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН СУДААРЫСТЫБАННАҺЫН КҮНЭ

 

 САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН СУДААРЫСТЫБАННАҺЫН КҮНЭ!

1990 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха АССР уон иккис ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларацияны ылыммыта. Бу дьоһун докумуон Саха сирин Арассыыйа Федерациятын састаабыгар судаарыстыба быһыытынан биллэрбитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа Конституциятын (Төрүт Сокуонун) оҥорууга төрүөт буолбута. Итинэн өрөспүүбүлүкэ бэйэтин социальнай-экономическай сайдыытын, нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын тупсарыыга тугу ордук чорботорун, ханнык хайысхалары сүрүн оҥосторун бэйэтэ быһаарынар кыахтаммыта. Ыһыллыы-тоҕуллуу саамай уустук кэмигэр бу Декларация уонна саҥа Төрүт Сокуон норуоту биир санааҕа түмпүттэрэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ чуолаан Декларацияҕа тирэҕирэн итиэннэ Бэрэсидьиэн Михаил Николаев муударай салайыытынан сөптөөхтүк дьаһаммыта уонна атын өрөспүүбүлүкэлэри сэргэ саҥа Арассыыйа тэҥ бырааптаах субъегын быһыытынан Федеративнай дуогабарга илии баттаспыта.

Саха өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 100 сылыгар анаан, Саха өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө «ТУПСА, САЙДА ТУР, САХАМ СИРЭ!» айар үлэ балаһыанньата

понедельник, 13 сентября 2021 г.

Дмитрий Кононович Сивцев - Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 115 сыла

 

Дмитрий Кононович Сивцев -

 Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 115 сыла

Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон – норуодунай суруйааччы, РСФСР, САССР искусствотын үтүѳлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай уонна А.Е.Кулаковскай аатынан Государственнай бириэмийэлэр лауреаттара, СР Бочуоттаах олохтооҕо.

1906 с. балаҕан ыйын 14 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ.Айар үлэтин "Хагдарыйбат ньургуһун" хоһоонунан 1926 с. саҕалаабыта. Маҥнайгы кэпсээнэ «Өлүөнэ өрүс», драмата «Күөх Көппө» эмиэ ити сыл суруллубуттара.«Сордоох суха», «Аанчык», о. д. а. кэпсээннэрэ — классическай айымньылар.Саха драматургиятыгар сүрүн үтүөтэ-өҥөтө «Күкүр Уус», «Айаал», «Сайсары», «Күн күөрэйиэн иннинэ» драмалара. Бу айымньыларга саха үгүс көлүөнэ артыыстара иитиллэн тахсыбыттара. Суорун Омоллоон сахалыы опера, балет сайдалларыгар олук уктээбитэ. Ол курдук кини — саха бастакы «Ньургун Боотур» оператын уонна «Сир симэҕэ» балетын либреттоларын ааптара. Итини таhынан, «Лоокуут уонна Ньургуhун», «Кыhыл Ойуун», «Умуллубат төлөн» опералар, «Хотойдор хоту көтөллөр», «Күн-Куо», «Дьол тааhа» балеттар либреттоларын суруйар. Кини драматург, прозаик уонна поэт быһыытынан биллэр. Оҕо суруйааччытын быһыытынан «Чөөчө» уонна «Чүөчээски» курдук киэҥник биһирэммит кэпсээнинэн айымньылардаах. Саха остуоруйаларын, фольклорун оҕолорго тиэрдээччи, бэртээхэй учебниктары айан, ыччаты иитиһээччи. Чөркөөхтөөҕү политсыылка түмэлин тэрийбитэ. Саха Сирэ нуучча государствотыгар холбоспут кэмин көрдөрөр «Доҕордоһуу» түмэлин уонна Ытык Күөлгэ Хадаайытааҕы түмэли туттарбыта.




пятница, 21 мая 2021 г.

115 лет со дня рождения Николая Ивановича Спиридонова – Тэки Одулока

22 мая исполняется 115 лет со дня рождения Николая Ивановича Спиридонова –  Тэки Одулока (1906-1938)

22 мая исполняется 115 лет со дня рождения Николая Ивановича Спиридонова – Тэки Одулока (1906-1938), общественного деятеля, основоположника юкагирской литературы, учёного-североведа, первого кандидата наук из представителей малочисленных народов Крайнего Севера. Тэки Одулок стал первым северянином, чьи произведения стали известны зарубежному издателю.

📚Национальная библиотека РС (Я) предлагает вам ознакомиться с тематической подборкой «Спиридонов Николай Иванович - Тэки Одулок» https://e.nlrs.ru/collections/2160

Данная подборка включает произведения Тэки Одулока, литературу о жизни и творчестве писателя, переводы произведений, публикации в периодической печати и научные труды.

📘Тэки Одулок. Жизнь Имтеургина старшего https://school.e.nlrs.ru/open/352

📘Тэки Одулок. Улахан Имтеургин олоҕо https://school.e.nlrs.ru/open/339

📘В помощь учителю юкагирского языка и культуры: учебное пособие https://school.e.nlrs.ru/open/10580

📘Хотугу норуоттар культуралара. 3 чааһа. 9-11 кылааска ааҕар кинигэ https://school.e.nlrs.ru/open/3420

📘Тэки Одулок. На Крайнем Севере https://school.e.nlrs.ru/open/359

📘Тэки Одулок. Одулы (юкагиры) Колымского округа https://school.e.nlrs.ru/open/313

📘Николай Иванович Спиридонов - Тэки Одулок. Писатель. Ученый. Общественный деятель: библиогр. указатель https://school.e.nlrs.ru/open/2665

📘Тэки Одулок Юкагирско-русский словарь; Эвенско-русский словарь https://school.e.nlrs.ru/open/6526

🖥️🖥️ Самостоятельная регистрация на сайте Национальной библиотеки РС (Я): https://e.nlrs.ru/register   

🔒Книгу с закрытым замочком нужно запросить во временный доступ.

🔓Она будет  доступна на 14 дней с правом продления на 3 дня в личном кабинете во вкладке «Мои заказы».                                

👩🏻‍💻Консультации по услугам библиотеки вы можете получить с 9 до 17 ч. на сайте в режиме чата https://nlrs.ru  

☎☎по номеру горячей линии: 8 (4112) 45-58-55, +79248601034