четверг, 31 октября 2024 г.

Литературный фестиваль"Будь человеком!"

 









29 октября в НПСОШ #2 прошёл муниципальный этап литературного фестиваля "Будь человеком!", посвящённого 225-летию со дня рождения А.С.Пушкина. Учредителем Фестиваля является Управление образования Окружной администрации г.Якутск. Фестиваль проводился по направлениям: Литературно-музыкальная композиция; Литературные пары; Литературные монологи. Учащиеся 6б класса гимназии представили литературно-музыкальную композицию "Времена года в романе "Евгений Онегин", им помогали: с романсом "В лунном сиянии..." Винокурова Лаина, ученица 10в класса, вальс танцевали великолепные Сандаара Данилова, Ярослав Ядреев(11 класс), руководители Илларионова В.И., Федорова Т.Н., Бурнашева О.В. Критерии оценки: -режиссерское решение; -общий уровень исполнительского мастерства; -творческая оригинальность, нестандартность решения; -сценографическое, звуковое и иное образное решение представления; -синтез искусств(музыка, вокал, хореография). По равенству баллов 1 место заняли композиции МОБУ "Якутская городская национальная гимназия" и НПСОШ#2 по повести "Метель". Поздравляем учащихся, учителей, родителей со значимой победой и желаем новых успехов!!! 

среда, 23 октября 2024 г.

Чирээйэптии ааҕыылар

 









Алтынньы ый 19 күнүгэр гимназиябытыгар үгэскэ кубулуйбут «Чирээйэптии ааҕыы» ыытылынна. Ааҕар саалаҕа  «Ааҕыы көлүөнэни ситимниир» сиэксийэтэ буолла. Манна кылаастан төрөппүттэр уонна эбээлэр кыттыыны ыллылар. Дьиэ кэргэн педагога, учуутал, суруналыыс, «Мин эйгэбин» педагогическай мастарыскыай салайааччыта, новатор учуутал, СӨ ытык сүбэтин чилиэнэ, “Ыал үөрэҕэ” кинигэлэр серияларын ааптара Аргунова Любовь Семеновна соргулаах сүбэтин, санаатын иһиттилэр.

Дьиэ кэргэнинэн ааҕыыга үрдүк ситииһиилэрдээх, холобур буолар ыаллар, Люция Ильинична, Михаил Семенович Дедюкиннар (2а,7а кылаас эбээтэ,эһээтэ), кыыстара Надежда Михайловна Дмитриева 2а кылаастан, Зинаида Ивановна Дягилева 6б кылаас эбээтэ, Ирина Гаврильевна Билюкина – эбээ, бэйэлэрин баай уопуттарын кэпсээтилэр. Көрдөрөр-иһитиннэрэр, туһанар  матырыйаалларын дьон сэргээн көрдө-иһиттэ.

Хас биирдии кылаас ааҕыыга аналлаах биир бырайыактаах буоллун, төрөппүт, эбээ, эһээ быһаччы кыттыыны ылаллара биһирэнэр диэн санаалаах сиэксийэ үлэтин түмүктээтэ.

среда, 9 октября 2024 г.

9 октября 2024 года отмечают Всероссийский день чтения.

Этот уникальный праздник посвящён литературе и книгам. Книга — неотъемлемая часть воспитания. Именно литературные герои помогают найти ответы на интересующие вопросы, познать мир и самого себя. С самого маленького возраста детям нужно читать как можно больше. Очень важно, чтобы малыши полюбили это занятие, ведь стимулирует развитие целого комплекса навыков и умений. Читая, ребёнок учится запоминать содержание прочитанного, развивает воображение, представляя себе героев произведений — этим книга выигрышно отличается от мультфильмов, при просмотре которых навязываются готовые зрительные образы и не остается места собственной фантазии. Всероссийский день чтения – прекрасный повод, чтобы познакомить детей с новым произведением. Специально для этого Институт воспитания собрал подборку детских авторов и их произведений

 

четверг, 16 мая 2024 г.

БиблиоКүн


 

Кыайыы күнүнүгэр аналлаах библиотечнай уруоктар

 





Улуу Кыайыы күнүгэр аналлаах библиотечнай уруок.

Дьыллар-күннэр ааһан истэхтэрин аайы Улуу Кыайыы улахан сыранан ситиһиллибитин кэлэр кэнчээри ыччакка билиһиннэрэн, оччотооҕу сэбиэскэй норуот историятыгар саамай хоромньулаах, ыар сүтүктээх, хаан тохтуулаах харах уулаах иэдээннээх сэрии буолан ааспытын санатыах тустаахпыт. Саллааттар хорсун быһыыларын үйэ-саас тухары киэн туттан туран, үтүө өйдөбүл оҥостон үйэтитиэхтээхпит, дьоһуннук чиэстиэхтээхпит. 

Семен Осипович Никифоров – буойун – суруйааччы. Быйыл Семен Осипович Никифоров – буойун – суруйааччы үөрэнээччилэргэ,ааҕааччыларга  тиэрдэр  соруктаах  кини олоҕо, айар үлэтин  сырдатыы буолла. Кыыһа , Аммосова Лидия Семеновна, 2023 сыллаахха “Өлөрү кыайбыттар” диэн тахсыбыт кинигэтин көрдөрүү, билиһиннэрии.

  5 “в” кылаас байыаннай таҥастаах, ырыа хорунан,хоһоон ааҕыынан түмүктээтибит. 8 “б” кылаас саҥа кинигэ ис хоһоонун билэллэрин курдук сэһэргэстибит. Дьиэ кэргэнин архыыбын  матырыйаалын,айымньыларын эдэр ыччакка холобур буолалларын өйдөөтүлэр. Билии-көрүү ылалларын туһугар биктэриинэ ыыттыбыт, көхтөөхтүк кытыннылар.

  Семен Осипович Никифоров олоҕо,айымньылара сэрии тиэмэтин уонна сэрии кэминээҕи бэйэтин көлүөнэтин, дьонун-сэргэтин үлэлэрин ойуулаан көрдөрбүт.

       Үөрэнээччилэрбит, хорсун хоодуот буойун,  холобурунан киэн тутуннулар, үйэлэргэ үтүө өйдөбүл буолуо диэн бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр.

              

среда, 17 апреля 2024 г.

БиблиоКҮН

 

Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн сылынан, өрөспүүбүлүкэбитигэр оҕо саас сылыгар аналлаах 

БиблиоКүн 📚📚📚👫👫👫👨‍👩‍👦‍👦тэрээһиннэрэ

 Буолар күнэ: Ыам ыйын 3 күнэ, ааҕар саала

09-50ч.  «24-үс сирэй» сахалыы, нууччалыы, английскайдыы, китайдыы, французскайдыы дорҕоонноохтук уус-ураннык тута ааҕыы күрэҕэ. (үөрэнээччилэр 24-үс сирэйгэ баар айымньыны арыйан тута ааҕаллар).📖📖📖

Бастакы сменалар – 09 -50ч.-10-30ч.Иккис смена – 14-30ч.-15-10ч.

 12-00ч. «Оҕо мичээрэ» . Оҕо суруйааччыта, бэйээт, тылбаасчыт Иван Васильевич Мигалкин төрөөбүтэ 70 сааһын көрсө  уус-уран ааҕыы уонна уруһуй  күрэҕэ. 1-4 кылаас уонна 5-7 кылаас үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэр кыттыыны ылаллар.

13-00ч. «Айымньыны тыыннааҕымсытыы». Үөрэнээччилэр талбыт айымньыга олоҕуран тыыннаах хартыына оҥорон көрдөрөллөр. Кылааһынан кыттыы биһирэнэр. 

 «Мин сөбүлүүр кинигэм» үөрэнээччи сөбүлээн аахпыт кинигэтин туһунан кэпсиир. Видеоҕа (уһаабыта 3 мүн.) устан ыытар. (Сахалыы, нууччалыы тылынан талан кэпсиэххэ син. Видеону муус устар 29 күнүгэр диэри icmygng01@mail.ru почтаҕа ыытаҕыт).

«Бэйэ илиитинэн тэттик кинигэ» - «Книжки самоделки». 📚📚📚Дьиэ кэргэнинэн араас матырыйаалы туһанан бэйэ тэттик кинигэтин оҥоруу. Кинигэлэри Муус устар 29 күнүгэр диэри библиотекаҕа тиксэрэҕит.