среда, 29 марта 2023 г.

Ааҕыы түһүлгэтэ

Гимназиябытыгар ааҕыы түһүлгэтэ буолан ааста

Тыый! Тугун үчүгэйэй, бүгүн биһиэхэ эбээлэрбит кэлбиттэр, сиэннэрин кытта “Тыл дьэрэкээн кустуга” диэн ааҕыы эйгэтигэр бииргэ баар буоллулар. 

А.Г., Н.К.Чирээйптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар Эбээ нэдиэлэтин бу биир сүрүн тэрээһинэ буолар. Бу эрэ буолбатах, “СИТИМ” эбээ түмсүүтэ оҕолоругар саха төрүт үгэһин, туттар тэрилин, малын, иһитин, таҥаһын, саха аһын— сиэр-туом  туһунан бэйэлэринэн кэлэн уруоктары ыыттылар. Ол туһунан син сырдатан турабыт. 

Алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ эбээ сиэнин кытта холбоон (талыллыбыт 9 хамаанда) сахалыы ааҕыы алыптаах түһүлгэтигэр бэйэлэрин тургуттулар. Информационный киин - библиотека үлэһиттэрэ - Анна Афанасьевна Соловьева, Оксана Васильевна Бурнашева бу курдук тэрээһиннэри күннэтэ ыытар үөрүйэхтээх буоланнар, бу да сырыыга оҕолору соһуттулар, уратыларынан болҕомтолорун тартылар. 

Куонкурус оонньуу сиэринэн барда. Саха Автономиятын 100 сылыгар, Саха сирин, саха тылын  историятыттан ыйытыктарга хоруйдаатылар, бэйэбит суруйааччыларбыт кинигэлэрин обложкатынан уонна онно ис ойууларынан бэриллибит пазлы таайдылар, “Таптыыр сахам тылынан” диэн түһүмэххэ хартыынанан кэпсээтилэр, “Сынньана таарыйа” сахалыы таабырыннары, сканворду эбээ сиэнин кытта биир ситимҥэ буолан барытын олус сэргэхтик толордулар.  

Кыайыылаахтары ааттыыр үөрүүлээх түгэммит маннык буолан таҕыста. “Кылаан Чыпчаал”  ааты Олеся Аргунова эбээтэ Октябрина Дмитриевна Пуховалыын ( 1 “В” кылаас), I миэстэ—Нарыйа Романова эбээтэ Зинаида Игнатьевна Лыткиналыын ( 4” В” кылаас) , II миэстэ—Борис Кобяков эбээтэ Любовь Николаевна Иванованы кытта ( 1” Б” кылаас), III миэстэ—Аурелия Евсеева эбээтэ Алла Прокопьевна Евсееваны кытта ( 3 “А” кылаас), Сандаара Захарова эбээтэ Мария Филипповнаны кытта. Грамота , туоһу сурук тутаннар үөрүүлэрэ үрдээтэ. 

—Оҕолоор, көрүҥ эрэ, бу оноолоох сон—саха дьахтарын мааны кэтэр таҥаһынан буолар. Онно бу курдук өттүк симэхтээх, хаппардаах. 

Хаппар диэн тугуй ? 

Бу бэргэһэ—дьабака диэн, ортотугар күннээх. Оттон үтүлүгү көрүөххэ —“уостаах үтүлүк” диэн ааттыыллар. Ити курдук, “Ситим” эбээ түмсүүбүт салайааччыларыттан биирдэстэрэ Алла Прокопьевна Евсеева бэйэтэ кэтэн кэлбит бары симэҕин оҕолорго кэпсии-кэпсии көрдөрдө. Сахалыы алаадьынан күндүлээтэ.  





“Олох үөрэҕэ” норуот педагогикатын киинэ, А.Г.Н.К.Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията.