среда, 31 января 2018 г.

“Хомуһун тыл, хомоҕой хоһоон” түһүлгэтин бөлөҕүнэн өйтөн сахалыы хоһоон ааҕыы күрэҕэ


Төрөөбүт төрүт тыл
Сөрүүн сүөгэй курдук
Сүрэҕи-быары сөрүүргэтэр,
Убаҕас отон уутун курдук
Улахан куйааска утаҕы аһарар,
Сырдьыгыныы көөнньүбүт
Сылгы кымыһын курдук
Тостор куйааска тоҕулу ханнарар…
                         А.А. Иванов – Күндэ


Буолар күнэ-дьыла: 13.02.2018с., 14.00 чаастан
Буолар сирэ: аактабай саала
“Хомуһун тыл, хомоҕой хоһоон” түһүлгэтин өйтөн ааҕыы күрэҕэр гимназия 5,6,7 кылааһын үөрэнээччилэригэр ыытыллар.
Сыала-соруга: саха суруйааччыларын хоһоонунан айымньыларын үүнэр ыччакка тарҕатыы, оҕо өйүгэр-санаатыгар иҥэрии; төрөөбүт тылга, литератураҕа тапталы иитии.
Ирдэбиллэр:
1.     Кылаастан 5 уонна онтон элбэх үөрэнээччи бөлөҕүнэн кыттар.
2.     Бөлөх ааҕар хоһооно: төрөөбүт тыл эбэтэр  быйылгы үбүлүөйдээх саха суруйааччыларын хоһоонноруттан буолар.
3.     Ааҕыы 5 мүн. уһуо суохтаах.
Үлэни сыаналааһын:
1.      Ис хоһоонноохтук, хомоҕойдук, дорҕоонноохтук ааҕыы.
2.      Айымньыны бэйэ толкуйунан уус-уран киэргэтии, доҕуһуол.



Тэрийэр бөлөх