Дьокуускай куораттааҕы национальнай
гимназияҕа саха норуотун биллиилээх суруйааччыта Былатыан Ойуунускай 125
сыллаах үбүлүөйүн көрсө ыытыллар тэрээһиннэр тиһигин быспакка бара тураллар,
киэҥ сэҥээриини ылаллар.
Ол курдук, улуу убайбыт Былатыан
Ойуунускай үбүлүөйдээх күнүнэн, биһиги гимназиябыт алгыстаах алаадьынан айах
тутан, үөрэх күнүн саҕалаата. Дьарыктар быыстарыгар оҕолор Ойуунускай
хоһооннорун радионан аахтылар. Учууталлар, үөрэнээччилэр кыттыылаах "Эрдэ
турбут сэһэнэ, Хойут кэлбит хоһооно, Төрүүр ыччат номоҕо" Ойуунускайдыын
кэпсэтии-дьүһүйүү үс төгүллээн үс омук тылынан (сахалыы, нууччалыы, английскайдыы) уһун сынньалаҥнар кэмнэригэр ыытыллан, көрөөччү
сэҥээриитин ылла. Маны таһынан, "Ойуунускайдыын сэһэргэһии" диэн
7"б" кылаас үөрэнээччилэрин хоһооҥҥо холонууларын хомуурунньугун
Галина Семеновна Анисимова хаапыдыраҕа, библиотека-медиатека
кииҥҥэ уонна кылаас салайааччытыгар Екатерина Афанасьевнаҕа үөрүүлээх
быһыыга-майгыга бэлэх уунна.
Маннык
араас хабааннаах тэрээһиннэр үөрэнээччилэр, учууталлар уонна төрөппүттэр
кыттыылаах буоланнар, кэлэр кэнчээри ыччакка суруйааччы умсулҕаннаах олоҕун,
киэҥ далааһыннаах айар үлэтин дириҥэтэн үөрэтэллэригэр олук буолаллар, үтүө аатын үйэтитэллэр.
Хаартыскалары манна көр ⇰